Олоҥхо ыһыаҕын сонуннара: Олоҥхо Омар Хайям тылынан саҥарда

04.07.2025
IMG_9491.jpeg“Олоҥхону ааҕабыт” диэн марафон быйыл Олоҥхо ыһыаҕар төрдүс төгүлүн ыытыллар.
Олоҕурбут усулуобуйатынан, 100 киһи П.А. Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотун икки күн устата, быспакка-тохтоппокко, утум-ситим бэйэ-бэйэлэрин салҕаан иһэн, барытын ааҕан бүтэриэхтээхтэр.

Бу бырайыагы сэргээн, Ил Дархан Айсен Николаев, Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Сергей Местников, култуура миниистирэ Афанасий Ноев, Нерюнгри оройуонун баһылыга Роман Щегельняк көрөн-истэн бардылар.

Сиһилии: https://blogi.nlrs.ru/93902/131350