«Тобуруокап көмүс күһүнэ» ыҥырар

29.08.2024
WhatsApp Image 2024-08-29 at 09.42.13.jpeg

Бу сыл балаҕан ыйын 6-7 күннэригэр Үөһээ Бүлүү улууһун Нам нэһилиэгэр саха норуодунай бэйиэтэ П.Н. Тобуруокап түмэл-уһаайбатыгар VIII өрөспүүбүлүкэтээҕи айар куттаах хоһоонньуттар көҥүл түһүлгэлэригэр Саха сирин хоһоон айааччыларын ыҥырабыт.

«Тобуруокап көмүс күһүнүгэр» үгэс курдук улуу бэйиэт өйдөбүнньүгүн иннигэр бэйэ хоһооннорун ааҕыы, суруйааччылар маастар кылаастара, тылбаас киэһэтэ, сахалыы кинигэлэр быыстапкалара, кинигэ атыыта, хоһоонунан сахалыы хоһуйсуу, кутаа тула истиҥ көрсүһүү, ырыа-тойук, түүҥҥү балыктааһын ыытыллыахтара.

Ыраахтан кэлбит ыалдьыттарга буфет, хонор сир удамыр төлөбүрдээх.

Тэрийээччилэр: П.Н. Тобуруокап оҕолоро, аймахтара, Нам нэһилиэгин дьаһалтата, Намнааҕы П.Н. Тобуруокап аатынан түмэл-библиотека, Үөһээ Бүлүүтээҕи кииннэммит библиотека ситимэ.

Билсэр төлөпүөн: Нам нэһилиэгин дьаһалтата — 8(41133) 2-51-42, Үөһээ Бүлүүтээҕи кииннэммит библиотека — 8 (41133) 4-12-28; 89142286040, e-mail vvlib@mail.ru.



Рубрики