Николай Тарскай төрөөбүтэ 100 сылын көрсө тахсыбыт кинигэлэр
16.05.2024
Саха сиригэр физкультураҕа күргүөмнээх хамсааһыны төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, өрөспүүбүлүкэҕэ көҥүл тустуу сайдарыгар сүҥкэн өҥөнү оҥорбут, 1955-1959 сылларга Саха АССР успуорт кэмитиэтин салайааччытынан үлэлээбит Николай Николаевич Тарскай төрөөбүтэ 100 сылын көрсө тахсыбыт кинигэлэри көрүҥ. Бу кинигэлэри Национальнай библиотека Кыраайы үөрэтэр национальнай кинигэ салаатыгар ааҕыахха сөп.
Николай Тарскай : [ахтыылар] / хомуйан оҥордулар: Н. И. Мордовская, П. С. Павлов. – Дьокуускай: Айар, 2024.
«Республика чулуу дьоно» сиэрийэнэн тахсыбыт кинигэҕэ Саха сиригэр физическэй култуура уонна успуорт сайдыытын төрүттээбит, Саха АССР миниистирдэрин Сэбиэтин иһинэн физическэй култуураҕа уонна успуорка кэмитиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Николай Николаевич Тарскай олоҕун уонна үлэтин туһунан кэпсэнэр. Кини дакылааттара, киин уонна олохтоох бэчээккэ тахсыбыт ыстатыйалара, бииргэ үлэлээбит, алтыспыт үөлээннээхтэрин, биир дойдулаахтарын, аймах-билэ дьонун ахтыылара киирдилэр. Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.
Н.Н. Тарскай хаан-уруу балтын сыдьааннара: [ахтыылар] / хомуйан оҥордо П. М. Данилова. – Дьокуускай: Дани-Алмас, 2024.
Кинигэҕэ биллиилээх судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэл, 1955-1959 сс. өрөспүүбүлүкэҕэ физкультурнай уонна спортивнай хамсааһыны төрүттээччи Николай Николаевич Тарскай ийэтинэн бииргэ төрөөбүт соҕотох балтын – Дьоруой-ийэ Мария Евсеевна Нестерева олоҕун илгэтэ, убайын туһунан сылаас өйдөбүлэ суруллар. Киһи төһө да атын ыалга иитилиннэр, хаанынан утума-удьуора сотуллубатын туоһулуур кинигэ. Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.
2024 сыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан биллэриллибитэ. Ол чэрчитинэн тахсыбыт кинигэлэр:
«Дьиэ кэргэн - биир сомоҕо» : Мэҥэ Хаҥалас улууһун төрөппүттэрэ оҕону үлэнэн иитиигэ анаммыт бырайыактара / хомуйан оҥордо Т. И. Артемьева. – Дьокуускай: Сайдам, 2024.
Мэҥэ Хаҥалас улууһугар 2016 сылтан Татьяна Ивановна Артемьева ааптардаах улуус төрөппүттэрин «Дьиэ кэргэн - биир сомоҕо» бырайыактара үлэҕэ киирбитэ. Кинигэҕэ элбэх бырайыактан чэгиэн доруобуйалаах, сиэрдээх иитиилээх, саха сатыырын сатыыр киһи иитиллэн тахсарын көрдөрөр, ситиһиилээх бырайыактар талыллан киирдилэр. Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.
Уоттар / хомуйан оҥордулар: Ю.Н. Алексеев, Ю.Н. Иванов; киирии тыл Ю.Н. Алексеев. – Дьокуускай: Дани-Алмас, 2024.
Кинигэҕэ Ньурба улууһун Хаҥалас нэһилиэгин кэпсээҥҥэ киирбит ытык-мааны, үлэһит үтүөтэ, элбэх оҕолоох Алексеевтар-Уоттар тустарынан кэпсэнэр. Бу үтүө дьон туһунан кинилэри кытта алтыспыт доҕотторун, биир дойдулаахтарын, оҕолорун, сиэннэрин, аймахтарын ахтыылара түмүллэн киирдилэр. Хомуйан оҥордулар Уот уола Ньукулай улахан уола Юрий Николаевич Алексеев, Ньурба оройуонун, Хорула нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Юрий Наумович Иванов. Ааҕааччы киэҥ эйгэтигэр ананар.
Книга жизни моих родителей: [воспоминания]/составитель К.Н. Сивцева. – Якутск: Дом печати, 2024.
При рождении у человека появляются два крыла: отец и мать. Эти два крыла поддерживают своего ребенка на протяжении всей его жизни. Эта книга о родителях, об истории семьи Алексеевых на долгую память потомкам. Матери Анастасии Николаевны – почетного гражданина Усть-Алданского улуса, заслуженного работника культуры РС(Я), отличника культуры СССР и об отце Николае Николаевиче – ветеране тыла и труда, ветеране государственной службы и журналистики, члене Союза журналистов России.
Книга предназначена для широкого круга читателей.
Аҕа уустара : аймахтар/ И.И. Каженкин-Xaahax Уйбаан. - Дьокуускай: Ситис, 2024.
Иван Иванович Каженкин-Хааһах Уйбаан бу үлэтэ кыахтаах эр дьон аҕа уустарын саҥалыы тэрийэллэригэр көмө буоларга ананан суруллубут. Ааптар бэчээккэ тахсыбыт атын үлэлэрин барытын Национальнай библиотека сайтыттан, Сахалыы бикипиэдьийэттэн уонна ааптартан бэйэтиттэн ылан туһаныахха сөп. Ааҕааччы киэҥ эйгэтигэр ананар.
Варвара Илистярова, Национальнай библиотека Кыраайы үөрэтэр национальнай кинигэ салаатын библиограба.
Рубрики