Ыйдарынан туомнар: Олунньу - Одун Хаан ыйа

01.02.2024

WhatsApp Image 2024-02-01 at 16.10.07.jpeg


Тылым утума 
Уларыйбатын,
Санаам ситимэ 
Быстыбатын.
Дом!

Олунньу диэн онус ый. Уон — бүтүү бэлиэтэ. Түҥ өйдөбүлүнэн олунньу төгүрүк сыл тиһэх ыйа. Төгүрүк сыл xapaҥa, тымныы аҥаара — эргэ дьыл бүтэр. Олунньу 11 күнүгэр былыргылар Ынах таҥарата диэни бэлиэтииллэрэ.

Олунньу 12 күнүгэр Дьыл oҕyhyн биир муоһа тостор. Олунньу 24 күнүгэр иккис мyoha туллар. Айыы үөpэҕэ этэринэн, олунньуга Одун чугаһыыр. Одун ахсыс халлаан айыыта буолар. Кини Орто дойду буор кута буолар. Одун — төрүт буор кут. Халлаан эттиктэрин, киһи бодотун Одун үөскэппит.

Одун суолтата: алгыска мэлдьи Одун Хаан oҥоһуута диэн ахтыллар. Онон Одун Хаан Дьылҕа Хаан курдук дьылҕаны оҥорор эбит. Ол гынан баран, Одун Хаан Дьылҕа Хаантан уратылаах. Дьылҕа Хаан суолтата - билиини таһаарыы. Оттон Одун дьылҕа дьиҥнээҕин оҥорор.

Одун киириитэ: Одун киирэр ньымата элбэх. Таас улаатар, чээн-чээчик, мас-от үүнэр. Ити Одун киирбитин туоһута. Одун бэйэтин күүһүн Үрүҥ Айыыттан ылар. Үрүҥ Айыы алгыһы биэрэр. Алгыс түмүллэн Одун күүһэ буолар. Чиҥээһин үөскүүр.

Одуну бэлиэтээһин: Одуҥҥа анаан сүрү күүһүрдүү туома ыытыллар. Маныаха өйү-санааны күүһүрдүү тыл хомуһунан оҥоһуллар. Киһиэхэ тиийимтиэ тылы хомуһуннаах тыл диибит. Быһалыы эттэххэ, тиийэр уонна тиийбэт тыллар бааллар. Тиийэр тыл иччилээх буолар. Тыл иччилээх буоларын наадатыгар ураты турук үөскүүр. Ону этиттэрии дииллэр. Холобур, өбүгэлэри үтүктүү (оһуохай, тойук, хомус, о.д.а.)— этиттэрии көрүҥэ. Этиттэрии — ол аата бэйэ нөҥүө түгэхтээҕи, дириҥ олохтооҕу саҥарыы. Алгыстар — ол аата, хомуһуннаах тыллар. Хомуһун илдьэ сылдьар тыл элбэх. Олортон биирдэстэрэ «дом» диэн. Олунньу ый хомуһуннаах тылларыттан биирдэстэрэ — Дом . Тугу эмэ санаан, сүрүн сорук оҥостон баран, толорорго дьулуһуугун чиҥэтэн «Дом» диэхтээххин.

Одун чугаһыыр ыйыгар кырдьаҕастары бэлиэтээһин, тыл бырааһынньыга ыытыллыахтаахтар. Күпсүүр тыаһыахтаах, арчылааһын барыахтаах.

Ити курдук СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, кут-сүр түсчүтэ Анатолий Павлов-Дабыл «Ыйдарынан туомнар» диэн кинигэтигэр суруйар. 

 

Рубрики