«Чолбон» сурунаал литература кириитикэтигэр сабыылаах күрэһин кыайыылаахтара билиннилэр

19.01.2024

img-20240117-wa0006.jpg

«Чолбон» сурунаал эрэдээксийэтэ 2023 сылга П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, ХИФУ доцена, саха уус-уран литературатын кириитикэтин историятын чинчийээччи, уус-уран литература кириитигэ В.Н. Протодьяконов кэриэһигэр уус-уран литература кириитикэтигэр сабыылаах күрэһи үһүс төгүлүн ыытта.

Сааһынан уонна айар-чинчийэр таһымынан хааччаҕа суох сабыылаах күрэскэ уус-уран литература биир уустук уонна ураты салаатыгар – кириитикэҕэ 22 үлэ киирдэ. Саха литературатын кэрэхсээччилэр бэл ыраах сытар Орто Халыматтан, ону тэҥэ Сунтаар, Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Бүлүү, Томпо, Таатта, Чурапчы, Горнай улуустарыттан уонна Дьокуускайтан кытыннылар. Ол иһигэр М.К. Аммосов аатынан ХИФУ биэс устудьуона уус-уран литература кириитикэтигэр бэйэтин кыаҕын холонон көрбүт. Икки үлэ күрэс балаһыанньатыгар сөп түбэспэтинэн, биир үлэ ситэтэ суоҕунан сыаналаммата. Онон сурунаал бас эрэдээктэрэ Гаврил Андросов, кириитикэ уонна библиография салаатын эрэдээктэрэ Рустам Каженкин, эрэдээксийэ сүбэтин чилиэнэ Ангелина Шадринова-Суоһааны, филология наукатын кандидата Саргылаана Ноева састааптаах, эппиэттиир дьүүллүүр сүбэ 19 үлэттэн бастыҥнары быһаарда. Сэкирэтээринэн эрэдээксийэ эппиэттиир сэкирэтээрэ Туйаара Павлова үлэлээн күрэс сабыылаах буоларын тэрийдэ.

cholbonnor.jpg

Мантан аллараа В.Н. Протодьяконов кэриэһигэр уус-уран литература кириитикэтигэр сабыылаах күрэс дьүүллүүр сүбэтин чилиэннэрэ санааларын үллэстэллэр:

Гаврил Андросов, «Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрэ уонна Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ:

– Литература кириитикэтэ – литература уонна наука икки ардыгар турар айар үлэ. Суруллар уратытынан публицистикаҕа уонна суруналыыстыкаҕа чугас. Литература теориятыгар уонна историятыгар, философияҕа, эстетикаҕа тирэҕирэр уонна история, политология, тыл үөрэҕин, текстология, библиография курдук наука эйгэлэрин кытта быһаччы ситимнээх. Онон кириитиктэн литература теориятын уонна историятын билиини сэргэ, философтыы көрүү, тылы билии, эстет буолуу уонна бигэ гражданскай позиция ирдэнэр. Ол иһин литература кириитигэ – “штучный товар”. Ол курдук, нуучча литературатыгар кириитикэ корифейынан В.Г. Белинскэйи билинэллэр. Саха литературатыгар кириитикэ ХХ үйэ 20-с сылларыгар үөскээбитэ, бу жанры саҕалааччыларынан В.Н. Леонтьев уонна М.И. Шадрин-Налтан буолаллар. Саха литературатыгар нэһилиэстибэ боппуруоһун тула барбыт өр кэмнээх политикалыы уонна идеологиялыы солотуулаах мөккүөртэн Г.П. Башарин, Е.П. Шестаков-Эрчимэн, В.Н. Протодьяконов курдук сомоҕо кириитиктэр буһан-хатан тахсыбыттара. Саха литературатын кириитикэтин сайдыыта биһиги сурунаалбытын кытта быһаччы ситимнээх.

Аныгы кэмҥэ бу хайысхаҕа үлэлэһэр дьон аҕыйаан литература, искусство дьаалатынан баран муомурар, мөлтүүр суолга үктэммитэ. «Чолбон» сурунаал эрэдээксийэтэ 2019 сыллаахха саха литературатыгар кириитикэни сөргүтэр, саҥалыы тыынныыр санааттан бу сабыылаах күрэһи тэрийбиппит. Онуоха, үгүс көлүөнэ суруйааччылары, суруналыыстары уонна саха тылын учууталларын уһуйбут учууталбыт Баһылай Бырдьахаанап сырдык аата тирэх бэлиэнэн буолбута. Быйылгы үлэлэртэн көрдөххө, кыттыы географията кэҥээбитин, кыттааччы эбиллибитин уонна, сүрүнэ, орто таһым сырыы ахсын үрдүүрүн бэлиэтээтим. Ону сурунаалга бэчээттэнэргэ тоҕус үлэ мэктиэлэммитэ да ырылхайдык көрдөрөр. Урукку күрэстэр кыайыылаахтарыттан Ольга Макарова ыстатыйаларын хомуурунньугун таһаарда, литературовед Саргылаана Ноева быйылгыттан күрэс дьүүллүүр сүбэтигэр киирдэ. Быйылгы күрэс кыайыылаахтарынан уруккуттан кыттар дьон буолуталаабыттара, таһым баарын, түбэһиэх киһи ааспатын туоһута. Ол эрээри, саҥа ааттар суох буолбатахтар. Бу хайысха сайда турарын бэлиэтэ.

Ангелина Шадринова-Суоһааны, «Чолбон» сурунаал эрэдээксийэ сүбэтин уонна СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэннэрэ:

– Кириитикэ үлэтигэр суруйааччы, ааҕааччы уонна ырытааччы үс ситимэ барыта көстүөхтээх. Оттон бу үлэлэргэ үксүгэр ырытар дьон ааҕааччыга анаан суруйбут курдуктар. Биир да үлэҕэ суруйааччыга бэйэтигэр туһаайыллыбыт ырытыы суох. Ырытааччы суруйааччыны пъедесталга туруоран баран алларааттан көрөн чинчийиэ суохтаах. Бэл диэтэр Толстой, Достоевскай тыыннаахтарыгар ырыталларыгар сүрдээҕин итэҕэстэрин-быһаҕастарын ыйаллар эбит. Саха литературатыгар Амма Аччыгыйа бэйэтэ эппитэ баар: «Норуодунай буоллубут да, биһиги өрүү хайҕабылга сылдьыа суохтаахпыт, ол сыыһа». Ордук чуолаан эдэр, саҥа саҕалыыр суруйааччылар итэҕэстэрин истэргэ дьулуһуохтаахтар. Кинилэр сайдалларыгар, кыахтара кэҥииригэр туохтара сиппэтэҕин, кыайтарбатаҕын этии хайаанда баар буолуохтаах. Оттон ырытааччы айымньыны хайдах баарынан сыаналыырга дьулуһуохтаах. Суруйааччыга комплиментарнай сыһыан кини айар үлэтигэр мэһэйдээх дии саныыбын. Онон маннык сабыылаах күрэс ыытыллара сүрдээх туһалаах. Ким суруйбутун билбэккэ олорон сыаналыыр судургу уонна сөптөөх. Суруйааччыны төһө да таптаабытыҥ, сөбүлээбитиҥ үрдүнэн туох, ханнык иннинэ айымньытын таһымын көрүллүөхтээх дии саныыбын. Итиннэ үгүстэр кириитикэ диэн тугун өйдөөбөттөрө, биһиэхэ кириитикэ культурата сайдыбатаҕа эмиэ көстөр. Онтон ырытыы диэн анаарыы – киэҥ, дириҥ буолуохтаах буоллаҕа дии. Ирдэбилэ улахан уонна үрдүк. Бу культура биһиэхэ кыра-кыралаан сайдыах кэриҥнээх. Күрэскэ киһи сэргиирэ-сэҥээрэрэ диэн саха литературатын кэрэхсээн ааҕар уонна бэйэлэрин санааларын этиниэн баҕалаах дьон эбиллэн иһэллэрэ биһигини үөрдэр. Уонна литература сайдыытыгар маннык дьон санаалара көмө буолар. Тэрийээччилэр «уус-уран литература кириитикэтин ирдэбиллэригэр сөп түбэһиитэ» диэн ирдэбили киллэрбиккит олус үчүгэй.

Саргылана Ноева, филология наукатын кандидата, Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах норуоттар проблемаларын институтун үрдүкү научнай үлэһитэ:

– Саха литературатын сайдыытыгар коммуникация, ситимнэһэн үлэ элбэҕи быһаарар. Литература хаачыстыбата суруйааччыттан (ааптартан) эрэ тутулуктаммат. Манна кинигэни бэчээттээччи, кириитик, литературовед уонна, биллэн турар, ааҕааччы кыттыгас үлэлэрэ көстөр. Биллиилээх кириитик, саха интеллигенциятын литератураҕа нэһилиэстибэтин сырдатыыга уһулуччу оруоллаах В.Н. Протодьяконов аатынан «Чолбон» сурунаал кириитикэҕэ сабыылаах күрэһигэр эксперт быһыытынан үлэлээтим. Маннык күрэс ыытыллара литератураҕа дьон-сэргэ болҕомтотун тардар, ааҕыы култууратын үрдэтэр, кириитиктэр үүнэн тахсалларыгар төһүү буолар. Быйыл ааптардар балачча таһымнаах үлэлэринэн кытыннылар. Маныаха кириитик айымньы суруллан тахсар төрүөттэрин өйдүүрэ, билим тиэрминнэрин табыгастаахтык туттара, литература сайдар сокуоннарын билэрэ сыаналанар. Күрэс биир сүрүн соруга – сахалыы тылынан билим истиилин бигэргэтии дии саныыбын. Онуоха бу күрэс хас биирдии кыттааччыта сахалыы кэрэхсэбиллээхтик, сатабыллаахтык суруйара-бичийэрэ, ырытара болҕомтону тардыахтаах. Маны тэҥэ күрэскэ университет устудьуоннара сырыы аайы кытталлара хайҕаллаах. Ыччат литература эйгэтигэр хото киирэрэ, төрөөбүт литературабытыгар ытыктабыллаах сыһыана саха тылын сарсыҥҥытыгар биир сүрүн олук буолар.

Рустам Каженкин, кириитикэ уонна библиография салаатын эрэдээктэрэ, Россия суруйааччыларын чилиэнэ:

– Быйыл киирбит үлэлэр – бары кэриэтэ суруйааччыны өйдүү сатыыртан ааһан, биир кэм сиэрэ суох хайҕаан кэбиһэр суруйууларга чугастар. Онон ортотун тутуһуу суох буолан эрэр. Сатаан хайгыыр эмиэ сатабыл буоллаҕа. Аһара түһэн сиэрэ суох хайҕабыл туох да үчүгэйи аҕалбат, төттөрүтүн, абааһы көрүү эрэ санаатын үөскэтиэн сөп. Иккис санаа – кириитикэлии ырытыыны литературоведтыы ырытыы баһыйа туппута көстөр. Инньэ гынан кириитикэлии санаа литература теориятын айымньы нөҥүө тургутан көрүүнэн муҥурданан хаалар түгэннэрэ бааллар. Ол эрэн маннык ырытыылары сатыыр үөрүйэх баар буолан, биһиги күрэспит инникитин кириитикэ дьиҥ төрүттэригэр тахсыан сөп курдук. Ону кэм-кэрдии көрдөрөн иһиэ дии саныыбын. Үсүһүнэн, тэрээһиммитин тупсарар инниттэн, Василий Никитич ырытыыга болҕомто уурар санааларын сүүмэрдээн, күрэс сүрүн тирэхтэрин оҥорон, балаһыанньаҕа киллэриэххэ сөп эбит. Холобура, кини саамай туттар этиилэриттэн биирдэстэрэ: «Ким да диэки буолбат кыларыйан турар кырдьык» диэн Алампа тыла этэ. Айымньы ырытыллар буоллаҕына бары өрүтүн холбуу тутан көрүү инникитин сайдыах тустаах.

В.Н. Протодьяконов кэриэһигэр уус-уран литература кириитикэтигэр сабыылаах күрэс кыайыылаахтара:

I миэстэ Светлана Самсонова-Ноотуу (Кэбээйи, Мукучу)

II миэстэ Светлана Винокурова-Сырдаана (Томпо, Мэҥэ Алдан)

III миэстэ Инара Федорова-Талбаана (Дьокуускай куорат)

«Кэскиллээх кириитик» анал аат Сардаана Томская-Наана (М.К.Аммосов аатынан ХИФУ РФ ХИНТуоКИ 5 кууруһун устудьуона).

«Уһун тиһиккэ» киирэн «Чолбон» сурунаалга бэчээттэнэргэ мэктиэлэннилэр: Бурхалей Макаров-Эркин (Үөһээ Бүлүү, Үөдүгэй), Галина Неустроева-Чуумпу (Таатта, Баайаҕа), Изабелла Ноговицына-Дойдууна (Орто Халыма, I Хаҥалас), Лена Романова-Санаа күүһэ уонна Василиса Шишигина-Аана Хойутаанаба (иккиэн Дьокуускайдар).

«Чолбон» сурунаал тэрийэр уус-уран литература кириитикэтигэр сабыылаах күрэһин «Саха сирин суруйааччыта» ассоциация (бэрэссэдээтэл Олег Сидоров) уонна В.Н. Протодьяконов аймахтара (сүрүннээччи Михаил Протодьяконов) кытта бииргэ саҕалаабыта, кэлин кириитик төрөөбүт дойдутун Чөркөөх нэһилиэгин дьаһалтата (баһылык Андрей Семенов) кыттыста. Кыайыылаахтары бэлиэтээһин олунньу ыйга Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик декадатын чэрчитинэн барыаҕа.


«Чолбон» сурунаал эрэдээксийэтэ.

Рубрики