«Сахалыы дьыктаан» кыайыылаахтара билиннилэр
29.02.2024
Бүгүн, олунньу 29 күнүгэр, «Сахалыы дьыктаан» түмүгэ билиннэ.
Ол курдук бастыҥ үлэлэри талан, бу курдук наардаатыбыт.
«Бастыҥтан бастыҥ суруксут» буолла:
1. Гаврил Торотоев
«Үчүгэй суруксуттар»:
1. Абрамова Сардана,
2. Афанасьева Сардаана,
3. Бетюнская Екатерина,
4. Борисова Кюна,
5. Заморщикова Нюргустана,
6. Кузьмина Прасковья,
7. Кычкина Оксана,
8. Постникова Лилия.
Кыттыбыт дьоҥҥо барыларыгар туоһу сурук, бастыҥ үлэлээхтэргэ бэлэх туттардыбыт.
«Сахалыы дьыктааҥҥа» үһүс төгүлүн кытынным. Быйылгы үбүлүөйдээх сылга хайаан да, туохпун барытын быраҕан туран кыттыахтаахпын диэн кэлбитим. «Үчүгэй суруксут» диэн үрдүк ааты ылбыппыттан үөрдүм. Саха тылын, айымньыларын таптыырга биһиэхэ, сиэннэргэ, эһэбит, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Алексей Алексеевич Федоров уһуйбута. Оҕо эрдэхпититтэн саха суруйааччыларын айымньыларын остуолга төгүрүччү олордон доргуччу аахтарара», - диэн дьыктаан кыттыылааҕа, «Анаабыр алмаастара» тэрилтэ үлэһитэ Сардана Афанасьева кылгастык кэпсээтэ.
Санатар буоллахха, олунньу 17 күнүгэр Национальнай библиотека уонна ХИБҮ Арассыыйа Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтэ өрөспүүбүлүкэтээҕи «Сахалыы дьыктаан» аахсыйаны үбүлүөйдээх онус төгүлүн тэрийэн ыыппыттара, 60-тан тахса киһи библиотекаҕа кэлэн кыттыбыта. Дьыктаан тиэкиһэ Иван Федосеев-Доосо «Олоххо эргиллии» айымньытыттан ылыллыбыта.
Национальнай библиотека Медиа киинэ.
Рубрики