Сахалыы дьыктаан тиэкиһэ

21.02.2024


WhatsApp Image 2024-02-21 at 11.56.58.jpeg


  ОЛОХХО ЭРГИЛЛИИ

Эн Нуһаркаҥҥа сылдьыбытыҥ дуо? Сылдьыбатах буоллаххына, Саха сирин аарыма дохсун айылҕатын өссө ситэ көрбөтөххүн, кини сүрэҕи-быары арыт сылаанньытар, арыт өрүкүтэр ыллам ырыатын өссө ситэ истибэтэххин.

Нуһаркан диэн дойду ахан буоллаҕа эбээт!

От ыйын өҥүрүк куйааһын саҕана онно үүнүүлээх да үүнүүлээх оту охсон куһуйа туруохтара. Ол аттыгар сайыннары ирбэт муус булгунньах өрө үллэ, сааскы хомураҕы саната сытыа. Хайалар тэллэхтэрэ күөх торҕонон симэниэхтэрэ. Оттон чыпчааллара хаар үллүктэрин саптан, абына-табына былыттаах киэһэ күн саһарҕатыттан кыыһан, араас өҥүнэн арылыһа оонньуохтара...

Сибилигин аҕай таастар быыстарынан тамнааттана сытар кыракый үрэхчээни атыллаан дуу, кэһэн дуу туоруоҥ. Сотору буолаат, бэргэһэ саҕа былыт өрө көтөн тахсан, хайалартан тайанан туран, ардаан ньирилэтиэ. Оччоҕо били үрэхчээниҥ толору томтоһуйуо, халыан сүүрүктэнэн халыһыйыа, төһө да түгэҕэ көстө сыттар, оломноон туоруур туһунан ончу санаабатаххына сатанар: ситэ иккитэ атыллаппакка эрэ умса сөрүөҕэ, көһөҥө таастарга илдьиритэ сабыаҕа... Дьэрэлэ өрүс Нуһаркан хайаларын бары үрэхтэрин, үрүйэлэрин уутун үмүрү тардан, ааттаах ат тамайа сиэлэр түргэнинэн устан дьэрэлийэр. Арыт, уордайдаҕына, сүүнэ улахан тирэх мастары сиҥнэритэ сынньан хоту байҕал диэки утаарар... Таарыччы эттэххэ, таайылла илик таабырыннаах аатырбыт Айбаҥда күөл эмиэ бу Нуһаркаҥҥа баар эбээт.

Кыһынын да дьикти сир. Киһи сирэйин уотунан салаамахтыыр тыйыс тымныы онно түһэр. Үрэхтэр халыҥ муус сабыыларны хайыта тэбэн, тарыҥ уулара халыһыйа усталлар, үп-үрүҥ туманынан үллэллэр. Эбэтэр үрдүк мөҥүөн хайалартан халҕаһа хаар сууллан, кыбычаан үрэхтэринэн икки атахтаах сылдьыбыт гына, эпсэри быһыттыыр.

 

(Иван Федосеев-Доосо, 213 тыл)

Рубрики