«Аман өс» күрэх кыайыылаахтара быһаарылыннылар
Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүн көрсө Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Аман өс” араатардар күрэхтэрэ бүгүн, олунньу 9 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай библиотекатыгар ыытылынна.
Күрэххэ Мэҥэ Хаҥаластан, Үөһээ Бүлүүттэн, Бүлүүттэн, Намтан, Тааттаттан уонна Сунтаартан уонна Дьокуускай куораттан 36 эдэр киһи кытынна.
Күрэх икки түһүмэҕинэн ыытылынна. Иккис түһүмэххэ тоҕус бастыҥ этээччи ааһан, үс кыайыылаах аата ааттанна, ону таһынан “Сайдам этээччи”, “Кэскиллээх этээччи”, “Биһирэмнээх этээччи” диэн анал ааттары уонна урбаанньыт, 2001 сыллаахха “Аман Өс” кыайыылааҕа Геннадий Жирков анал бирииһин 5 тыһыынча солк., тыл билимин дуоктара, литературовед Варвара Окорокова ааптар илии баттааһыннаах тус кинигэтин уонна 5 тыһыынча солк. туттардылар.
Бастакы миэстэни – Дархан этээччи аатын А.Д.Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы култуура уонна ускуустуба кэллиэһин устудьуона Семен Павлов, иккис миэстэни – Өркөн этээччи ааты Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн устудьуона Никита Аянитов ыллылар, үһүс миэстэ – Хомоҕой тыллаах этээччи И.Е. Винокуров аатынан Намнааҕы педколледж устудьуона Матрена Пестрякова буолла.
Ону таһынан “Сайдам этээччи” анал ааты С.Ф. Гоголев аатынан Дьокуускайдааҕы педколледж устудьуона Оксана Петрова, “Кэскиллээх этээччи” П.П. Романов аатынан Дьокуускайдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр училище устудьуона Мукучу-Унаар Егоров, “Биһирэмнээх этээччи” – И.Е. Винокуров аатынан Намнааҕы педколледж устудьуона Айыына Иванова, Геннадий Жирков анал бирииһин Матрена Пестрякова, Варвара Окорокова анал бирииһин Никита Аянитов ыллылар.
Араатардар "Төрүттэрим - мин күүстэрим", "Ийэ тылбыт этигэн кэрэтэ", "Дьол диэн тугуй?", "Успуорт киһи олоҕор суолтата", "Үлэ киһини киэргэтэр", "Кинигэ мин олохпор", "Мин сахабын", "Тыа сирэ дойдуга тыын суолталаах", "Саха тылын сарсыҥҥыта" диэн тиэмэлэринэн бэриллибит бириэмэҕэ кэпсээтилэр. Иккис түһүмэххэ оҕо саас туһунан тута, бэлэмнэниитэ суох санааларын сааһылаан эттилэр.
“1996 сыллаахха, өрөспүүбүлүкэбит бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев ыйааҕа тахсыаҕыттан, төрөөбүт тылы өрө тутууга, саха тыла судаарыстыбаннай статуһун олоххо киллэрэргэ үлэ-хамнас балачча баран иһэр. 1996 сыллаахха Национальнай библиотека аактабай саалатыгар Юрий Иванович Васильев көҕүлээһининэн, Валентина Николаевна Павлова сүүрэн-көтөн тэрийиитинэн өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастакытын Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүн үрдүк таһымнаахтык ыытарга үлэлэспиппитинэн киэн туттабын. Үгэскэ кубулуйбут тэрээһиммит - "Аман өс" араатардар күрэхтэрэ эмиэ 1996 сылтан саҕаламмыта. Бүгүн элбэх ыччат сахатын тылын өрө тутан, ыраастык саҥарарга-иҥэрэргэ дьулуһар буолан, "Аман өс" күрэхпитигэр кэлэн кыттыбытыгар махтанабын!”, - диэтэ Ил Дархан уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын Тыл сайдыытын боппуруостарын сүрүннүүр дьаһалта салайааччыта, тыл билимин хандьыдаата Римма Жиркова.
“Аман өс” күрэххэ оскуола эрдэхпиттэн улууспар кыттабын, бэйэм Муома улууһун Хонуу сэлиэнньэтиттэн сылдьабын, билигин Бүлүүтээҕи педколледж алын сүһүөх учууталларын бэлэмниир салаатыгар үөрэнэбин. Бу бүгүн аан бастакыбын өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэххэ кэллим, олус долгуйдум, оҕолор наһаа үчүгэйдик саҥараллар эбит. Учууталым – саха тылын учуутала - Мария Андреева Софронеева бэлэмнээтэ. Төрөөбүт тылбын таптыыр, харыстыыр буолан, ыраастык саҥарарбын сайыннараары куруук кытта сатыыбын. Бүгүн успуорт мин олохпор туох оруоллааҕын кэпсээтим, тоҕо диэтэххэ, бэйэм успуордунан утумнаахтык дьарыктанабын”, – диэн араатардар күрэхтэрин кыттааччыта Кирилл Слепцов санаатын үллэһиннэ.
Дьүүллүүр сүбэ: педагогика билимин хандьыдаата, СӨ Билимин академиятын төрөөбүт тылы чинчийэр киинин сүрүн билим үлэһитэ, СӨ үөрэҕин үтүөлээх үлэһитэ Светлана Семенова; СӨ үөрэҕириитин туйгуна, “Гражданскай килбиэн бэлиэ” хаһаайына, “Аман Өс” 2001 сыл кыайыылааҕа, урбаанньыт Геннадий Жирков, саха народнай суруйааччыта, П.А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Елена Слепцова-Куорсуннаах, саха народнай суруйааччыта, суруналыыс Наталья Михалева-Сайа, тыл билимин хандьыдаата, Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу агыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын чинчийэр үнүстүүт билим үлэһитэ Лилия Роббек, саха тылын уонна литературатын учууталынан үлэлээбит, Абый гимназиятыгар уйулҕа үлэһитэ Елена Ноговицына, П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын артыыһа Альберт Алексеев кыттааччы дьон иннигэр төһө холкутук туттан кэпсиирин, санаатын сааһылыырын, төһө ыраастык сахалыы саҥарарын, тылын-өһүн сыаналаатылар.
Хас биирдии кыттааччыга туоһу сурук, кыайыылаахтарга сыаналаах бэлэхтэри туттардылар. Спонсордар: Ил Түмэн, СӨ Бырабыыталыстыбата, "Айар" национальнай кинигэ кыһата, "Көмүөл" кинигэ кыһата, "Чолбон" сурунаал, Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын үнүстүүтэ, "Камелек" уонна "Чороон" тэрилтэлэр.
СӨ Национальнай библиотекатын Медиа киинэ