Олоҥхо ыһыаҕын чэрчитинэн тахсыбыт кинигэлэри сүрэхтээтилэр

Олоҥхо декадатын чэрчитинэн тэрээһиннэр бүттүүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллаллар, биир оннук тэрээһини Амма улууһун дьаһалтата Национальнай бибилэтиэкэҕэ тэрийдэ. Олоҥхо ыһыаҕын чэрчитинэн тахсыбыт 10 кинигэни Историческай саалаҕа сүрэхтээтилэр. Тэрээһиҥҥэ биллэр-көстөр учуонайдар, Амма улууһун олохтоохторо, Амматтан төрүттээх куорат олохтоохторо мустан, төгүрүк остуол тула олорон, истиҥ сэһэргэһии ыыттылар. 

Саха сириттэн төрүттээх биллэр этнограф, фольклорист Виктор Николаевич Васильев сыратын-сылбатын хоту уһук сытар сиргэ олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттар култуураларын, олохторун, уус-уран фольклордарын чинчийиигэ олоҕун анаабыт үлэлэрэ «Полевые труды, экспедиционные материалы по Сибири, Северу и Дальнему Востоку», «Эпические и песенные традиции саха в творческом наследии У.Г. Нохсорова» кинигэ буолан тахсыбыттар. Маны таһынан Виктор Николаевич Васильев Саха сириттэн төрүттээх буолан, маҥнай утаа экспедицияларга тылбаасчытынан сылдьан, онтон кэлин бэйэтэ чинчийэр экспедицияларыгар саха олоҥхоһуттарын истэн, олоҥхолору сурукка тиспит, саха фольклоругар сүҥкэн улахан кылааттаах учуонай буолар. Ол курдук Михаил Новиков-Мэлэк Мэхээлэ «Дуолан Баай тойон, Арҕас Баай хотун», Филипп Егоров «Дьохсоллой оҕонньор, Сиэмийэхээн эмээхсин» олоҥхолоро кинигэ буолан тахсыбыттар. 

Кинигэҕэ киирбит матырыйааллар суолталарын, ыытыллыбыт үлэ хабаанын ырытан, кинигэ тахсыытыгар эппиэттээх эрэдээктэринэн үлэлээбит устуоруйа билимин дуоктора Екатерина Романова билиһиннэрдэ.

«2010 сыллаахха аспирантураҕа үөрэнэ киирэн баран, В.Н. Васильев үлэлэрин булан үөрэтэн саҕалаабытым, бу кэккэ ыарахаттардаах этэ, сүрүн уустуга, Виктор Николаевич таһаарыылаахтык үлэлээбит кэмэ 1905-1925 сыллардаахха буолан, ол кэмҥэ ыстатыйалара араас сурунаалларга тахсыбытын көрдөөн буларга этэ. Виктор Васильев Арассыыйа этнография түмэлигэр үлэлээбит буолан, онно кини элбэх архыып матырыйааллара хараллан сыталлар, ол иһигэр олус үчүгэй хаачыстыбалаах аҕыйах ахсааннаах норуоттар олохторун туоһулуур хаартыскалар бааллар, олортон 20 эрэ хаартысканы бу кинигэҕэ киллэрдибит. Хаартыскалары үөрэтэн, сыымайдаан олус үчүгэй кинигэ-альбом таһаарыахха сөп», - диэн кинигэни хомуйан таһаарбыт ис дьыала министиэристибэтин үлэһитэ Артем Ефремов санаатын үллэһиннэ.

«Кинигэҕэ сонун ньыманан үлэлээтибит, тыл үөрэхтээҕэ Егор Николаев хас биирдии олоҥхо тылын үөрэтэн, ырытан көрдө, бу маннык хабааннаах үлэҕэ саҥа уопут буолар», - диэтэ тыл билимин дуоктора Надежда Покатилова.

Амма улууһугар Олоҥхо ыһыаҕын чэрчитинэн олоҥхону үөрэтиигэ, чинчийиигэ, үйэтитиигэ элбэх үлэ барда, ол курдук «Эпические песномения амгинских олонхосутов», «Амма фольклора», «Улуу олоҥхоһут Чээбий», «Харама Боотур уонна Амма Куо», «Олоҥхоҕо анаммыт олох», «Аммаҕа сэрии кэмигэр ыһыах» кинигэлэр тахсыбыттар. 

«Бу кинигэлэр оҕону иитиигэ, олоҥхоҕо уһуйууга үлэлии сылдьар дьоҥҥо сүрдээх улахан тирэх, кэнэҕэски ыччакка хаалар баай буолаллар. «Олоҥхоҕо анаммыт олох» диэн кинигэни туһунан бэлиэтээн ааһыахпын баҕарабын, олоҥхону кэнчээри ыччаппытыгар тиэрдэр, элбэх ыччаты олоҥхо эйгэтигэр уһуйбут, билигин күөн туттар эдэр олоҥхоһуттарбытын үгүстэрин иитэн таһаарбыт Анисия Даниловна Софроноваҕа анаммыт кинигэ, кини уонна Виктория Георгиевна көҕүлээһиннэринэн Олоҥхо ыһыаҕын аһыллыытын биһиги Аммалар бэйэбит матыыппытынан, нохсоороптуу матыыбынан, ыытыахпытын наада диэн туруорсан, үлэ бөҕөнү ыыттылар. Юрий Петрович Борисов ыыппыт үлэтин бэлиэтээн ааһыахпын баҕарабын. Үс сылы быһа Амма 14 нэһилиэгин кэрийэн, 117 сир түннүгэ буолбут аарыма кырдьаҕастарын кытта кэпсэтэн, 103 видео матырыйаалы Амма култууратын пуондатыгар туттарбыта. Бу олус кэрэхсэбиллээх дьыала»,- диэн  Амма улууһун култууратын салайааччыта Иван Иванов тыл эттэ. 

Кинигэ биһирэмигэр Амма улууһун улуу олоҥхоһуттарын сыдьааннара кэлэн кытыннылар, санаа үллэстибиттэрэ кэрэхсэбиллээх, дьон-сэргэ сэҥээриитин ылла. 

Тэрээһиҥҥэ анаан Национальнай бибилэтиэкэ кыраайы үөрэтэр пуондатыттан кинигэ быыстапката турда.

27.11.2024

СӨ Национальнай библиотекатын Медиа киинэ

Рубрики