Ольга Корякина-Умсуура саҥа кинигэтэ сүрэхтэннэ

22.11.2024


Сэтинньи 21 күнүгэр Национальнай бибилэтиэкэ Историческай саалатыгар Ольга Корякина-Умсуура «Биэрэ Дабыыдап. Сарбыллыбыт талаан (айар үлэтин чинчийии)» саҥа кинигэтэ сүрэхтэннэ.

Кинигэҕэ Саха сиригэр үөрэҕи-сайдыыны олохтуурга сыратын-сылбатын биэрэн үлэлээбит бастакы оҕо поэта, бастакы «Букубаары» суруйбут ааптар Вера Давыдова олоҕо, айар үлэтэ сырдатыллар.


Киэһэни саха норуодунай поэта Наталья Харлампьева иилээн-саҕалаан ыытта, кини Ольга Корякина айар үлэтин олус чобуотук саҕалаабытын, маҥнай утаа Умсуура диэн ким буоларын өр кэмҥэ билбэтэхтэрин ахтан-санаан ааста. Маны таһынан, Ольга Корякина үөрэххэ-үлэҕэ олус баҕалааҕын бэлиэтээн эттэ, ол курдук Афанасий Мунхаловка уруһуйдьут идэтигэр уһуйуллан тахсыбытын, суруналыыстыка биир күөн туттар киһитэ Нина Протопопова мэктиэ тылын этэн, «Чуораанчык» сурунаал эрэдээктэринэн таһаарыылаах үлэтин саҕалаабытын туһунан сырдатта.

«Вера Давыдова саха дьахталларыттан бастакы поэт диэн билинэргэ, саха литературатыгар миэстэтин буларыгар Ольга Корякина-Умсуура үлэтэ суолталаах. Кинигэ иккис баһыгар ааптар Вера Давыдова айар үлэтин ырытар, тэтим суолталаах диэн бэлиэтиир, рифма 16 көрүҥэ баар, онтон ханныга киирбитин быһааран, салгыы чинчийиэххэ сөп», - диэн тыл билимин хандьыдаата, ХИФУ доцена Матрена Попова санаатын үллэһиннэ.

Кинигэ сүрэхтэниитигэр Вера Давыдова хаан-уруу аймаҕа, кинини тыыннаахтыы көрбүт, кэпсэппит балта, тыыннаах ситим Виктория Николаевна Будникова кэлэн ыалдьыттаата, Вера Дмитриевна олоҕуттан быһа тардан кэпсээтэ, кини аата умнулубакка, дьон өйүгэр-санаатыгар сөргүтүллүбүтүттэн үөрбүтүн биллэрдэ.

Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Гаврил Андросов Вера Давыдова саха литературатыгар үрүҥ бээтинэ буолан, өр кэмҥэ умнуллан, аата аттаммакка сылдьыбыт, саха дьахталларыттан бастакы үөрэхтээх интеллигент, бастакы оҕо поэта литератураҕа бырааптаах миэстэтин буларыгар Ольга Корякина-Умсуура туһааннаах үлэни ыыппыта үтүө түмүктэммититтэн сүргэтэ көтөҕүллэн туран тыл эттэ.


«Ольга Корякина тыл кистэлэҥин, уранын билбит киһи, кини билиэн-көрүөн баҕата ахсыма бэрт, олус улахан баҕалаах буолан үлэтэ үтүө түмүктэннэ. Бу кинигэ – аспирантураҕа үөрэммит үлэтин түмүгэ», - диэн ХИФУ аспирантураҕа салайааччыта, саха тылын истилиистикэтин, нууччалыы-сахалыы тылбаас хаапыдыратын сэбиэдиссэйэ Лидия Манчурина эттэ.



Тэрээһиҥҥэ анаан Национальнай бибилэтиэкэ кыраайы үөрэтэр салаатын пуондатытттан Ольга Корякина-Умсуура айар үлэтигэр уонна Биэрэ Дабыыдап айар үлэтигэр, олоҕор анаммыт кинигэ быыстапката турда.


Рубрики