«Саха төрүт олоҕо» Розалия Бравина кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла
Алтынньы 16 күнүгэр Национальнай бибилэтиэкэ Историческай саалатыгар «Саха төрүт олоҕо» диэн Розалия Иннокентьевна Бравина кинигэтин биһирэмэ буолан ааста. Кинигэҕэ саха олоҕун олуктара, аҕа ууһун тутула, сири бас билии, сүөһүнү иитии, төрүт идэ, дьиэ-уот, таҥас-сап тэриирэ, төрүт итэҕэл, сиэр-туом, нуучча таҥарата, эр киһи уонна дьахтар сыһыана сырдатыллар.
Розалия Иннокентьевна Бравина – историческай наука доктора, профессор, Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар кыһалҕаларын чинчийэр институт археология салаатын сэбиэдиссэйэ, Саха сирин биир биллэр-көстөр учуонайа, күөн туттар тумус киһибит, кини аата наука эйгэтигэр эрэ буолбакка, киэҥ араҥаҕа ааттанар. Розалия Иннокентьевна наукаҕа кылаата сүҥкэн, оттон ааҕааччы кинини «Түүл-бит» кинигэтинэн үчүгэйдик билэр, күннээҕи олоҕор бу кинигэни туттар да диэтэхпитинэ, алҕааһабаппыт буолуо.
Кинигэ биһирэмин дьоро киэһэтин, устар ууну сомоҕолуур хомоҕой тыллаах суруйааччы, суруналыыс Евдокия Семеновна Иринцеева-Огдо иилээн-саҕалаан ыытта.
«Саха норуотугар өбүгэлэрбит төрүт олохторун эргиллэн билэ сатыылларыгар, чуо өйдүүллэригэр, былыты кытта устан ааспыт үйэлэр уратыларын ааҕан билэллэригэр, кэрэхсииллэригэр анаммыт алгыстаах кинигэни бэлэмнээбитигэр Розалия Иннокентьевнаҕа махтанабыт!», - диэн тылларынан дьоро киэһэ аһылынна.
Кинигэни суолталаан, кэнэҕэскитин даҕаны ааҕааччыга туһатын өтө таайан оҥорорго санаммыт, кинигэ тахсыытыгар төһүү күүс буолбут С.А. Новгородов аатынан «Айар» кинигэ кыһатын генеральнай дириэктэрин солбуйааччыта Валерий Николаевич Луковцевка аан тыл бэрилиннэ: «Саха омуга итэҕэллээх омукпут, бити-билгэни сэҥээрэбит, түүлгэ итэҕэйэбит, бу ураты көстүүбүтүн наука өттүттэн чинчийэн, кэҥэтэн, тиһэн дьоҥҥо-сэргэҕэ бэлэх ууммут киһибит - Розалия Иннокентьевна. Кинини мин саха сэһэнньитэ диэтэхпинэ сыыспатым буолуо, саха дьонугар научнай үлэлэрин оннук умсугутуулаахтык тириэрдэр, кини «устуул» учуонайа буолбатах, бэйэтин эт илиитинэн ирбэт тоҥу хаһан, илэ хараҕынан барытын көрөн үөрэтэр, наукаҕа бэриниилээх археолог учуонай», -диэн санаатын үллэһиннэ.
Розалия Иннокентьевна үөрэнээччилэрэ СӨ норуодунай артыыстара «Төрүт дорҕоон» айар киин салайааччылара Клавдия уонна Герман Хатылаевтар, СӨ үтүөлээх артыыһа, оҕону үөрэххэ уһуйуу эйгэтигэр таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар урбаанньыт Анатолий Бурнашев кэлэн учууталларыгар эҕэрдэ тылларын этэн, дьоро киэһэни алыптаах айар куттарынан киэргэтэн бардылар.
«Архыыпка үлэлиирбин наһаа таптыыбын, таҥараҕа тиксэр курдук сананабын», - диэн тыллартан саҕалаата Розалия Бравина тыл бэриллибитигэр - «Бастатан туран, бу кинигэни төрүт култуураҕа үөрэппит оҕолорбор анаан суруйдум, дьоһуннаах дьон таҕыста диэн үөрэбин. Иккиһинэн, дьоҥҥо-сэргэҕэ анаан, биллиннэр, аахтыннар, туһаннынар диэн». Розалия Иннокентьевна араас сылларга археологическай хаһыыларга сылдьан муспут, үөрэппит матырыйаалларын таҥан экраҥҥа көрдөрөн кэпсээбитэ ордук умсугутуулаах, кэрэхсэбиллээх буолла.
«Розалия Иннокентьевна сахалыы суруйарын хайгыыбын, учуонайдар үлэлэрин сахалыы суруйбаттар, кини төрүт ийэ тылынан наука эйгэтин сырдатара кэрэхсиибиллээх дьыала, бу улахан өйтөн тахсар», - диэн Михаил Петрович Алексеев-Дапсы, тыл үөрэхтээҕэ, тыл билимин хандьыдаата, Саха өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ санаатын үллэһиннэ.
«Кэлэр кэнчээри ыччаппытыгар утары уунар кэһиилээх буолбуппутуттан үөрэбит!» - диэн Евдокия Иринцеева-Огдо тылларынан кинигэ сүрэхтэниитин дьоро киэһэтэ түмүктэннэ.
Тэрээһиҥҥэ анаан Национальнай бибилэтиэкэ кыраайы үөрэтэр салаатын пуондатытттан Розалия Иннокентьевна Бравина үлэлэриттэн кинигэ быыстапката турда.