«Михаил Фомич Чашкин. Норуот эмчитэ» кинигэ биһирэмэ буолан ааста
Алтынньы 15 күнүгэр СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин Историческай саалатыгар «Таатта ытык дьоно» сиэрийэ чэрчитинэн «Михаил Фомич Чашкин. Норуот эмчитэ» кинигэ биһирэмэ буолан ааста. Фома Петрович уонна Михаил Фомич Чашкиннар - Таатта улууһун Уолба нэһилиэгин ытык дьоно, кинилэр ааттарын саха киһитин сиэринэн доргуччу буолбакка, ытыгылыы сибигинэйэн кэриэтэ ааттанар, оннук сүдү күүстээх, дьоҥҥо-сэргэҕэ биллибит норуот эмчиттэрэ буолаллар. Кинилэр эмтиир күүстэрин итэҕэйэн, Сахабыт сирин араас муннуктарыттан эрэ буолбакка, дойдубут араас куораттарыттан ыраах айаны айаннаан, ааттаан-суоллаан кэлэн, көмө көрдөөн, эмтэнэн, чэпчээн бараллар. Ол да курдук, бэҕэһээ, кинилэр ааттарын ытыктаан, сааланы толору дьон-сэргэ муһунна. Фома Петрович уонна кини уола Михаил Фомич сэллик, тирии бааһа, сүрэх-тымыр, куртах-оһоҕос, уҥуох, ньиэрбэ ыарыыларын отунан эмтиир, отторугар алгыс иҥэрэн, хаан сүүрдэн, илбийэн эмтиир ураты дьоҕурдаах, сүдү талааннаах дьон. Фома Петрович эмтиир күүһүн наука билинэн, кини ньымата дьоҥҥо көмөлөөҕүн бигэргэппитэ. Ити курдук, Михаил Фомич уола Михаил Михайлович Чашкин, Дьокуускайдааҕы стоматологическай киин стоматолог-ортопед бырааһа, кылгастык дьиэ кэргэнин, бииргэ төрөөбүттэрин билиһиннэрбититтэн көрдөххө, ураты талааннаах дьон ыччата кэхтэн хаалбакка, төрүттэрин туйаҕын хатаран, медицина эйгэтигэр Фома Петрович сиэннэрэ, кийииттэрэ, хос сиэннэрэ үлэлии-хамсыы, үөрэнэ-уһуйулла сылдьара сүргэни көтөҕөр.
Үөрүүлээх киэһэни эҕэрдэ тылынан кинигэни оҥорбут, бэчээттээн таһаарбыт “Таатта” хаһыат бас эрэдээктэрэ, Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕо, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына Анна Константиновна Посельская арыйда. Анна Константиновна Чашкиннар тустарынан олус сэргэхтик сиһилии кэпсээн, кинигэ сурулларыгар өйөбүл буолбут дьоҥҥо, үөлээннэхтэригэр, бииргэ үлэлиир кэлэктиибигэр махтал тылларын биллэрдэ.
Кинигэ биһирэмигэр санааларын үллэстэ, үтүө тылы этэ, үөрүүгэ кыттыһа Тааттаттан төрүттээх салайар үлэҕэ айа-тута, үлэлии-хамсыы сылдьар дьон: Уолба нэһилиэгин баһылыга Винокуров Александр Афанасьевич, Дьокуускай куорат баһылыгын солбуйааччыта, Дьокуускайдааҕы “Таатта” түмсүү салайааччыта Владимир Владимирович Аржаков, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын сүбэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, НГУо иһинэн «Пути великих свершений» бырайыак салайааччыта Георгий Дмитриевич Никонов кэлэн бардылар.
Кинигэ туһунан, сахалыы эмтээһини этнография хараҕынан ырытан, санаатын этнограф учуонай, история билимин хандьыдаата, Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар кыһалҕаларын чинчийэр институт научнай үлэһитэ Наталья Ксенофонтовна Данилова үллэһиннэ.
«Михаил Фомич - отоһут, биир отунан наһаа элбэх хайысха ыарыыны эмтиир, бу манна, мин санаабар, тыл күүһэ сытар, окко алгыс иҥэриллэр, ол нэҥирэ эмтиир. Наукаҕа клетка тыл күүһүн иҥэринэр кыахтаах диэн дакаастанан турар, ити чопчу Михаил Фомич эмтиир ньыматыгар сөп түбэһэр, кини окко сибигинэйэн нэҥир, эрчим, күүс-уох иҥэрэр, ол күүһэ эмтээх буолар, итэҕэл күүһэ. «Таатта» хаһыаты кытта биир өйүнэн-санаанан суруйабыт, «Таатта» хаһыат эрэдээксийэтэ биир сүрүнү тутан баран ыһыктыбат дьон, мин ону наһаа биһириибин, олох уларыйар, кэм-кэрдии баран иһэр, улуус баһылыктара уларыйаллар, арай «Таатта» хаһыат сүрүнүн тута сылдьар, уларыйбат, тулхадыйбат. «Таатта» хаһыат үлэһиттэрэ үтүө дьоҥҥут, улуу дьоҥҥут кэриэһин кэриэстээн, ааттарын ааттата тураргыт наһаа улахан махталлаах суол. Чулуу бастыҥ дьоҥҥутун өрө тутар нэһилиэккэ барҕа махтал буоллун», -диэн санаатын Саха сирин норуодунай суруйааччыта, суруйааччылар сойуустарын чилиэнэ, Сахар сирин искусствотын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Духуобунаска академиятын вице-президенэ Николай Алексеевич Лугинов үллэһиннэ.
Кэлбит ыалдьыттар бары Чааскыннар сүдү күүстэрин эттэринэн-хааннарынан билбит-көрбүт дьон буолан, ураты, дьикти кэпсээннэри олохторуттан кэпсээтилэр, бары кинигэ умсугутуулаах, үрдүк таһымнаах таҥыллан оҥоһуллан тахсыбытын бэлиэтээтилэр.
Тэрээһиҥҥэ анаан Национальнай бибилэтиэкэ кыраайы үөрэтэр салаатын пуондатытттан Фома Петрович уонна Михаил Фомич Чашкиннарга аналлаах кинигэ быыстапката турда.