Иван Алексеев-Хомус Уйбаан саҥа кинигэлэрин сүрэхтээтилэр

14.05.2024
WhatsApp Image 2024-05-14 at 17.23.06.jpeg

Бүгүн, ыам ыйын 14 күнүгэр, СӨ Национальнай библиотекатын Историческай саалатыгар тыл билимин дуоктара, бэрэпиэссэр Иван Егорович Алексеев - Хомус Уйбаан үс кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла. 

Бу кинигэлэри Аан дойдутааҕы хомус киинэ уонна түмэлэ, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн саха тылын хаапыдыратын күүстээх уонна уустук үлэлэрин түмүгэ буолла диэн Иван Егорович бэлиэтээтэ уонна махтал тылларын анаата.

"Саха тыла уонна саха омук инникитэ барыбытын долгутар. Саха омугун дорҕоонноро кини өйүттэн үөскээн тахсаллар. Дорҕоон эгэлгэтин, эриэккэһин эһиги бары бэркэ билэҕит, аан дойдутааҕы квалификацияҕа киирэн сылдьаллар. Билигин уустук кэм буолла, онон биһиги тылга, дорҕооҥҥо бары үлэлээтэхпитинэ, биллэн турар, төрөөбүт тылбыт кэрэтин өссө дакаастыахпыт", - диэтэ Хомус Уйбаан.

Бу күн тыл үөрэхтээхтэрэ, устудьуоннар, уопсастыбаннас кэлэн ыалдьыттаатылар. Аан дойду виртуоз-хомусчута Варвара Степанова, импровизатор-хомусчуттар, М.Н. Жирков аатынан музыкальнай училище уһуйааччылара Артур Семенов уонна Надежда Варламова-Надикан, аан дойду импровизатор-хомусчута Спиридон Шишигин  хомустаан иһитиннэрдилэр.

Иван Егорович тэрээһиҥҥэ дорҕоон туһунан кэпсээтэ.

WhatsApp Image 2024-05-14 at 17.22.14.jpeg

Хомус Уйбаан "Куйаартан кутуллар дорҕооннор" кинигэтэ 2021 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. Кинигэҕэ эппиэттиир эрэдээктэринэн Хомус аан дойдутааҕы түмэлин уонна киинин билимҥэ уонна сырдатар үлэҕэ мэтэдииһэ Е.П. Слепцова ананан үлэлээбит. Рецензеннэринэн тыл билимин дуоктара Г.Г. Филиппов уонна искусствоведение хандьыдаата В.Е. Дьяконова кыттыбыттар. Кинигэ наарданыытыгар С.Н. Афанасьев, эрэдээксийэлиир кэлиэгийэҕэ Хомус аан дойдутааҕы түмэлин уонна киинин кэлэктиибэ көхтөөх үлэни ыыппыттар. Бу кинигэҕэ саха хомуһа кэлиҥҥи 60-ча сыл сайдан кэлбит суола сырдатыллар. Хас да сүһүөх хомус охсор уустар уонна хомусчуттар оскуолалара олоҕуран, этигэн хомус муусукатын дириҥ ис хоһоонун арыйар айымньылар үөскээтилэр. Ону дойду иһигэр да, тас дойдуларга да улаханнык сэргээн, омуктар бэйэлэрин хомустуҥу тэриллэрин сөргүтэн, билигин Аан дойду хомус уопсастыбатын, Хомус түмэлин, киинин салайыыларынан киэҥ хабааннаах үлэ сүрүннэннэ. 

"Ийэ тыл иһиллэр кэрэтэ: саҥарыы күүһэ" монографияҕа төрөөбүт тылынан саҥарыы суруктан туох-ханнык уратылааҕын чинчийии түмүлүннэ. Саха омуга күннээҕи олоххо, сыыйа сайдыы суолугар, үөрэххэ-билиигэ, айар-тутар да үлэҕэ-хамнаска таба саҥарыы үйэлээх үгэстэрин сайыннарбыт, өйүгэр-санаатыгар дириҥник иҥэриммит ийэ тыла уһун тыыннанар, өр үйэлэнэр хорук хайысхалара сырдатыллаллар.

"Проблемы фотосинтаксиса якутской речи" кинигэҕэ саха тылын үөрэтиигэ, эрдэ ситэ үөрэтиллибитэтэх саҥа дорҕоонноругар учуонай өр кэмнээх сыралаах үлэлэр киирдилэр. Үрдүк үөрэх кыһатын уһуйааччыларыгар, билим үлэһиттэригэр уонна саха тылын сэргээччилэригэр ананар.

Тэрээһиҥҥэ анаан Национальнай библиотека пуондатытттан Иван Егорович кинигэлэрин быыстапката турда. 

WhatsApp Image 2024-05-14 at 17.23.06 (1).jpeg

WhatsApp Image 2024-05-14 at 17.22.48.jpeg

WhatsApp Image 2024-05-14 at 17.23.38.jpeg

WhatsApp Image 2024-05-14 at 17.23.44.jpeg

WhatsApp Image 2024-05-14 at 17.22.11.jpeg
WhatsApp Image 2024-05-14 at 17.22.43 (1).jpeg
WhatsApp Image 2024-05-14 at 17.42.34.jpeg
WhatsApp Image 2024-05-14 at 17.22.43.jpeg
WhatsApp Image 2024-05-14 at 17.22.48 (1).jpeg

WhatsApp Image 2024-05-14 at 17.43.47.jpeg



СӨ Национальнай библиотекатын Медиа киинэ
Рубрики