Национальнай библиотекаҕа Дабыыдаптар дьиэ кэргэн төрүччү кинигэтэ сүрэхтэннэ

25.04.2024
WhatsApp Image 2024-04-25 at 11.01.41.jpeg

Муус устар 24 күнүгэр Национальнай библиотека Историческай саалатыгар Дабыытаптар дьиэ кэргэн төрүччү кинигэтэ сүрэхтэннэ. Үс сыллаах сыралаах үлэ түмүгэ Национальнай библиотека кинигэ таһаарар киинигэр таҕыста. Дабыыдаптар төрүччүлэрин историк, архивист Александр Винокуров оҥорон биэрбит. 

Кинигэ түөрт түһүмэхтэн турар, бастакыта Дабыыдаптар, Саввиновтар, Егоровтар удьуордарын үөрэтии түмүгүнэн оҥоһуллубут билим отчуота. Иккиһэ Дабыыдаптар туһунан ахтыылар, оттон «Суруллубут – суоруллубат» диэн үһүс түһүмэх дьиэ кэргэн оҕолоругар анаан оҥоһуллубут. Оҕолор улаатар, билэ-көрө сатыыр кэмнэригэр, онно-манна көрдөөбөккө, биир сиртэн өбүгэлэрин туһунан аахтыннар диэн бу түһүмэххэ кыраайы үөрэтэччилэр, историктар араас кинигэлэриттэн быһа тардыылар түмүллүбүттэр. Ол курдук «Ньырбакаан удьуордара» диэн ССРС Наукаларын академиятын Сибиирдээҕи отделениетын Саха сиринээҕи салаата 1991 сыллахха хомуйан таһаарбыт үһүйээннэртэн Омолдоон уонна кини удьуордарын туһунан быһа тардыылар киирдилэр. Бу кинилэр ийэлэрэ, эбэлэрэ Сөдүөрэ Степановна өбүгэлэрин Саалтааны уонна Киспэҥ төрдүлэрэ Омолдоон буоларын үөрэтии түмүгэр кэлбит билиигэ олоҕуран манна киирдилэр. 

Аҕалара Ньукулай Кирииллэбис Чуукаар нэһилиэгиттэн төрүттээх. Өр сылларга Чуукаар нэһилиэгин историятын хомуйбут, сааһылаабыт кыраайы үөрэтээччи Гаврил Спиридонович Петров «Кэс тыл этэргэ сананным» уонна «Чуукаар кинээстэрэ» диэн аҕыйах экземплярдаах кинигэлэриттэн быһа тардыылар киирдилэр. Чуукаар нэһилиэгин историята хомуллан таһаарыллыбыт «Чуукаар нэһилиэгэ» диэн кинигэттэн эмиэ үөрэтиигэ олоҕуран, төрүттэрэ Дабыдахтар, кэлин Дабыыдаптар тустарынан этиилэртэн, сэһэннэртэн быһа тардыылар киирдилэр.

Төрдүс түһүмэххэ киэҥ ситимнээх уус буолалларын туоһулуур архыып араҕастыйбыт докумуоннара киирдилэр. Аҕаларын Ньукулай Кирииллэбис ийэтэ, эбэлэрэ Пелагея Семеновна Давыдова төрдө быһаарыллыбакка хаалбыт.

WhatsApp Image 2024-04-25 at 10.59.02.jpeg

«Ыйыллыбыт кинигэлэргэ биһиги төрүттэрбит чахчы олоро сылдьыбыт историческай дьон буолалларын туоһулуур, кинилэр тустарынан, кыра да буоллар, чахчылар биһигини дириҥ, киэҥ, күүстээх силистээн биэрэллэр. Сорох майгыбытын быһаарарга көмө буолаллар. Атын дойдуттан биһигини көрө-истэ сылдьар дьоммутун билиэх тустаахпыт, кинилэринэн киэн туттан, салгыы үүнэ, сайда туруохтаахпыт. Кинилэр араас ыарахаттардаах олоҕу толору олорон, ол кэм ыар туругун тулуйан, араас тургутуулары ааһан, өлөн-сүтэн хаалбатах туоһулара биһиги буолабыт. Биһиги кинилэри билэрбит, эппитигэр-хааммытыгар, сүрэхпитигэр ытыктаан-маанылаан илдьэ сылдьарбыт ытык иэспит буолар», - диэн Дабыыдаптар дьиэ кэргэн санааларын эттилэр.

Өбүгэлэрбит этэллэринэн, хас биирдии киһи сэттэ көлүөнэ билиитин, санаатын илдьэ сылдьар. Өбүгэ ситимэ диэн туохха да тэҥнэспэт күүс, харысхал буолар. Бу төрүччү кинигэтэ дьиэ кэргэн оҕолоругар, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр сүдү баай буолуох тустаах.

Төрүччү кинигэтэ тахсыбытынан эдьиийдэригэр СӨ народнай депутатыгар, Ил Түмэн Доруобуйа харыстабылын кэмитиэтин салайааччытыгар Светлана Николаевна Давыдоваҕа, Национальнай библиотека дириэктэригэр Саргылана Васильевна Максимоваҕа, Национальнай библиотека ааҕыы үнүстүүтүн сүрүннүүр библиотекарыгар Маргарита Дмитриевна Татариноваҕа уонна библиотека кинигэ таһаарар киинигэр махтал тылларын эттилэр уонна биир экземпляры библиотекаҕа бэлэх ууннулар.

WhatsApp Image 2024-04-25 at 11.00.26.jpeg






Рубрики