Борис Николаев-Марха Уолун кинигэлэрин сүрэхтээтилэр
Муус устар 19 күнүгэр СӨ Национальнай библиотекатын Историческай саалатыгар Ньурба улууһун Хатыҥ Сыһыы (Марха) нэһилиэгиттэн төрүттээх Борис Николаев - Марха уола кинигэлэрин сүрэхтэниитэ буолан ааста.
Борис Григорьевич үйэлэр тухары ааттара өлбөөдүйбэт аан дойду улуу суруйааччыларын айымньыларын сахалыы тылбаастаан ааҕааччыларга бэлэх уунна. Тылбаастаабыт дьоно аан дойду ааттаахтара: Алигьери Дантеттан саҕалаан аатырбыт Гете, Шиллер, Арассыыйа бастыҥ учуонайа, тыл үөрэхтээҕэ Михаил Ломоносов, поэзия үрүҥ көмүс үйэтин суруйааччылара Николай Гумилев, Марина Цветаева, Сергей Есений уонна да атыттар.
Марха Уолун кинигэтин маҥнайгы сүрэхтэниитэ Хаҥалас улууһун библиотекатыгар буолбута. “Өлүөнэ долгуннара” литературнай түмсүү кыттыылаахтара, уопсастыбаннас Борис Григорьевич кинигэтин кытта билсибиттэрэ. Иккис сүрэхтэниитэ Иван Николаевич Егоров-Иван Горнай аатынан көрбөттөр уонна мөлтөхтүк көрөр дьон анал библиотекатыгар ыытыллыбыта.
Бу күн Дьокуускай куорат көрбөттөр уопсастыбаларын бэрэссэдээтэлэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Николай Спиридонов эҕэрдэ тылын эттэ, ылбаҕай ырыатын ыллаата, аймах-билэ дьоно, доҕотторо кэлэн ыалдьыттаатылар. Култуура уонна ускуустуба Арктикатааҕы үнүстүүтүн устудьуоннара Борис Николаев - Марха Уолун хоһоонноруттан быһа тардан ааҕан иһитиннэрдилэр.
“Мин бэйэм суруйааччы да, кэпсээнньит да, хоһоонньут да, тылбаасчыт да буолбатахпын. Көннөрү “ааптар” диэтэххэ, сөп буолуо. Тылбаастаммыт хоһоону аахпыт саха киһитэ айымньы ис хоһоонун, тутулун уонна туох туһунан этиллэрин олус уустугурдубакка, тута ылынар буоллаҕына, тылбаас табыллыбыта итиннэ сытар. Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай үнүбэрситиэккэ нууччалыы-сахалыы тылбаас хаапыдырата үлэлиир. Кинилэр сыл аайы тылбаасчыттары иитэн-үөрэтэн таһаараллар. Аан дойду айымньыларын, хоһооннорун тылбаастыырга үлэ күүһүрдүллүөх тустаах”, - диэн Борис Николаев санаатын эттэ.
Борис Николаев тутуу инженерэ үөрэхтээх, биэнсийэҕэ тахсыар диэри дьиэ-уот тутуутугар маастарынан, прорабынан, инженеринэн, сметчигинэн араас тэрилтэлэргэ үлэлээбитэ. Тыл уонна уус-уран литэрэтиирэ эйгэтигэр сыһыана суох киһи кинигэ таһаартарарын, тылбаастыырын аймахтара, доҕотторо сөҕө-махтайа ылыналлар, айымньыларын аахпыт дьон астыммыттарын биллэрдилэр.
Бу күн Борис Николаев “Талыллыбыт тылбаастар” кинигэтин таһынан, өссө “Орто Кытыл удьуор ыаллара”, “Олох суола” уонна “Мои воспоминания” диэн кинигэлэрин билиһиннэрдилэр.
Борис Николаев бастакы кинигэтэ “Олох суола. Үөрэх” диэн. Манна сүнньүнэн бэйэтин олоҕун туһунан кэпсэнэр, автобиографическай ис хоһоонноох кинигэ буолар.
“Бу кинигэ мин олоҕум эрэ туһунан муҥурдаммат, уопсайынан эттэххэ, саха итэҕэлин кытта сибээстээх, киһи уобараһын уонна билиҥҥи сиэр-майгы туһунан суруйа сатаабытым”, - диэтэ Марха Уола.
Оттон “Мои воспоминания” диэн нууччалыы тылынан тахсыбыт кинигэтэ ийэтин Дарья Петровна Николаева сырдык кэриэһигэр анаммыт. Манна үнүбэрситиэккэ үөрэммит сылларын, бииргэ үөрэммит табаарыстарын, учууталларын туһунан төһө кыалларынан эмиэ суруйа сатаабытым диэн кэпсээтэ.
“Орто Кытыл удьуор ыаллара” диэн Борис Николаев бииргэ үлэлэһэн таһаарбыт кинигэлэригэр Тумул дэриэбинэтин олохтоохторо Герасимовтар сыдьааннарын туһунан сырдатылынна. Оҕолор, сиэннэр, аймахтар, бииргэ үлэлээбит дьонун ахтыылара, дьиэтээҕи архыыптарыттан хаартыскалар киирдилэр.
“Талыллыбыт тылбаастар” хомуурунньукка аан дойду уус-уран литэрэтиирэ үйэлэргэ өлбөт-сүппэт кыһыл көмүс пуондатыттан биллиилээх поэттар талыллыбыт хоһооннорун тылбаастара киирбиттэр.
Ити курдук, бары өттүттэн талааннаах киһиэхэ, Борис Николаев-Марха Уолугар, сытыы бөрүөтэ сыппаабатыгар, өссө да айа-тута, суруйа турарыгар баҕардылар.
СӨ Национальнай библиотекатын Медиа киинэ