Суһумнаан ааспыт Николай Рыкунов: суруйааччы туһунан ахтыы кинигэ сүрэхтэннэ

20.02.2024

WhatsApp Image 2024-02-20 at 13.32.18.jpeg

Национальнай библиотекаҕа эдэр сааһыгар олохтон туораабыт Россия суруйааччыларын уонна суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, «Тыл кыһата» айар холбоһук кыттыылааҕа, литература кириитигэ, литература пропагандиһа, телесуруналыыс, прозаик, тылбаасчыт Николай Рыкунов туһунан «Олох суһума» кинигэ сүрэхтэниитэ буолла.

Николай туһунан ахтыылары доҕотторо Гаврил Андросов уонна Рустам Каженкин хомуйбуттар. Бу кинилэр университекка бииргэ үөрэммит, литература эйгэтигэр бииргэ үктэммит доҕордоругар анаммыт иккис кинигэлэрэ.

Бу иннинэ эдэр суруйааччы суох буолбутун кэннэ айар нэһилиэстибэтин түмэн, сааһылаан 2017 сыллаахха «Тыыннаах айымньы» диэн ыстатыйаларын, прозатын, тылбаастарын хомуурунньугун таһаартарбыттара.

Икки кинигэ биир бигэ ситимнээхтэр, бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэрэллэр уонна Николай Рыкуновы айар үлэһит уонна киһи быһыытынан сырдык дьүһүлгэнин толору арыйаллар. Кинигэ Духуобунас Академията үбүлээһининэн Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Зинаида Архипова салайар «Алта» кинигэ кыһатыгар бэчээттэммит.

Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, «Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрэ Гаврил Андросов Николай Рыкунов ийэтигэр Екатерина Петровнаҕа тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн туттарыытынан кинигэ сүрэхтэниитэ саҕаланна.

– Бу кинигэ бэйэтин кылгас олоҕор патриоттуу үтүө дьулуурунан салайтаран бар дьон туһугар хайдах таһаарыылаахтык үлэлиэххэ сөбүн көрдөрбүт доҕорбут Коля сырдык аатын үйэтитэр аналлаах. Коля устудьуоннуур кэмигэр «аҕам биэрбитэ» диэн Суһум диэн ааты ылына сылдьыбыттааҕа. Ол иһин бу тылтан кинигэ аатын таһаардыбыт. Эһиил доҕорбут төрөөбүтэ 45 сылын туолар. Онно бэлэмнэнэр үлэни-хамнаһы саҕалыах кэриҥнээхпит. Төрөөбүт Партизаныгар, үлэлээбит библиотекатыгар кини аатын иҥэрэр, үөрэммит оскуолатыгар мэҥэ өйдөбүнньүк туруорар тоҕо сатаммат буолуой? Ити курдук суруйааччы аатын үйэтитэр үлэ утум-ситим салҕанан баран иһиэхтээх, – диэн суруйааччы холбоһугун салайааччы доҕорун үйэтитии туһунан санаатын үллэһиннэ.

Норуот суруйааччыта Николай Лугинов:

– Коля киһиэхэ олус үчүгэй сыһыаннааҕа. Киһи этэрин олус дириҥник ылынара, сүһэрэрэ. Ол иһин аҕыйах сылынан чыҥха атын киһи буола сайдыбыта. Литература таһымын көрөн сыаналыыр критик баар эрэ буоллаҕына литература сайдар. Киһи эрэ барыта ону кыайбат. Коля Рыкунов ону кыайа туппута. Кини сырдык аата ааттана туруо диэн эрэнэбин, – диэн уһуйбут ыччатын туһунан кичэмэ санаатын эттэ.

Санатар буоллахха, 2015 сыллаахха, Россияҕа Литература сылыгар, Гуманитарнай чинчийиилэр уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын института Саха сирин суруйааччыларын сойууһун кытта «Ааҕааччы эйгэтэ» диэн литература кириитикэтигэр аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи сабыылаах күрэһи ыыппытыгар 50 үлэ киирбититтэн Николай Рыкунов бастаан тахсыбыт. Эдэр кириитик бу күрэскэ Николай Лугинов «Чыҥыс-Хаан ыйааҕынан» трилогиятын дириҥник ырытан дьүүллүүр сүбэни соһутан турардаах.

Норуот поэта Наталья Харлампьева:

– Саха литературатыгар бэйэтин көлүөнэтэ үөскүүрүгэр улахан кылаатын киллэрбитэ. Тугу эрэ туһалааҕы оҥорорго наһаа ыксыыра. Николай Максимович Заболоцкай-Чысхаан саха литературатын туһунан уочаркаларын таһаарарга идея көтөхпүтэ. Мин ыарырҕата санаабытым. Уолум олус түргэнник өймөкөөннөрү тылыгар ылыннаран кинигэ тахсыытыгар үбүлээһинин булбут, эрэдээктэринэн Сэмэн Туматы кэпсэппит этэ. Кэлин санаатахха кэм ыйытыгын, бириэмэ ирдэбилин сөпкө өйдөөбүт эбит. «Кириитикэ сайдыахтаах, баар буолуохтаах» диэн санааттан бу хайысхаҕа ылсыбыта. Кырдьыгын тутуһан үлэлээбитэ. Кылгас олохтоох буолуоҕун кэтэҕинэн сэрэйбит буолуон сөп. Литератураҕа туһалыам диэн санаанан киирбитэ ырылыччы көстөрө, – диэн мындырдык сыаналаата.

Норуот суруйааччыта Сэмэн Тумат:

– Николай Заболоцкай-Чысхаан 100 сылын туолуута «Саха литературатын уочарката» диэн кинигэтин хос таһаарыытын эрэдээктэрдээ диэн көрдөспүтэ. Бу – Ойуунускай «Литературабыт революция инниттэн сайдыылаах этэ» диэ этиитин бигэргэтэн биэрэр үлэ. Онон саха литературатын историятыгар олус суолталаах кинигэ күн сирин көрөрүгэр кытыарбыта. Кылгас олоҕор эйгэтин тэринэн аата ааттана сылдьар, – диэн кириитикэҕэ сыһыарбытын уолун туһунан кэпсээтэ.

Норуот суруйааччыларын сэргэ кириитик уонна телесуруналыыс Николай Рыкунов туһунан учууталлара – профессордар Прасковья Сивцева уонна Варвара Окорокова, куратора, билигин университет РФ ХИНТуоКИ дириэктэрин наукаҕа солбуйааччы, ф.н.к. Матрена Попова, Н.М. Заболоцкай биир дойдулаахтара өймөкөөннөр ааттарыттан профессор Варвара Белолюбская-Аркук, бииргэ үлэлээбит дьоно – «Саха» НКИХ «Аал Луук мас» студиятын салайааччыта, П.А. Ойуунускай уонна В.В. Никифоров-Күлүмнүүр ааттарыттан судаарыстыбаннай бириэмийэлэр лауреата Евдокия Избекова, суруйааччы, радиосуруналыыс Ангелина Шадринова-Суоһааны уонна П.А. Ойуунускай аатынан Литература музейын үлэһитэ Ньургуйаана Халгаева үтүө тыллары эттилэр.

«Олох суһума» кинигэ сүрэхтэниитигэр Нам улууһуттан улахан делегация кэлэн кытынна. Н.М. Рыкунов аатынан Нам улууһун киин библиотекатын дириэктэрэ Майя Софронова кинигэ уонна политика эйгэтигэр хайдах бииргэ алтыһан үлэлээбиттэрин кэпсээтэ. Партизан нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Полина Скрябина кинигэни хомуйан оҥорооччуларга улуус уонна нэһилиэк дьаһалтатын аатыттан грамоталары туттартаата. Бастакы учуутала Анна Мордосова уонна кылааһын салайааччыта Роберт Муксунов Николай Рыкунов оҕо сааһын сэгэтэн кэпсээтилэр. Николай Рыкунов аатынан стипендияны икки төгүллээн ылбыт Нам улууһун Партизан орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ Артур Семенов суруйааччы айар үлэтигэр аналлаах дакылаатын билиһиннэрбитэ кэрэхсэбили үөскэттэ. Кинигэ сүрэхтэниитигэр Николай Рыкунов дьиэ кэргэнэ – убайа, балта, кэргэнэ уонна кыыһа ыалдьыттаатылар, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун, доҕотторун аатыгар барҕа махтал тылларын эттилэр.

«Сордоҥ өллөҕүнэ тииһэ, киһи өллөҕүнэ аата хаалар» диэн өс хоһоонун саха литературатын эрэллээх уолана Николай Рыкунов кылгас эрээри чаҕылхай олоҕо кэрэһилиир.


WhatsApp Image 2024-02-20 at 13.33.38.jpeg

WhatsApp Image 2024-02-20 at 13.31.29 (1).jpeg

ulus.media.











Рубрики