Сардаана Корякина - Сардаана “Күтүөккэ хомолто” диэн кинигэтин тула кэпсэтии

09.02.2024
WhatsApp Image 2024-02-09 at 17.21.07.jpeg

Олунньу ый 9 күнүгэр Тыл уонна сурук- бичик күнүн көрсө Национальнай бибилэтиэкэ уонна СР доруобуйаларынан хааччахтаах устудьуоннар техникумнара Ульяна Скрябина - Умсулҕан Хотун түһүлгэтигэр эдэр ааптар Сардаана Корякина - Сардаана “Күтүөккэ хомолто” диэн кинигэтин тула кэпсэтии, дьиҥ олоххо олоҕуран суруллубут сэһэн сурун дьоруойа Охонооһой кыргыттарын кытта көрсүһүү тэрилиннэ. Олоҕор иэдээннээх тургутуулары ааһан, биир да түгэҥҥэ сынтарыйбакка, сыччах үтүөҕэ эрэ эрэлинэн сирдэтэн, олоҕун оһуорун бэйэтэ ойуулаабыт эр киһи тулуурун, күүстээх санаатын туһунан сэһэн дууһаны долгутта, сүрэҕи хамсатта...

Ааптар Сардаана Корякина – Сардаана кэскиллээх суруйааччы, ааспыт сылга ааҕааччы киэҥ биһирэбилин ылан «Бастыҥ саҕалааччы” анал аат хаьаайката, хас даҕаны хоһооно ырыа буолан кынаттанан ылланаллар.

 Өрөспүүбүлүкэ саамай чыпчаал “Үрдэл” бириэмийэҕэ Сардаана Корякина-Сардаана тылларыгар, Инна Донская-Дайаана матыыбыгар, эстрада чаҕылхай сулуһа Сахая толоруутугар “Оҕобор” диэн ырыатынан саамай элбэх куолаһы ылан, “Үрдэл” музыкальнай бириэмийэ “Көрөөччү биһирэбилэ” номинация хаһаайына буолбута.

Көрсүһүүгэ сылдьан истибит ааҕааччылар киһи тыыннааҕын тухары эрэлин сүтэрбэтэ тиһэҕэр булгуччу сырдык тардыылаах, дьол кыымын ыспахтыыр күүстээх буоларын бу кинигэттэн итэҕэйдилэр.

Ааптарга, кинигэ прототиптарыгар, оччолорго кырачаан кыргыттарга, ааҕааччылар санааларын үллэһиннилэр, махталларын биллэрдилэр.

 WhatsApp Image 2024-02-09 at 17.21.45.jpeg

 



Рубрики