Кыраайы үөрэтээччи, историк Иван Новгородов төрөөбүтэ 125 сылынан быыстапка турда

02.09.2024

WhatsApp Image 2024-09-02 at 15.57.06.jpeg

Национальнай библиотека кыраайы үөрэтэр салаатын ааҕар саалатыгар (Историческай дьиэ, 1 этээс) саха интеллигенциятын чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ, научнай эйгэҕэ киэҥник биллэр, ытыктанар историк, кыраайы үөрэтээччи, этнограф Иван Дмитриевич Новгородов 125 сылын көрсө кинигэ быыстапката турда. Бу быыстапкаҕа Иван Дмитриевич ыстатыйалара, үлэтэ-хамнаһа, тус олоҕо сырдатылынна.

Быыстапка биир сүрүн докумуонунан «Очерки по изучению Якутского края» диэн 1927 сыллаахха Иркутскай куоракка тахсыбыт кинигэ буолар. Манна «А.Е. Кулаковский» диэн Новгородов бастакы научнай ыстатыйата бэчээттэнэн тахсыбыта.

Төрөөбүт кыраайын историятын үөрэтии Иван Новгородов олоҕун оҥкула буолбута. Ол курдук, кини салалтатынан араас археологическай хаһыылар ыытыллыбыттара, 60-тан тахса көмүүнү үөрэппитэ. 50-тэн тахса научнай ыстатыйалары суруйбута. Кини Ем. Ярославскай аатынан түмэлгэ өр кэмҥэ научнай чинчийэр үлэни-хамнаһы ыыппыта уонна Чурапчы, Таатта, Булуу о.д.а. улуустарга уопсастыбаннай уонна оскуола түмэллэрин тэрийиигэ кылаатын киллэрбитэ.

Сахабыт сирин киэн туттар дьонун-сэргэтин үйэтитэр, сырдатар быыстапканы кэлэн көрөргүтүгэр ыҥырабыт.


WhatsApp Image 2024-09-02 at 15.57.41.jpeg

WhatsApp Image 2024-09-02 at 15.58.27.jpeg

Рубрики