Документалист Николай Сантаевка аналлаах быыстапкаҕа ыҥырабыт

30.01.2024
WhatsApp Image 2024-01-30 at 18.50.50.jpeg

СӨ Национальнай библиотекатын Кыраайы үөрэтэр салаа ааҕар саалатыгар талааннаах салайааччы, режиссер, оператор, суруналыыс Николай Сантаев 85 сааһын көрсө «Айар талааны аргыс оҥостон» диэн  быыстапкаҕа ыҥырабыт. Тэрээһин үөрүүлээх аһыллыыта олунньу 2 күнүгэр 15.00 чаастан СӨ Национальнай библиотекатын Историческай саалатыгар ыытыллыаҕа. 

Быыстапкаҕа Николай Маркович үлэтин, олоҕун сырдатар кинигэлэри, хаһыат ыстатыйаларын, хаартыскалары, бэйэтэ тутта сылдьыбыт камератын, малларын-салларын олунньу 2 күнүттэн 12 күнүгэр диэри көрүөххүтүн сөп. 

Николай Маркович Сантаев - Россия култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС телевидениетын, радиотын туйгуна, Арассыыйа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык кинематографиһа, «Ника» кинематография искусствотын Академиятын чилиэнэ, Сунтаар улууһун ытык олохтооҕо.

Саха бастакы көлүөнэ идэтийбит кинооператора - уһун сылларга айымньылаахтык үлэлээбит, төрөөбүт өрөспүүбүлүкэтин киинэтин историятыгар дьоһуннаах кылааты киллэрсибит, умнуллубат суолу хаалларбыт дьонтон биирдэстэрэ.



Рубрики