Иван Алексеев-Хомус Уйбаан кинигэлэрин тула кэпсэтиигэ ыҥырабыт

08.05.2024

WhatsApp Image 2024-05-08 at 10.36.49.jpeg

Ыам ыйын 14 күнүгэр 15.00 чаастан СӨ Национальнай библиотекатын Историческай саалатыгар Иван Егорович Алексеев - Хомус Уйбаан кинигэлэрин тула кэпсэтиигэ ыҥырабыт. 

Бу күн тыл билимин дуоктара, бэрэпиэссэр, Аан дойду норуоттарын хомуһун киинин бэрэсидьиэнэ Иван Егорович Алексеев – Хомус Уйбаан "Куйаартан кутуллар дорҕооннор", "Проблемы фоносинтаксиса якутской речи", "Ийэ тыл иһиллэр кэрэтэ" кинигэлэрин билиһиннэриэхпит. 

Кинигэлэр киэҥ ааҕааччыга, үөрэх-билии эбинэр дьоҥҥо, тыыннаах тылынан саҥарыы дьылҕатын салгыы туруулаһыах, эркээйитин түстэһиэх дьоҥҥо ананар.  


Рубрики