«ҺӨҔҮҤ: якутский язык глазами художника 2.0»: прием заявок открыт
Союз художников Якутии, Национальная библиотека РС(Я), Творческое объединение «Культура Якутии» при поддержке Президентского фонда культурных инициатив объявляют о начале приема заявок на отборочный этап Республиканской выставки современного искусства «ҺӨҔҮҤ: якутский язык глазами художника 2.0».
К участию в отборочном этапе приглашаются профессиональные художники-живописцы, графики, скульпторы, фотографы, видеографы, дизайнеры и студенты средних и высших профильных учебных заведений.
Проект предлагает художнику выразить собственное понимание задач изучения, сохранения и осмысления якутского языка. Авторы могут высказать свою личную независимую точку зрения о данной проблеме любыми средствами изобразительного искусства, в любой из художественных практик (живопись, графика, скульптура, декоративно-прикладное искусство, инсталляция), как индивидуально, так и в составе группы. Стилистика произведений не ограничена: от реализма до экспериментальных практик современного искусства.
Сроки приема заявок: с 1 марта по 15 мая 2024 года. Организационной комиссией будет отобрано 25 заявок, авторы, прошедшие отборочный этап, получат сертификаты номиналом в 8000 рублей для приобретения материалов для реализации заявленных идей и участия в выставке «ҺӨҔҮҤ: якутский язык глазами художника 2.0», которая состоится в ноябре 2024 года в галерее Союза художников Якутии «Арт Ситим».
Положение отборочного этапа: скачать.
Прием заявок: https://docs.google.com/forms/d/e/1FAIpQLScFZMlKOmgVA3nspxYbbIYZQf2GMAc9JwJO1kjr7d1vX7Whiw/viewform?usp=sharing
Контакты для справок: galereya_ykt@mail.ru, culture.yakutia@gmail.com.
Аныгы ускуустуба өрөспүүбүлүкэтээҕи "ҺӨҔҮҤ: саха тыла худуоһунньук хараҕынан 2.0" быыстапкатыгар кыттарга сүүмэрдиир түһүмэххэ сайаапкалары тутуу саҕаланна
РФ Бэрэсидьиэнин култуураны өйүүр пуондатын өйөбүлүнэн, Саха Сирин худуоһунньуктарын сойууһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтэ, "Саха Сирин култуурата" айар холбоһук кыттыһан, аныгы ускуустуба өрөспүүбүлүкэтээҕи
"ҺӨҔҮҤ: саха тыла худуоһунньук хараҕынан 2.0" быыстапкатыгар кыттарга сүүмэрдиир түһүмэххэ сайаапкалары тутуу саҕаламмытын биллэрэллэр.
Сүүмэрдиир түһүмэххэ идэтийбит живописец-худуоһунньуктар, скульптордар, графиктар, фотографтар, дизайнердар, видеографтар уонна бу хайысхаларынан үөрэнэ сылдьар устудьуоннар кыттыахтарын сөп.
Бу бырайыак худуоһунньук саха тылын харыстыыр, үөрэтэр уонна тарҕатар соругу бэйэтэ хайдах көрөрүнэн дьүһүйэрин көҕүлүүр.Онуоха ааптар тус бэйэтин биитэр бөлөҕүнэн үлэтигэр ойуулуур-дьүһүннүүр сатабыл бары ньыматын туһанара хааччахтаммат: графика, скульптура, хаартыска, уруһуй, инсталляция, декоративнай-прикладной ускуустуба, о.д.а. буолуон сөп.
Үлэ стилистиката эмиэ көҥүл тыыннаах буолара биһирэнэр: реализмтан саҕалаан, аныгы ускуустуба эспиримиэнниир быраактыкатыгар тиийэ.
Сайаапкалары тутуу болдьоҕо: 2024 с. кулун тутар 1 күнүттэн ыам ыйын 15 күнүгэр диэри.
Тэрийэр хамыыһыйа бастыҥ идиэйэлээх 25 сайаапканы талыа. Кинилэр ол толкуйдарын олоххо киллэрэллэригэр анаан хас биирдиилэригэр 8000 солк. бэриллэр. Оҥорбут үлэлэрин 2024 с. сэтинньитигэр Саха Сирин худуоһунньуктарын сойууһун Художественнай пуондатын дьиэтигэр тэриллэр "ҺӨҔҮҤ: саха тыла худуоһунньук хараҕынан 2.0" быыстапкаҕа көрдөрүөхтэрэ.
Сүүмэрдиир түһүмэх балаһыанньата.
Сайаапканы тутуу сигэтэ: https://docs.google.com/forms/d/e/1FAIpQLScFZMlKOmgVA3nspxYbbIYZQf2GMAc9JwJO1kjr7d1vX7Whiw/viewform?usp=sharing
Сиһилии билсэргитигэр: galereya_ykt@mail.ru, culture.yakutia@gmail.com.