«Саха тыла аныгы кэмҥэ» төгүрүк остуолга ыҥырабыт

28.02.2024

WhatsApp Image 2024-02-28 at 16.20.41.jpeg
Ийэ тылы харыстааһын уонна сайыннарыы хайысхатыгар 90-с сылларга тэриллибит «Ийэ тыл» түмсүүнү кытта ситимнэһэн, «Барҕарыы» пуонда, «Олоҥхо» ассоциация, «Ийэ тыл кэскилэ», «Ааҕар Саха сирэ», «Саха тыла 400», «Күөрэгэй», «Күн» оҕолор уопсастыбаннай хамсааһыннара уо.д.а. айымньылаахтык билигин үлэлии-хамсыы сылдьаллар.

Кулун тутар 5 күнүгэр бу ааттаммыт түмсүүлэр күүстэрин холбоон, ийэ тылы хараанныыр баараҕай үлэни сүрүннүүр сыаллаах-соруктаах «Ийэ тыл – 2024» диэн сүбэлэһии, санаа атастаһыытын улахан түһүлгэтин тэрийэллэр. Ол курдук бу күн 10.00 чаастан Национальнай библиотека Историческай саалатыгар «Саха тыла аныгы кэмҥэ / Якутский язык в современных реалиях» диэн төгүрүк остуолга ыҥырабыт.

Тэрээһини «Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын ыытыа.



Рубрики