«Сунтаар Хаҥалаһа - мин дойдум» диэн кинигэ сүрэхтэниитигэр ыҥырабыт

15.01.2024
WhatsApp Image 2024-01-15 at 13.55.18.jpeg

Тохсунньу 21 күнүгэр 14.30 ч. СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин Историческай саалатыгар «Сунтаар Хаҥалаһа - мин дойдум» диэн кинигэ сүрэхтэниитигэр ыҥырабыт. Ааптардар - Малдьаһын атыыһыт сиэнэ Антонина Осипова-Григоьева, СӨ үөрэҕириитин туйгунаСемен Андреев.

Кинигэҕэ былыргы былдьаһыктаах дьылларга Улуу Туймаада эбэттэн көһөн кэлбит Хаҥалас аҕатын ууһа билиҥҥи Сунтаар улууһун сиригэр олохсуйан, Хаҥалас буолаһа (нэһилиэгэ) диэн саамай улахан, киэҥ сирдээҕинэн-уоттааҕынан биллибит нэһилиэги олохтоон, уутуйан олорбутун, биллэр-көстөр дьонноох аҕа уустарын төрүттээбитин, ол дьон олохторун-дьаһахтарын, үлэлэрин-хамнастарын тустарынан архыып докумуоннарынан итиэннэ дьоннор ахтыыларыттан сырдатыллар.

Холбонор сигэ: https://nlrs.ru/event-redirect/12342.
Рубрики