«Киэҥ эйгэҕэ сахалыы саҥарыы сатабыла» дебат-чөмпүйэнээккэ кыттыҥ
Олунньу 16 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун И.Г. Тимофеев аатынан Майа лиссиэйигэр «Киэҥ эйгэҕэ сахалыы саҥарыы сатабыла» диэн дебат-чөмпүйэнээккэ ыҥырабыт.
Дебаты СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ, Саха өйүн-санаатын, баайын уонна култууратын сырдатар-чинчийэр киин, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Үөрэҕин управлениета, И.Г. Тимофеев аатынан Майа лиссиэйэ тэрийэн ыытыахтара.
Ийэ тылбытынан ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Киэҥ эйгэҕэ сахалыы саҥарыы сатабыла» дебат-чөмпүйэнээт сахалыы тыл-өс култууратын, саҥарыы сатабылын иҥэриигэ, сиэр-майгы, өй-санаа өттүнэн оҕо түмэр-салайар дьоҕурун сайыннарыыга, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолууга, үтүө сыһыан, таптал холобурдарынан иитиигэ туһаайыллан сыл аайы ыытыллар.
Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ.