«Айар-тутар Сахам сирэ» быыстапка-дьаарбаҥка түмүктэннэ
07.03.2023
Кулун тутар 6 күнүгэр Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын киинигэр «Айар-тутар Сахам сирэ» быыстапка-дьаарбаҥка түмүктэннэ. Өрөспүүбүлүкэ биир улахан тэрээһинин түмүктүүр күҥҥэ СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин бастакы солбуйааччыта Афанасий Ноев сырытта.
«Быйыл норуот уус-уран оҥоһуктарын «Айар-тутар Сахам сирэ» быыстапка-дьаарбаҥканы 13-с төгүлүн «Симэх» норуот ускуустубатын уонна уус-ууран оҥоһуктарын национальнай киинэ тэрийэн ыытта. Быыстапкаҕа 20 улуус, Дьокуускай куорат, 9 уопсастыбаннай айар түмсүү, Казахстан, Алтай, Бурятия Өрөспүүбүлүкэлэриттэн, Камчатскай, Хабаровскай кыраайдартан тиийэ, наука, ускуустуба, норуот маастардара кытыннылар. Тэрээһин киэҥ далааһыннаахтык ыытыллыбытынан эҕэрдэлиибин!», - диэтэ Афанасий Ноев.
Бу күннэргэ быыстапкаҕа уус-уран оҥоһуктар 11 көрүҥнэригэр күрэх ыытылынна. Быыстапкаҕа уопсайа 489 киһи кытынна. Тэрээһин чэрчитинэн уопуттаах маастардар маастар-кылаас көрдөрдүлэр, үлэлэрин туһунан кэпсээтилэр. Таҥас, киэргэл, муос, туос, мас оҥоһуктар, иһит арааһа онтон да атын киһи сөҕүөн-махтайыан курдук араас кэрэ оҥоһуктар турдулар.
Үс күн устата быыстапкаҕа 12 тыһыынчаттан тахса киһи сырытта. Быйылгы тэрээһиҥҥэ болҕомто ыччакка туһаайылынна. Уһаныы, иистэнии көрүҥнэригэр таһымы үрдэтэр көрүү күрэхтэр: «Хамыйахтаах, кытыйа», «Халадаай, хаһыаччык», «Авса» хотугу норуоттар суумкаларын тигиигэ ыытылыннылар. Уопсайа 29 улахан киһи, 2 оҕо кытынна.
Ону таһынан, Норуот маастарын күнүгэр үөрүүлээх сэлэлээн хамыы быйыл 7 төгүлүн ыытылынна. Барыта 27 улуустан, 2 үөрэх кыһатыттан, 4 уопсастыбаннай айар түмсүүлэртэн, култуура икки тэрилтэтиттэн 1300 киһи кытынна.
Рубрики