Афанасий Ноев: Афанасий Осипов туруу үлэһит дьон мэтириэтин үйэтиппитэ
Бүгүн, олунньу 28 күнүгэр, СССР, РСФСР, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай худуоһунньуга, Илья Репин аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, СӨ Духуобунас Академиятын бастакы бэрэсидьиэнэ, Ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба Арассыыйатааҕы академиятын чилиэнэ Афанасий Николаевич Осипов төрөөбүтэ 95 сылын (1928-2017) бэлиэтиибит.
«Афанасий Николаевич Осипов саха туруу үлэһит дьонун, колхозтаахтары, совхозтаахтары, ыанньыксыттары, табаһыттары, балыксыттары, тутааччылары ойуулаан, үлэһит дьону уруйдаан-айхаллаан, кинилэр мэтириэттэрин дьоҥҥо, норуокка үйэтитэн хаалларбыт биһиги уһулуччулаах худуоһунньукпут буолар», - диир СӨ култуураҕа уонна духуобунаска миниистири бастакы солбуйааччы Афанасий Ноев.
Афанасий Осипов аата-суола өрөспүүбүлүкэ таһыгар киэҥник биллэр. Кини өр сыллааҕы үлэтэ бүүс-бүтүннүү төрөөбүт сирин кытта ситимнээх. Афанасий Николаевич айар үлэтэ Саха сиригэр живопись сайдыытын уонунан сылларга быһаарбыта. «Табаһыттар бырааһынньыктара», «СССР Үтүөлээх тренерэ Д.П. Коркин үөрэнээччилэрин кытта», «Саха норуодунай суруйааччылара», «Сылгыһыттар. Үрүҥ түүннэр», «Муҥха» онтон да атын үлэлэригэр төрөөбүт сирин-уотун үгэстэрэ, дьон-сэргэ тыына, хотугу сир күүһэ ойууланар. Худуоһунньук история уонна аныгы кэми дьүөрэлээн, итэҕэтиилээхтик ойуулуура.
Афанасий Осипов 1928 сыллаахха олунньу 28 күнүгэр Хаҥалас улууһун 2-с Эргис нэһилиэгин (Мытаах) Бөтөҕөстөөх диэн кытыы сытар алааска күн сирин көрбүтэ. Сиинэ үрэх, очуостар, халыҥ тыа – бу барыта эдэркээн Афанасий кутун-сүрүн туппуттара, кэрэни өйдүүргэ үөрэппиттэрэ. Булчуттары, сир баайын хостооччулары кытта эҥээрдэспит буолан, идэтин эрдэ быһаарыммыт. Онон үөрэххэ киирэрин саҕана, элбэҕи толкуйдаабакка, түүлээхсит идэтигэр кооперативнай техникумҥа киирбит.
1945 сыл сааһыгар, техникуму бүтэрэр сылыгар, 17 саастаах уолчаан эмискэ худуоһунньук буолар санааттан ыраах Москуба куоракка айанныыр. Өлүөнэ өрүһү ый кэриҥэ туоруур, ол кэннэ аны тимир суолунан айанныыр. Москубатыгар өр-өтөр айаннаан, художественнай оскуолаҕа үөрэххэ киирэр. Оскуола бырагырааматын уһулуччу үчүгэйдик түмүктээн, түөрт сылынан В.И. Суриков аатынан Москубатааҕы үнүстүүккэ үөрэнэ киирэр. Манна живопись факультетыгар биллиилээх худуоһунньуктарга Петр Котовка уонна Федор Решетниковка түбэһэн үөрэнэр. Кини айар үлэтэ нуучча реализмын уонна сэбиэскэй живопись үгэстэрин, ону таһынан төрөөбүт дойдутун, Саха сирин айылҕатын, историятын уонна култууратын кытта ситимнээҕэ. 1955 сыллаахха үөрэҕин ситиһиилээхтик түмүктүүр. «Ойууну үүрүү» диэн дьупулуом үлэтин үрдүктүк сыаналыыллар. Афанасий Осипов төрөөбүт Сахатын сиригэр төннөн кэлэр, олоҕун худуоһунньук үлэтигэр аныыр.
Афанасий Осипов айар үлэтэ Саха сирин ускуустубатын классиката буолбута. Маастар ураты көрүүтэ, кини олоххо тардыһыыта, таптала, тулалыыр эйгэни ойуулуура атыннык, итэҕэтиилээхтик көстөр.
1950-с сыллар бүтүүлэригэр Афанасий доҕорун Семен Даниловы кытта хоту айанныыр. Онно дьэ аан бастакытын хайалары көрөр. Худуоһунньук уонна поэт тэҥҥэ хоту дойду сирин-уотун кэрийэллэр, колхозка олороллор, Андрюшкино уонна Колымскай нэһилиэктэргэ сылдьаллар. Бу кэм тухары Афанасий Николаевич уруһуйдуурун тохтоппот. Уһук Хоту дойдуну ис-иһиттэн сөбүлээн, саҥа иэйии ыла, саҥа тиэмэлэри көрдүү хаста даҕаны өссө бара сылдьыбыт. Саха Арктикатын ойуулаан көрдөрбүт маҥнайгы худуоһунньуктартан биирдэстэрэ буолар.
Билиҥҥи саха живопиһыгар инники күөҥҥэ турар. Национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр култуураҕа Осипов ураты кэмнэммэт кылаатын киллэрбитэ.
«Атын худуоһунньуктар үлэлэрин төһө да ытыктаатарбын, айар үлэбэр ис санаабын, турукпун эрэ куруук истэбин. Реализм хайысхатыгар үлэлииргэ талаһабын. Худуоһунньук олох түгэннэриттэн, натураҕа итэҕэйэн, эрэнэн үлэлиир буоллаҕына, уонна, биллэн турар, мунньуммут билиитин, айар үлэтин холбоотоҕуна, кини сайдар дии саныыбын», - диирэ.
Афанасий Осипов айымньылара Судаарыстыбаннай Третьяковскай галереяҕа, Илин ускуустубатын Судаарыстыбаннай түмэлигэр, СӨ Национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр түмэлигэр, Владивосток, Ворошиловград, Краснодар, Красноярскай, Кемерово, Нерюнгри, Львов, Томскай, Чита, Ярославль уонна да атын куораттар түмэллэригэр, чааһынай кэлиэксийэлэргэ тас дойдуларга тиийэ бааллар.
1955-1957 сылларга Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа үлэлээбитэ, 1964-1985 сылларга - СССР Худуоһунньуктарын сойууһун бырабылыанньатын чилиэнэ, 1968 сылтан - РСФСР Худуоһунньуктарын сойууһун бырабылыанньатын сэкирэтээрэ, 1979-1992 сылларга Саха АССР Худуоһунньуктарын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, 2000 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах гражданина, 1994-2004 сылларга Красноярскайдааҕы художественнай үнүстүүт Саха сиринээҕи салаатыгар живопись хаапыдыратын сэбиэдиссэйинэн, профессорынан үлэлээбитэ, 2000-2004 сылларга АГИКИ ойуулуур-дьүһүннүүр факультетыгар живопись хаапыдыратын профессора уонна сэбиэдиссэйэ этэ.
Афанасий Осипов туһунан литэрэтиирэ СӨ Национальнай библиотекатыгар баар:
1. Афанасий Осипов. Живопись: каталог https://new.nlrs.ru/open/61598
2. Время. Пространство. Художник: 100 дарственных работ Афанасия Осипова: каталог https://new.nlrs.ru/open/61603
3. Творчество художников советской Якутии: сборник научных трудов https://new.nlrs.ru/open/11826
4. Лауреат Государственной премии РСФСР 1986 года в области изобразительного искусства им. И. Репина А. Н. Осипов: биобиблиографический указатель https://new.nlrs.ru/open/61596
5. Афанасий Николаевич Осипов https://new.nlrs.ru/open/61542
6. Афанасий Осипов = Afanasi Osipov https://new.nlrs.ru/open/61584
7. Мир кочевников Афанасия Осипова: традиции и современность https://new.nlrs.ru/open/61546
8. Якутия Афанасия Осипова https://new.nlrs.ru/open/54251
СӨ Национальнай библиотекатын Медиакиинэ