Афанасий Ноев: Намнааҕы история уонна этнография түмэлэ бүтүн Саха сирин историятын кэрэһэлиир
Олунньу 22 күнүгэр П.И. Сивцев аатынан Намнааҕы история уонна этнография түмэлин саҥа Дыбарыаска көһөр үөрүүлээх күнүн уонна 55 сыллаах үбүлүөйдээх тэрээһинэ буолан ааста. Тэрээһин өбүгэ үгэһинэн, сахалыы сиэринэн алгыһынан саҕаланна, сиэри-туому Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, алгысчыт Петр Охлопков оҥордо, алгыһы хомуһунан Артур Семенов-Тоҥ Саха доҕуһуоллаата.
Саҥа түмэлгэ киирэр кыһыл лиэнтэни Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин бастакы солбуйааччыта Афанасий Ноев, Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов, П.И. Сивцев аатынан Намнааҕы история уонна этнография түмэлин дириэктэрэ Александр Копырин үөрүүлээх быһыыга-майгыга быстылар.
Ыҥырыылаах ыалдьыттар СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин бастакы солбуйааччыта А.И. Ноев, Нам улууһун баһылыга Ю.И. Слепцов, Нам улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын начальнига С.П. Ядрихинскай, Ленскэй нэһилиэгин баһылыга П.Г. Сокольников, Ем. Ярославскай аатынан хотугу норуоттар историяларын уонна култуураларын холбоһуктаах судаарыстыбаннай түмэлин дириэктэрин солбуйааччы А.М. Ховров, «Арассыыйа –мин устуоруйам» историческай паарка үлэһитэ В.Б. Борисов, «Көмүөл» кинигэ кыһатын салайааччыта Б.И. Павлов эҕэрдэ тылларын эттилэр.
«История уонна этнография түмэлэ 1967 сыллаахха Петр Иннокентьевич Сивцев этиитинэн уонна салайыытынан тэриллибитэ. Бу түмэлгэ 1967 сылтан саҕалаан улуус олохтоохторо, дьоно-сэргэтэ түмсэн, экспонаттары мунньан, билигин өрөспүүбүлүкэҕэ биир биллэр дириҥ баай историялаах уонна улуус, Саха сирин историятын кэрэһэлиир, кэпсиир түмэл буола үүннэ. Бу түмэл, култуура дыбарыаһыгар киирэн, саҥа истиэндэлэри, матырыйааллары туттан, саҥалыы көрүҥнэммитин киһи кэрэхсии көрөр. Онон Сахабыт сирин олохтоохторун Нам улууһугар история уонна этнография түмэлигэр сылдьан, улуус уонна өрөспүүбүлүкэ историятын билэн-көрөн бараргытыгар ыҥырабыт. Түмэл - олох, история кэрэһитэ буолар. Онон ким норуотун, дойдутун историятын уонна ийэ сир кэрэтин көрөр-истэр, үөрэтэр - ол дириҥ билиилээх, кэскиллээх суолу-ииһи саҕалыыр, сайар диэн этиэх тустаахпыт», - диэтэ СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин бастакы солбуйааччыта Афанасий Ноев.
Мустубут дьон түмэл саалаларынан сырыттылар, аныгы кэм ирдэбилигэр эппиэттиир быыстапкалары көрөн сөхтүлэр. Биллиилээх композитор А. Костин уола Алексей Андреевич Попов кэргэнэ Ирина Иннокентьевна Борисова түмэлгэ пианиноны экспонат быһыытынан бэлэх ууммутун дьоҥҥо-сэргэҕэ сырдаттылар.
«Билигин түмэли салайа сылдьар Копырин Александр Иванович кэлэктиибин түмэн, туругуран туран үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Саҥа дьиэҕэ-уокка киирэн, бу экспонаттарын, түмэл малын-салын саҥардан, саҥа экспозициялары туруоран, киһи кэрэхсиир гына оҥорбуттар. Ону таһынан сотору виртуальнай түмэли оҥоруохтаахтар, ол өссө сайдан, дьону-сэргэни тардыа диэн бигэ эрэллээхпит», - диэн Афанасий Иванович бэлиэтээтэ.
Бу түмэлгэ айылҕа кэрэтин көрдөрөр композиция, М.К. Аммосовка, И.Е. Винокуровка аналлаах истиэндэлэр, Намтан төрүттээх чулуу дьон-сэргэ туһунан кэпсиир экспозициялар турбуттар. Ону таһынан Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарыгар туспа экспозиция анаммыт.
«Түмэл үлэһиттэрэ араас дьарыктаах эбиттэр - ким иистэнэр, ким уһанар, ким быыстапка матырыйаалларын оҥорор, ким чуораанчыктары, значоктары мунньар, ким успуорка сүгүрүйэр. Онон үлэһиттэр интэриэстэрин, дьарыктарын кэпсиир экспозиция эмиэ баарын сэргии көрдүбүт. Аныгылыы көрүүлээх дьон манна үлэлиириттэн үөрдүбүт», - диэн Ноев санаатын үллэһиннэ.СӨ Национальнай библиотекатын Медиакиинэ
Хаартыскалар - Нам улууһун саайтыттан.