Төрөөбүт тыл инники кэскилин туһунан санаалар
Олунньу 13 күнэ - Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ. Ийэ тылбыт инники кэскилин туһунан тэттик интервьюлары көрүҥ, сэргээҥ.
Иван Шамаев - «Оҕо сахалыы билиэхтээҕин төрөппүт өйдүөх тустаах. Оҕо сахалыы үөрэннэҕинэ, сахалыы иитилиннэҕинэ, быдан дьоллоох, сайдыылаах киһи буолар кыахтаах».
Олег Колесов – Талбан - «Саха буоларбынан киэн туттабын уонна дьоллоохпун дэнэбин».
Семен Черноградский - «Бүгүҥҥү күҥҥэ оҕолорбут сахалыы саҥаралларыттан, сахалыы оскуолаҕа үөрэтэллэриттэн үөрэбин. Биһиги, ордук кыра омуктар, тыыннаах хааларбыт тылбытыгар сытар. Онон тылбытын, Олоҥхобутун харыстаан, илдьэ сылдьан, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдэн иһиэхтээхпит».
Вячеслав Шадрин - «Современные технологии создадут хорошие возможности для возрождения и сохранения языков и культур».
Наталья Михалева - Сайа - «Суруйааччы буоларым быһыытынан, 100 сыл иһинэн уус-уран сурукпутунан аан дойдуга биллиэхпитин, улахан талааннаах, саха дьиҥ олоҕун көрдөрөр, уус-уран тылын күүһүнэн тахсыбыт биллэр-көстөр суруйааччылар баар буолуохтарын, айымньылар тылбаастанан, аан дойдуга тахсыахтарын баҕарабын».
Август Егоров - «Кэлэр үйэҕэ дьон элбэх кинигэни ааҕыа, киэҥ билиилээх-көрүүлээх буолуоҕа».
Татьяна Жиркова - «Кэм-кэрдиис духуобунаһа суох инникитин өнүйбэт. Итини биһиги чопчу өйдүөхпүтүн наада. Духуобунаспытын туоратан, аҥардас атынынан тыыга олорон эрдэн бардахпытына, биһиги уһаабаппыт. Киһи айар дьоҕура сыаналанар буоларыгар үчүгэй үлэ барыахтаах».
Наталья Харлампьева - «Саха литературата сайдар кэскиллээх, тоҕо диэтэххэ, саҥа, эдэр күүстэр киирэн иһэллэр».
Борис Неустроев – Мандар Уус – «Култуурабыт, тылбыт-өспүт сайдан кэлбитин курдук сайда туруоҕа. Тылбытын илдьэ хааллыбыт да, омук быһыытынан симэлийиэхпит суоҕа».
Гаврил Андросов – «Олоҥхо – саха өйүн-санаатын, култууратын, духуобунаһын, этнографиятын, историятын барытын илдьэ сылдьар матрица. Ол матрицаны биһиги төһө дириҥник хасыһан үөрэтэбит да, оччонон норуот быһыытынан тыыннаах хааларбыт, көмүскэллээх буоларбыт, сайдарбыт барыта ону кытта ситимнээх».