Улуу киһи аатын чиэстээхтик сүгэр
Ол курдук, бу күн уһулуччулаах учуонайбыт, сахалартан бастакы академик, техническэй наука доктора Владимир Ларионов төрөөбүтэ 85 сылын туолла. Итиэннэ лицей кэнчээри ыччаты үөрэх-билии дойдутугар сирдээн киллэрэр аанын арыйбыта оруобуна 30 сыла буолла. Ити икки үбүлүөйү бэлиэтиир бэртээхэй тэрээһин Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырыгар ыытылынна.
ФТЛ 1993 сыллаахха тэриллэригэр Саха-турецкай анатолийскай колледж диэн этэ. Онно дириэктэрдээбит Мухаррем Качмазуонна омук тылын учуутала Абдулкадыр Аккайя ыраах Турция сириттэн кэлбиттэрэ дьоро киэһэни өссө киэргэттэ.
—Интернациональнай оскуоланы аһар туһунан идиэйэ оччолорго Турция үөрэҕин министиэристибэтигэр үөскээбитэ. Ити саҕана биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр мультилингвальнай үөрэхтээһин саҥа тарҕанан эрэрэ. Ол иһин барыта олус сонун этэ. Бастатан туран, манна уолаттар эрэ үөрэниэхтээхтэрэ. Иккиһинэн, үөрэтии булгуччу ангылычаан уонна нуучча тылларынан эрэ барыахтааҕа. Аны бэрээдэк, эрэсиим да өттүгэр ирдэбилэ кытаанаҕа. Ол гынан баран, күүстээх хамаанда үлэлээн, ол барыта ситиһиллибитэ уонна аҕыйах сыл иһигэр дойду үөрэҕин тиһигин бастыҥ кыһатынан буолбута.
Мин урут эдэр сылдьан саныыр этим: “В.П. Ларионову тоҕо чуолаан сыбаарка ньыматын чинчийэргэ анаабыттара буолуой? Тоҕо атын эйгэҕэ буолбакка?” — диэн. Онтон өйдөөбүтүм, ити кэмҥэ Сэбиэскэй Сойууска массыынаны оҥоруу (машиностроение) күүскэ сайдан турара. Онуоха тымныыны тулуйар иһэрдии ирдэнэрэ чуолкайа чахчы. Ити иһин биһиги мындыр киһибитин бу хайысхаҕа туһаайдахтара. Кини Арассыыйа наукатыгар киллэрбит кылаата сүҥкэн. Бэйэтэ киһи быһыытынан олус сэмэйэ, холку киэҥ көҕүстээҕэ. Саамай сүрүнэ, дьону уонна буола турар быһыыны-майгыны, нууччалыы эттэххэ, интуитивно өйдүүр дьоҕурдааҕа.
Биһиэхэ тохсус кылааска “машиноведение” диэн уруок баар буолбута. Ону институт эдэр лаборана Владимир Ларионов кэлэн үөрэтэрэ. Онон кини үөрэнээччитэ буоларбынан киэн туттабын, – диэн кэпсээтэ СТАК тэриллэригэр улахан өҥөлөөх, оччолорго Дьокуускай үөрэҕин начаалынньыга, билигин Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Президенэ Евгения Исаевна Михайлова.
Физико-техническэй лицей кэлэктиибин уонна үөрэнээччилэрин Турцияттан бастакы дириэктэр Мухаррем Качмаз уонна омук тылын учуутала Абдулкадыр Аккайя, СӨ тас сыһыаннаһыыларга миниистирэ Г.В. Кириллин, СӨ үөрэххэ миниистирин солбуйааччы В.И. Тихонов, киин куорат баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Н.Р. Степанова, Дьокуускай куорат үөрэххэ управлениетын начаалынньыга М.П. Петрова, куорат Дууматын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Е.И. Евсикова, Арассыыйа наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатыттан М.М. Черосов, В.П. Ларионов “Сырдык” пуондатыттан В.М. Ефимов, академик төрөппүт кыыһа М.В. Ларионова, Г.А. Афонскай салайааччылаах дириэктэрдэр дэлэгээссийэлэрэ, уо.д.а. эҕэрдэлээтилэр. Кинилэр бары ФТЛ бренд буоларын, аныгы кэмҥэ билиилэринэн, сатабылларынан күрэстэһэр кыахтаах ыччаты уһуйан таһаарарын тоһоҕолоон эттилэр, хара маҥнайгыттан бу оскуола атаҕар турарыгар ахсаабат кыһамньытын уурбут, хаһыс да сылын лицейи сатабыллаахтык салайар дириэктэр Александра Максимовна Соловьеваҕа махтаннылар.
— Арассыыйа наукаларын академиятын тирэх оскуолатын аатын ылбыт бастыҥ кыһа аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир усулуобуйалаах саҥа дьиэҕэ көһөрө буоллар, – диэн инновационнай сайдыы миниистирэ Анатолий Аскалонович Семенов этээтин кытта, ытыс тыаһа хабылла түстэ. – Билигин үрдүкү технология үйэтэ. IT-эйгэ, искусственнай интеллект, роботехника, о.д.а. балысханнык сайдар. Оттон ол барыта физика уонна математика билимнэригэр тирэҕирэрэ. Онон эһиги лицейгит саамай сөптөөх хайысханы тутуһар, мантан саҥа олоҕу саҕааччылар үүнэн-сайдан тахса турдуннар!
Наука дьоҕус академиятын ректора Василий Климович Павлов:
-Грек судаарыстыбаннай диэйэтэлэ Перикл Афиныга оскуола арыйтарарыгар Анаксагоры ыҥыртарбыт. Ону: “Тоҕо чуолаан кинини?” – диэн ыйыппыттарыгар, Перикл: “Кини Анатолияттан сылдьар, онно билии-үөрэх тарҕаммыт сирэ”, — диэн хоруйдаабыт. Ол курдук, бу ФТЛ маннык сайдар суолугар Турцияттан кэлбит учууталларбыт олугу уурбуттара сүдү суолталаах. Мин тус бэйэм В.П. Ларионовтыын бэһис кылаастан ыла алтыһан саҕалаабытым. Кини кэрэни олус кэрэхсиирэ. Москубаҕа тэҥҥэ тыйаатырдарга, мусуойдарга, балекка, операҕа сылдьарбыт. Оҕолоор, эһиги эмиэ кини курдук, бары өттүнэн дэгиттэр дьон буола улаатыҥ!
Оттон Ил Түмэн дьокутаата Алена Николаевна Атласова бу лицей аҥаардас билиини биэрэринэн эрэ муҥурдамматын, аһыныгас санаалаах айыы сиэрдээх дьону иитэргэ эмиэ үлэни утумнаахтык ыытарын бэлиэтээтэ: “Ыарахан ыарыыга ылларбыт оҕолору өйүүр “Праздник жизни” диэн аһымал пуонда тэрийэн үлэлэтэбин. 2009 сыллаахха бу лицей кырачаан үөрэнээччилэрэ офиспытыгар бэйэлэрэ тиийэн кэлэн, балыыһаҕа сытар оҕолорго кэнсиэр көрдөрүөхтэрин баҕаралларын туһунан эппиттэрэ. Онтон ыла бу ФТЛ кэлэктиибин кытта доҕордоһобут. 10-тан тахса сыл устата оскуолаларыгар аһымал аахсыйаны ыытан, онно киирбит үбү-харчыны эпэрээссийэҕэ барар оҕолорго биэрэллэрин иһин махтанабын. Чуолаан ону барытын иилээн-саҕалаан тэрийэр Александра Петровна Коркинаҕа.
Манна даҕатан эттэххэ, физико-техническэй лицей СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин кытта эмиэ ыкса ситимнээхтик үлэлиир. Ол курдук, “Кинигэ күүһэ” диэн аахсыйа чэрчитинэн, Ил Дархан Айсен Николаев бу лицей үөрэнээччилэригэр Антуан де Сент-Экзюпери «Маленький принц» айымньытын ааҕан иһитиннэрбитэ.
Оттон былырыын 2022 сыллааххаВ.Распутин «Уроки французского» кэпсээнин күүстээх санаатынан ыарахан ыарыыны кыайбыт Карина Колесова ийэтэ Наталиялыын ФТЛ бэһистэригэр билиһиннэрбиттэрэ.
Национальнай бибилэтиэкэ «Школа развития личности» диэн бэртээхэй бырайыактаах. Бу аһыллыытыгар кыттыыны В.П. Ларионов аатынан лицей дириэктэрэ Александра Максимовна Соловьева уонна үөрэнээччилэр ылбыттара кэрэхсэбиллээх.
Маны тэҥэ бибилэтиэкэ электроннай пуондатыгар Владимир Петрович чинчийэр научнай үлэтин, олоҕун сырдатар кинигэлэр кэллиэксийэлэрэ таҥыллан оҥоһуллубута.
Ити курдук биһигини кытта өрүү бииргэ билии байҕалыгар тэҥҥэ устар, саҥа саҕалааһыннарбытын өйүүр, ааҕар ыччаты иитэн таһаарарга кыһаллар үөрэх кыһатын — В.П. Ларионов аатынан физико-техническэй лицейи — үбүлүөйдэринэн Национальнай бибилэтиэкэ аатыттан эҕэрдэлиибит!
Сырдатта Анисия Иевлева