Үөһээ Бүлүүлэр «Кыыс Дэбилийэ» олоҥхону биһирээтилэр

09.02.2023
0Y1A4604.jpg

Улууспутугар ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын кэмигэр Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич киэҥ-нэлэмэн өрөспүүбүлүкэбит олоҥхо дьиэлэрин биир ситимҥэ киллэрэн, үлэлэтэр туһунан уураахха илии баттаабыта. Ол иитинэн «Олоҥхо дьиэлэрин биир кэлим систиэмэтин олохтооһун» культурнай экспедиция Бүлүү бөлөх улуустарынан сырыыта тохсунньу 31 күнүттэн саҕаламмыта. Андрей Саввич уонна биир дойдулаахпыт Мария Турантаева салайааччылаах экспедиция - үлэлиир бөлөх Олоҥхо театрын кытта Үөһээ Бүлүүгэ үлэлээтилэр.

Россия народнай артыыската Степанида Борисова туруорбут «Кыыс Дэбилийэ» спектакль Үөһээ Бүлүү улууһугар саҥа тутуллан киирбит Олоҥхо дьиэтигэр, саҥа төгүрүк сценаҕа, саҥа көрөөччүлэргэ үрдүк таһымҥа туруоруллан киэҥ сэҥээриини, сөҕүүнү-махтайыыны ылла. Саҥа тутуллубут Олоҥхо дьиэтигэр төгүрүктүү быһыылаах көрөөччү түһүлгэтигэр олоҥхону сэҥээрээччилэр олорор олбох быыһа-арда суох тоҕуорустулар.

Олоҥхо артыыстара оонньуур оруолларыгар киирэн көрөөччүлэргэ тиэрдиилэрэ бу туруорууга атыннык, сонуннук аныгы ньымаларынан тириэртилэр. Олоҥхо саҕаланыытыттан киһи интириэһин тардар. Олоҥхо ис хоһоонун дьоҥҥо биэриитэ аныгылыы туруорууннан бэрилиннэ. Олоҥхону көрөөччү биир тыынынан көрдө, олоҥхо түмүгэ кыайыынан түмүктэннэ. Урут турбут спектакллартан чыҥха атын. Артыыстар бары эдэрдэр, кыраһыабайдар, сатабыллаахтар, сылбырҕалар. Аныгы кэмҥэ төрөөбүт, улааппыт оҕолор буолан толоруулара, хамсаныылара атын, киһини умсугутар, тардар күүһэ күүстээх. Урут олоҥхоһуттар олорон эрэ олоҥхолуур буоллахтарына, бу «Кыыс Дэбилийэ» олоҥхоҕо бары хамсана, сүүрэ-көтө сылдьан олоҥхолууллара сонун, киһини сонурҕатар.

Түмүгэр олоҥхо тыыныгар бииргэ олорсон бу киэһэттэн бары астынан, сүргэбит көтөҕүллэн, сахабыт сирин култуурата үрдүк чыпчаалга тиийбитин өссө төгүл итэҕэйэн, дьиҥнээх сахалыы түһүлгэҕэ кыттан үөрэн-көтөн тарҕастыбыт. Олоҥхобут тыынын илдьэ сылдьааччыларга, уһуйааччыларга, тарҕатааччыларга Андрей Саввичка, Мария Турантаеваҕа, Степанида Борисоваҕа итии-истиҥ махталбытын тиэрдэбит.

Инникитин саҥа тутуллубут олоҥхобут дьиэтигэр оллоонноон олорон олоҥхолуур оҕо аймах, ыччат үксээтин, ону истэр, «Ноо!» диэн сэҥээрэр дьон элбээтин, олоҥхобут тэнийдэр тэнийдин, киэҥник ааҕылыннын!

Үөһээ Бүлүү киин модельнай библиотекаттан сылдьыбыт көрөөччүлэр.

0Y1A4606.jpg

   Олоҥхо театрын кэннэ санааларым

            Олоҥхо театрыгар эдэр артыыстар кэлбиттэрин көрөөрү, билиэттэрэ бүппүт да буоллар, ойоҕос да миэстэҕэ тиксэр баҕалаах массыынанан бырахтардым. Киһи үп-үллэҥнэс, хата, биһиги дьолбутугар, эрдэ тиийбиччэ миэстэ көстөн, билэр дьоммун кытта хаартыскаҕа түстүм.

            Испэктээх саҕаланна, арай сыана ортотунан хайаҕастаах маҥан таҥас сытар. Киһи дөйүөх, сылатар улахан муусука да, киһи хараҕа саатар уот-күөс, да суох. Дьэ, били ортотугар сытар таҥаспыт улахан оруоллаах эбит. Артыыстарбыт ити аннынан киирэн-тахсан, сылбырҕа сырыылаах, чочуонай туттуулаах сороҕор ортотуттан тахсан кэлэллэр. Көтө сылдьар курдуктар. Эрчимнэрэ, түргэннэрэ-тарҕаннара, имигэстэрэ, чэпчэкилэрэ аныгылыы букатын сонуннук, киһи кутун-сүрүн лаппа тартылар.

        Олус бэрт олоҥхону көрөн астынан кэллим. Бары эдэр артыыстар буолан, бэйэлэрин дьон дьүүлүгэр таһаарбыттара, аныгылыы сиэринэн туруоруулара сэргэхтик көһүннэ. Үөһээ Бүлүүлэр олох дуоһуйа көрүстүлэр, хойукка дылы уҕараабат, хабыллар ытыс тыаһынан айхаллаатылар-уруйдаатылар. Толоруу мааны! Кыыс Дэбилийэ Анастасия Алексеева – Олоҥхо Батл кыайыылааҕа оруолун олох кыайа тутта! Уопсайынан, бары да маладьыастар, наһаа астык киэһэни бэлэхтээтилэр. Үс иилээх оһуохай дьиэрэйдэ, дьон-сэргэ астынна, толору аншлаг!

      Тоһоҕолоон, эдэр, кэскиллээх дириэктэрдэнэн саҥа испэктээхтэри, олоҥхону эмиэ саҥалыы сонуннук көрдөрүөхтэрэ диэн кэтэһэ хаалабыт. Мария Васильевнаҕа, үөрэппит оҕобор кэккэ ситиһиилэри баҕарабын!

 

Светлана Саввична Ильина, Россия үтүөлээх учуутала.

Олоҥхо тыйаатырын хаартыскалара.

Рубрики