«Кыыс Дэбилийэ» олоҥхоҕо санаа

08.02.2023

WhatsApp Image 2023-02-07 at 09.04.59 (1).jpeg

Олунньу 1-2 күннэригэр Сунтаарга СӨ судаарыстыбаннай сүбэһитэ Андрей Саввич Борисов уонна Олоҥхо тыйаатыра ыалдьыттаатылар. Олоҥхо тыйаатыра Степанида Борисова режиссердаах «Кыыс Дэбилийэ» олоҥхотун көрдөрдүлэр.

Олонхо - саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын саамай үрдүк чыпчаала, үйэттэн үйэлэр тухары көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн испит дириҥ ис хоһоонноох айымньыбыт буолар. Ол иһин, түгэни мүлчү тутумаары, дьиэ кэргэнинэн баран көрдүбүт. Испэктээҕи олус сөбүлээтибит. Артыыстар эдэрдэрэ, толоруулара, олоҥхо дьоруойдарын уобараһын арыйыылара, тойуктара сөхтөрдө. Олоҥхону аныгылыы тэтиминэн көрдөрбүттэрин сэҥээрдим. Тойугунан диалогу көрөргө, истэргэ олус интэриэһинэй уонна кэрэхсэбиллээх эбит.

Оҕолорум, төһө да олоҥхо тыла-өһө, тойуга кыра саастаах оҕоҕо ыараханын иһин, ис хоһоонун олус диэн өйдөөн ылыннылар.

Сунтаар - Олоҥхо дойдута буолан, көрөөччү «Кыыс Дэбилийэ» олоҥхону олус сэргии, сөбүлүү ылынна. Артыыстарга испэктээх бүтүүтэ дохсун ытыс тыаһынан сыаналаата.

Көрөөччу Томская Мария Ивановна,

Сунтаар улууһун кииннэммит бибилэтиэкэтин ситимин

методико-информационнай салаатын сэбиэдиссэйэ

Теги
олоҥхо
Рубрики