Ньурба сирэ «Кыыс Дэбилийэ» олоҥхону биһирээтэ

07.02.2023

WhatsApp Image 2023-02-07 at 09.05.26.jpeg

 Олунньу 3-4 күннэригэр Ньурба улууһун култууратын 100 сыллаах үбүлүөйүн түмүктүүр тэрээһиҥҥэ СӨ судаарыстыбаннай сүбэһитэ А.С. Борисов салайааччылаах өрөспүүбүлүкэҕэ олоҥхо ситимин түмэр сыаллаах «Төрүт үгэс - мин үүнэр үктэлим» экэспэдииссийэ кэлэн, араас хайысхаларынан маастар-кылаас көрдөрөн, сүбэ-соргу биэрэн, «Кыыс Дэбилийэ» олоҥхо кэһиилээх кэлэн, үөрүүбүтүн үс бүк үрдэттэ, саха куппутун уһугуннаран, сүрэхпитин манньытта.

Өбүгэбит муҥутуур айымньыта - Олоҥхобутугар - саха норуота сырдыкка талаһар охсуһуулаах олоҕо ойууланарын бигэргэтэн, «Кыыс Дэбилийэ» олоҥхону саҥалыы тыыннаан көрдөрбүттэрэ «Ноо!» диэн сэҥээриини ылыан ылла. Чахчыта даҕаны, үс саха үөскүөҕүттэн, түөрт саха төрүөҕүттэн саҕаламмыт түҥ былыргы өбүгэбит дьалхааннаах олоҕо хараҥаны кытта охсуһан, өлө-өлө тиллэн, сырдыкка талаһар олохторун туһунан номох уостан уоска кэпсэниллэн, ылланан-туойуллан үйэлэри уҥуордаан кэлбитэ «Ноо!» дэтэн, күн бүгүҥҥэ диэри сөхтөрүөн сөхтөрдөҕө. Ол курдук «Кыыс Дэбилийэ» олоҥхоҕо билиҥҥи олохпут лоскуйдарыттан кыракый кыбытык дьайыылары киллэрбиттэрэ көрөөччүгэ Олоҥхо диэн көннөрү дуоһуйа көрө кэлэр испэктээхтэрэ буолбатаҕын, бу биһиги, сахалар, олохпут укулаата буоларын бигэргэтэр.

Үтүмэн үйэлэртэн уҥуордаан кэлбит Олоҥхобут сарсыҥҥылааҕын эдэркээн артыыстарбыт бигэргэттилэр.Талааннарын дьалкытан таһаарбыт бары уһуйааччыларга барҕа махтал! Улуу уһуйар үлэҕитинэн саҥаттан саҥа талааннары үүнэр үктэл ситиминэн сириэдитэ туруҥ!


                                                                               Маргарита Николаева, библиотекарь. Сүлэ нэһилиэгэ

WhatsApp Image 2023-02-07 at 09.04.59.jpeg


 

 Ньурба сирэ «Кыыс Дэбилийэ» олоҥхону биһирээтэ, «Ноо!» диэтэ

Олунньу ый 3 күнүгэр Ньурба тыйаатырын саҥа таас уораҕайыгар Олоҥхо тыйаатыра кэлэн ыалдьыттаан, саха норуотугар киэҥник биллибит, саха норуотун киэн туттуута буолбут, норуодунай артыыска Степанида Борисова туруоруутугар «Кыыс Дэбилийэ» олоҥхону көрдөрөн, көрөөччүлэр киэҥ биһирэбиллэрин ылла.

Туруоруу саҕаланыыта да ураты эйгэттэн, өрөспүүбүлүкэбитигэр Олоҥхо тыйаатырын төлкөтүн түстэспит, аҕалаатар аҕата, саха ускуустубата аан дойду таһымыгар тахсарыгар улахан кылааттаах, норуот билиниитин, сүгүрүйүүтүн ылбыт норуот артыыһа, билигин СӨ судаарыстыбаннай сүбэһитэ Андрей Саввич Борисов эҕэрдэтинэн саҕаланна.

Урукку өттүгэр Олоҥхо тыйаатырын туруоруутун көрбөтөх буолан, Ньурба тыйаатыры таптааччылара бу күн сааланы толору мустан, ураты эйгэҕэ киирэн, умсугуйа, сөҕө-таптыы, киэн тутта көрдүбүт. Итэҕэйдибит өссө төгүл улуу Олоҥхобут – саха тылын кэрэтин, эгэлгэ дэгэтин, модун күүһүн түмпүт улууканнаах айымньыбыт буоларыгар. Ону дьон, көрөөччү сүрэҕэр Олоҥхо тыйаатырын эдэркээн артыыстара тиэртилэр. Бары да ураты талааннаах эдэр артыыстар оонньоон көрдөрбүттэрэ Олоҥхо тыйаатыра кэскиллээҕин, көрөөччү инникитин өссө да элбэҕи эрэнэ кэтэһэрин туоһутунан буолла. Оттон сүрүн оруолу толорбут эдэркээн артыыска Анастасия Алексеева барыбыт нохтолоох сүрэҕэр тапталы сахта, саха Олоҥхото сарсыҥҥылаах буоларын, Олоҥхо норуоппут духуобунай-култуурунай нэһилиэстибэтэ, историяны кэрэһилиир үтүө өйдөбүнньүгэ буоларын өссө төгүл итэҕэттэ.

Кыыс Дэбилийэ үс дойдулаах саха Олоҥхотун сүрүн дьүһүлгэнэ буолан, үөһэттэн анаан айыллыбыт, кини Чугдаан Бухатыыр көрдөһүүтүнэн Айыы аймаҕын туһугар охсуһууга турунуута уонна кыайыыта умсугутуулаахтык көрдөрүлүннэ. Бу да сырыыга дьахтар нарын санныгар түһэриллибит эрэйи-кыһалҕаны тэҥҥэ үллэстэн, бухатыыр мөлтүүр-ахсыыр кэмигэр дьахтар сиэрдээх өйүнэн, ыарахан кэмҥэ эрэллээх доҕор буолан, саха кэскилин түстэстэ.

Испэктээх түмүктэниитэ олус долгутуулаах буолла, көрөөччүлэр артыыстары сыанаттан ыыппакка, «Браво, бис!» хаһыынан доҕуһуоллаан, артыыстарга умнуллубат түгэни бэлэхтээтилэр. Мин таспар олорбут кырачаан көрөөччү: «Эбээ, мин наһаа үөрдүм, ытыһым ыалдьыар дылы таһынным», - диэн үөрбүт саҥа аллайыыта да элбэҕи этэр, оттон биир дойдулааҕым, Саха, Ньурба тыйаатырдарын туруорууларын көтүппэккэ көрөр Ньурбатааҕы оҕо уонна дьиэ кэргэн киинин дириэктэрэ Марианна Васильевна Алексеева бу испэктээх кэнниттэн куйаар ситимигэр маннык суруйбут: «В пятницу вечером вырвалась в театр! На Олоҥхо! Какое торжество великого эпоса! Какая педагогика Степаниды Борисовой! Какие молодые таланты Театра Олоҥхо! Какая эстетика грима и костюмов! Какие находки режиссерские, художественные! И какой ТОЙУК!». Бу өрөгөй тыллар кэннилэриттэн киһи эбэрэ да суох курдук.

Билигин олох сыаннастара, сайдыы тэтимэ түргэнник уларыйа турар кэмигэр эдэр көрөөччү ускуустуба бу саамай уһулуччулаах эйгэтин - тыйаатыры таптыы, умсугуйа көрөллөрүгэр баҕа санаабын тиэрдэн туран, «Тыйаатыр - киһи үчүгэй санаатын уһугуннаран сайыннарар оскуола», - диэн Саха тыйаатырын төрүттэспит улуу Алампа тылларынан түмүктүүбүн.


                                                                      Мария Николаева, библиотекарь. Ньурба улууһун Хаҥалас нэһилиэгэ

WhatsApp Image 2023-02-07 at 09.05.04.jpeg

 

 «Кыыс Дэбилийэ» олонхоҕо сыанабыл

               

                Ньурба тыйаатырыгар Степанида Ильинична Борисова «Кыыс Дэбилийэ» туруорбут олоҥхотугар сырыттым. Режиссер бу Олоҥхону бэйэтин көрүүтүнэн, бэйэтэ ылыммытынан, көрөөччүгэ ылынымтыа, кини туруорбут олоҥхотун атын харахпынан көрдүм. Олоҥхоҕо хас биирдии оруоллары чаҕылхайдык арыйан, оонньоон, туойан, киһи дууһатыгар киирэрдии эдэр артыыстар оонньоотулар. Чахчы да сахаларга талааннаах ыччаттардаахпытынан киэн тутта санаатым. Кыыс Дэбилийэ оруолун толорбут Анастасия Алексеева бу уобараһын бэркэ арыйан оонньоото. Хас биирдии хамсаныытын, тойугун көрөөччүлэр сэҥээрэн «Ноо!» диэн бигэргэттилэр.

                                                                                                                                                           

                                                                                                                                                            Максимова Т.М.



Олоҥхо тыйаатырын хаартыскалара


Рубрики