Бу интэриэһинэй. «Хохуоралаах тыллаах, хоҥкунас тыастаах, холобура суох хоһоонноох хомус барахсан»
30.11.2022

Хомус элбэх норуокка баар үстүрүмүөн эрээри, сахалар курдук өрө тутар омук суох быһыылаах. Хомус биһиэхэ – төрүт дорҕооммут, куйаары кытары ситиммит, өбүгэбит бэлэҕэ, ытыс саҕа ымыыбыт, духуобунай бэлиэбит, арчылыыр дьүрүскэммит, култуурабыт көрүҥэ, устуоруйабыт сорҕото.

Ол иһин улаханнык суолталаан, 1990 сыл сэтинньи 30 күнүгэр Хомус түмэлин арыйаллар. Онтон 2011 cыллаахха ити бэлиэ даатаны Хомус күнүнэн биллэрэллэр.
Сиһилии «Блоги Якутии» киирэн аах: https://blogi.nlrs.ru/93902/106639
Рубрики