Ия Им: «Хас биирдии ааҕааччыгар болҕомтоҕун ууруохтааххын»
«Т.Е. Сметанин аатынан Кэбээйи улуустааҕы бибилэтиэкэтэ» бүддьүөт муниципальнай тэрилтэтин 10-с №-дээх филиалын, ол эбэтэр Мукучу нэһилиэгин модельнай бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ Ия Николаевна Им аныгы кэм ирдэбилигэр хоруйдуур бибилэтиэкэни дьоҥҥо-сэргэҕэ үлэлэтэргэ дьулуһар.
Онуоха тиһигин быспакка бэйэтин сайыннарар. Ол туоһута - кини бэртээхэй лектор, СӨ Духуобунас форумун (2011), Саха сирин дьахталларын XVI сийиэһин (2016), итиэннэ Төрүччү сугулаанын (2018 сыл) дэлэгээтэ, СӨ култууратын туйгуна (2012 сыл), Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ (2018), Кэбээйи улууһугар «Үрүҥ көмүс хомус» күрэхтэһиигэ «Бастыҥ бибилэтиэкэр» (2018), Мукучу нэһилиэгин «Бастыҥ блогера» (2021).
Оҕо тугу оонньуура суолталаах
- Сунтаар оройуонун Кэмпэндээйититтэн, Уйбаан Нуолур тылынан эттэххэ, Туус Кэнэлититтэн төрүттээхпин. Билсэрбэр өрүү араспаанньабар болҕомтолорун уураллар. Аҕам Николай Александрович миигин кылгас аатынан Ия диэн сүрэхтээбитэ. Соҕуруу Кэриэйэттэн сыдьааннаах эһэбит төрүт аата Им Чан-Сун диэн, онтон сэбиэскэй пааспары ыларыгар, Александр Им диэн суруйтарбыт. Ийэм Екатерина Николаевна Мииринэйтэн төрүттээх эбээн кыыһа. Онон хас да омук хаана сүүрэр булкаас сахабын (күлэр).
Оҕо сырыттахпына, кинигэ кэмчи кэмигэр, ийэм аах харчыларын кэрэйбэккэ, араас хаһыаты, сурунаалы суруталлара. Бастакы доҕотторум “Мурзилка” уонна “Веселые картинки” этилэр. Ааҕар буолааппын кытта, дьонум миигин олохтоох бибилэтиэкэҕэ сиэтэн илдьэн туттаран кэбиспиттэрэ.
Бибилэтиэкэргэ тугу аахпыппын кэпсии-кэпсии, кинигэлэрбин туттарарым. Стеллажтар быыстарынан чааһы чааһынан кинигэ тала сылдьарым. Уларыстым да, утаппыттыы ааҕарым. Түүн суорҕаным анныгар банаарынан ааҕан, төһөлөөх элбэх батареяны олордубутум эбитэ буолла?! Ийэм этэрэ: “Оҕо тугу оонньуурун өйдөөн таба көрөр буол. Эн сурунаал, кинигэ бөҕөнү сааһылаан, эмиэ да тэлгэтэ сытан оонньуур буоларыҥ. Кэлин кинигэ эйгэлээх буолаары эбит”, - диэн. Ити эппитин өйдөөтөхпүнэ, билиҥҥи туругунан сүрүн баайым кинигэ буолар эбит. Сорук оҥостон, эккирэтэ сылдьан, кыраайы үөрэтэр ис хоһоонноох кинигэлэри мунньабын.
2000 сыл ыам ыйыгар улуустааҕы киин бибилэтиэкэҕэ үлэлии киирбитим. Ол саҕана дириэктэр Новгородова Татьяна Афанасьевна этэ. Ааҕар саалаҕа анаабыттара. Сэбиэдиссэйим, Т.В. Котковец бу идэни баһылыырбар бастакы настаабынньыгым, күүс-көмө буолбута. Сайын уоппускаҕа барбыттарыгар, ааҕар саалаҕа соҕотох хаалан үлэлээбиппин долгуйа ахтабын. Ол онно улахан тургутууну ааспытым. Ыйтан ордук кэмҥэ бүтүн пуонданы бастакы разделтан саҕалаан сааһылаабытым. Кинигэлэрбин дьүһүннэринэн билэр буолбутум. Ол быыһыгар атын салааларга ааҕааччылары кытта үлэлэһэрим.
2001 сыллаахха күһүн атырдьах ыйыгар сүрүн тэрээһиммитинэн биир дойдулаах суруйааччыларбыт Владимир Федоровы уонна Николай Лугиновы кытта ааҕааччылары көрсүһүннэрии этэ. Атах тэпсэн олорон, истиҥ сэһэргэһии буолбута. Көрсүһүүнү сэбиэдиссэйим Татьяна Владимировналыын иилээн-саҕалаан ыыппыппыт. Сахалыы сценарийы суруйбутум. Биллэр дьону кытта алтыһыым ол онтон саҕаламмыта.
Эһиилигэр миигин, саха тылын учуутала идэлээххин диэн, дириэктэр кыраайы үөрэтэр салааҕа көһөрбүтэ. Татьяна Афанасьевна каадырдарын сөптөөхтүк аттарар дьоҕурдааҕа. Омос көрдөххө, тоҥуй курдуга, ол эрээри бииргэ үлэлээн бардахха, сыыйа арыллан кэпсэтэр уратылааҕа. Биһиги сыһыаммыт олус ириэнэх да, тоҥуй да буолбакка, орто чээрэтинэн дьыалабыай этэ.
Бастаан утаа кини сценарийбын ылан, барытын сыныйан көрөрө. Ол ааҕа олорон, арааһа, суруйуубун сэҥээрэн буолуо, тута сордух биэрэрэ: “Ол тэрээһини эппиэтинэскэр ылан ыытаар эрэ”, - диэн.
Мастаахха бибилэтиэкэрдэр күрэхтэрин тэрийбитигэр бастаабытым.Татьяна Афанасьевна үлэ практическай өрүттэригэр, сыаннастарыгар олус болҕомтотун уурар салайааччы этэ.
Кыраайы үөрэтэр салаа сэбиэдиссэйэ, Сунтаартан төрүттээх биир дойдулааҕым Саргылаана Федотовна Спиридонова, олус элбэххэ үөрэппитэ. Дойдутугар көспүтүгэр, мин кини оннугар хаалбытым. Бу салааҕа, хайдах эрэ, ис-испиттэн арыллан, тартаран, сөбүлээн туран үлэлээбитим.
Педагог, кыраайы үөрэтээччи Роза Андреевна Ивановалыын элбэх умнуллубат тэрээһиннэри ыыппыппыт. Ол туһунан хаһыат саһарбыт лиистэрэ, бибилэтиэкэ пуондата, араас сценарийдар, былаан торумнара, паапкалар, брошюралар, кинигэлэр уонна, саамай сүрүнэ, дьон үтүө өйдөбүлэ туоһулууллар.
Сүбэ-ама буолар ньыманан угуйан
- 2011 сыллаахха Мукучуга көһөн кэлбиппит. Манна бастаан үс сыл оскуолаҕа социальнай педагогтаабытым, психологтаабытым. Ол кэмнэргэ библиотечнай тэрээһиннэри дьүөрэлээччибин. Үлэбин ахтар этим.
2015 сыллаахха Литэрэтиирэ сыла биллэриллибитэ. Онно миигин нэһилиэккэ тэрийэр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлинэн талбыттарыгар, үөрүүнү кытта сөбүлэспитим. Дьэ, уонна араас тэрээһиннэри толкуйдаан көрө-көрө ыытар буолбутум.
Ол сыл биир күһүҥҥү үтүө күн Сангаартан Клавдия Январьевна эрийэн: “Мукучу модельнай бибилэтиэкэтигэр миэстэ таҕыста, аккаастаммат инигин?” – диэбитигэр, наһаа да үөрбүтүм. Бэйэм сөбүлүүр, таптыыр идэбэр балаҕан ыйын 1 күнүттэн үлэлээн киирэн барбытым. Литэрэтиирэ сылын үлэтин тэрийии сүнньүнэн маннааҕы бибилэтиэкэни кытта ыкса билсиспитим, онон үлэм хаамыытыгар түргэн соҕустук киирбитим.
1195 киһилээх нэһилиэккэ бибилэтиэкэбит икки эрэ исписэлиистээх. Танара оскуолатыгар үлэлээбитим олус көмөлөспүтэ. Тоҕо диэтэххэ, ааҕааччыларым үксүлэрэ учууталлар этэ. Онон социальнай партнердарым буолбуттара.
Ол кэмҥэ үлэҕэ уларыйыылар киирбиттэрэ. XXI үйэҕэ аныгылыы ирдэбилинэн, сонун хайысханан барыахтаах үлэ ымпыгар-чымпыгар тиийэ үөрэтэр «Модельная библиотека -- новые возможности в обслуживании населения» сэминээри өрөспүүбүлүкэбит национальнай бибилэтиэкэтэ тэрийэн ыыппыта. Г.Ф. Леверьева модельнай бибилэтиэкэлэр нэһилиэк сүрүн киинэ буолуохтаахтарын, сырдыгы, билиини тарҕатааччы, интеллектуальнай өйгө-санааҕа түмээччи оруолун толоруохтаахпытын тоһоҕолоон эппитэ, онуоха бүк эрэнэрин биллэрэн, салгыы айарга-тутарга кынаттаабыта. “Бибилэтиэкэр кинигэ эрэ биэрэр оруоллаах диэн санааны суох гыныахха наада” , - диэн, сыһыаны уларытарга сорук туруорбута.
Филиалга үлэлии киирээт даҕаны, проблемнай өттүн үөрэтииттэн саҕалаабытым. Матырыйаалынай-тиэхиньиичэскэй базаны бөҕөргөтүү, улахан нэһилиэккэ социальнай партнерствоны сайыннарыы, бибилэтиэкэбит устуоруйатын чинчийии, араас тематическай паапкалары оҥоруу, о.д.а. соруктары туруоран, үлүһүйэн үлэлээн саҕалаабытым.
Билиибин хаҥатаары, Ускуустуба уонна култуура Аартыкатааҕы үнүстүүтүгэр бибилэтиэкэргэ үөрэммитим. Түмүктүүр квалификационнай үлэбэр научнай салайааччынан национальнай бибилэтиэкэ докумуон пуондатыгар дириэктэри солбуйааччы Бойтунова Светлана Иннокентьевна буолбута. Үлэлээбит кэмим устатыгар кыраайы үөрэтэр үлэҕэ оҥорсубут уонна оҥорон таһаарбыт бородууксуйаларбытын сырдаппытым.
- Библитиэкэҕэ дьон төһө сылдьарый?
- 700 тахса ааҕааччылаахпыт. Бибилэтиэкэ иһигэр эрэ буолбакка, атын тэрилтэргэ, уопсастыбыннай миэстэлэргэ араас тэрээһиннэри ыытаммыт, нуормабытын ситиһэбит. “Хас биирдии ааҕааччы күндү” диэн девизтээхпит.
- Үлэҕэр туохха ордук болҕомтоҕун ордук уураҕын?
- Хас биирдии ааҕааччы миэхэ хатыламмат уобарас буолар. Хас киһини кытта алтыстаҕым аайы, кини уратытын бэлиэтии көрөргө дьулуһабын. Ити уот харахха ыйыттыҥ дии, болҕомто диэҥҥин. Ааҕааччыга болҕомто уурдахха эрэ, кини арыллар, үөрүүтүн үллэстэр. Оччоҕо биһиги мунаахсыйар боппуруостарыгар эппиэттэри уус-уран айымньылартан буларыгар сүбэлиибит. Оннук ньыманан бибилэтиэкэҕэ сыһыарабыт, биһиэхэ чугаһаан, киирэ-тахса сылдьара элбиир, сибээс олохтонор.
Дьону кытта алтыстахха, интэриэстэрин, дьоҕурдарын билэҕин. Онон сирдэтэн, киниэхэ аналлаах матырыйаалы булан биэрдэххэ, олус үөрэллэр. Хардары бэйэлэрэ кинигэ бэлэхтииллэр. Информацияны тиэрдэр сыалтан, үлэ араас киэбин туһанабын. Идэбэр суруналыыстыканан дьарыктанарым төһүү күүс буолар.
Суруйар үлэбэр тиэмэлэри бэйэм талабын. Арай ыстатыйаларым дьоруойдарын барыларын түмэр киһи, бэрт интэриэһинэй кинигэ буолуо этэ дии саныыбын. Кинилэр бары араас идэлээхтэр, дьарыктаахтар, дьылҕалаахтар, ол эрээри ситимнэһэр суоллара, алтыһар сирдэрэ биир - бибилэтиэкэ.
НПК кыттаарылар, бырайыак суруйаарылар, оҕолор, төрөппүттэр, исписэлиистэр кэлэн сүбэлэтээччилэр. Бастатан туран, сэһэргэһэбин, чопчулуубун, онтон уопсай торумнуубут. Араас тиэмэҕэ суруйууларым элбэх дьоҥҥо туһалыырыттан үөрэбин. Аттестацияҕа бэлэмнэнээрилэр, граҥҥа кыттаарылар, ыстатыйаларбын ылааччылар. “Туһалаата”, - диэн махтаннахтарына, өссө да суруйуох, айыах санаам киирэр. Ол иһин болҕомтобун үйэтитии үлэтигэр уурабын.
Эдэр ааҕааччыларбыт номнуо улаатаннар, үлэһит буолбуттарыттан киһи үөрэр. Ыраах баар ыччаппыт “Инстаграм” ситимин, “Улуус медиа” саайтын, хаһыат нөҥүө төрөөбүт түөлбэлэрин олоҕун, бибилэтиэкэ үлэтин көрө-билэ олороллор.
Аныгы үйэ ааҕааччытыгар сүбэ-соргу ньыматынан эрэ чугаһыыгын. Онон ити ньымаҕа болҕомтобун туһаайабын.
Суруйар сатабылым үлэбэр абырыыр
- Хааччахтааһын буолан, олохпутугар улахан уларыйыылар киирдилэр. Онлайн диэн үлэ көрүҥэр түргэнник киирдибит. «Бибилэтиэкэ - инстаграм эйгэтигэр» диэн тосхолунан үлэлээбитим ыраатта. 2017 сыллаахха “mukuchubibl” диэн аһаҕас аккауннаах страницаны арыйарбар, дьиэ кэргэним күүс-көмө буолбута. Ол курдук, аатын толкуйдаабыппыт, матырыйаалы хайдах угары үөрэппиттэрэ, сибээс мөлтөҕүн иһин, кэргэним тэриэлкэ ылан туруоран, холбоон биэрбитэ. Ол онтон ыла онлайн үлэм саҕаламмыта. Пандемия кэмигэр олус көмөлөспүтэ, ыарырҕаппатаҕым, өссө тупсаран, күүһүрдэн биэрбитим. Оҕолорум: “Төлөпүөн кыра, ноутбук улахан эбит”, - диэннэр, аны планшет бэлэхтээбиттэрэ, илиибэр тута сылдьан оҥоробун.
Аныгы кэм бибилэтиэкэрэ
- Бибилэтиэкэ - дэгиттэр дьоҕурдаах киһи сыстан үлэлиир эйгэтэ. Идэни толору баһылааһын диэн, ол аата:
- хас биирдии ааҕааччы ис кыаҕа арылларыгар кыһаллыы;
- кинигэ, докумуон норуокка “сулууспалыырын”, ыытар үлэҥ ханнык баҕар киэбинэн дьоҥҥо туһалаах буоларын ситиһэргэ дьулуһуу;
-баар кыһалҕалартан чаҕыйбакка, кэмигэр быһаарыы уонна сэбиэдиссэй киһи хаһаайыстыбаннай буолара ирдэнэр;
-уларыйыыларга бэлэм буолуу, ол туһуттан элбэҕи билии;
-үгэс буолбут уонна аныгы ньымалары дьүөрэлии тутан, ааҕааччы интэриэһин таба тайаныы;
-үлэ үйэлээх буоларын туһугар брошюра, кинигэ таһаарыы, электроннай барыйааннарынан слайдалары уо.д.а. оҥоруу;
- XXI үйэ -- информация үйэтэ. Чуолаан ыччат үтүө да, мөкү да информациялары араара үөрэнэригэр инфогид оруолун толоруу;
-киһи үтүө киһи буоларыгар көмө, тирэх буолуу;
- барыга бары сатабыллаах, дэгиттэр буоларга талаһыы: администратор, психолог, социолог, библиограф, артыыс, тэрийээччи, дизайнер, сценарист, ыытааччы, хаартыскаҕа түһэрээччи - бу кэм ирдэбилэ;
-барытын толору баһылаабатыҥ өйдөнөр, ол эрээри араас исписэлиистэри кытта алтыһан, бэрт интэриэһинэй тэрээһиннэри толкуйдаан ыытыы, оннук гынан, дьону бибилэтиэкэ үлэтигэр сыһыарыы;
Мин санаабар, хас биирдии бибилэтиэкэр тус бырайыактаах буолуохтаах. Аныгылыы блогер диэн дьарык үөдүйдэ дии. Бу эйгэҕэ педагог уонна бибилэтиэкэр быһыытынан идэлэрбин, суруналыыс быһыытынан дьарыкпын сайыннаран, барытын дьүөрэлии тутан, информацияны тарҕаттахха, эйгэҥ кэҥиир эбит.
Онлайн үлэ диэн олус эппиэтинэстээх, ыарахаттардаах. Бэйэтэ туспа ирдэбиллэрдээх, быраабылалардаах буолар. Элбэх интэриэһинэй матырыйааллардаах буоллаххына, араас ньымаларынан бородууксуйалары оҥордоххуна, дьон болҕомтотун тардаҕын.
Бастыҥ үлэлээх тэрилтэ
- Үлэбитигэр сокуонунан сирдэтэбит. Бу сокуоннар национальнай уратыны харыстыырга, сайыннарарга туһуланаллар.
Холобура, аныгылыы истииллээх IT-кииммит Ил Дархан Айсен Николаев «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 2020-2024 сылларга инновация уонна цифровой сайдыы» диэн ыйааҕыгар олоҕуран тэрилиннэ. Ол курдук, СӨ Инновацияҕа, цифровой сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияҕа министиэристибэтэ ыыппыт күрэҕэр, Кэбээйи улууһун баһылыга Иван Иванович Левин салайыытынан, «Т.Е. Сметанин аатынан Кэбээйи улуустааҕы бибилэтиэкэтэ» бүддьүөт муниципальнай тэрилтэтин дириэктэрэ Анна Гаврильевна Ионова бэлэмнээн көмүскээбит бырайыага кыайан, Мукучутааҕы IT-кииммит аһыллыбыта.
Киин үлэтин сүрүн хайысхата - үөрэҕирии, билии хаачыстыбатын тупсарыы, ИТ-үөрэхтээһини уонна цифровой инфраструктураны тэнитии. Сүрүн соруга - балысхан сайдыы кэмигэр улууспут олохтоохторугар, гражданнарыгар Интэриниэт ситимин нөҥүө киэҥ эйгэҕэ тахсалларыгар кыаҕы биэрии. Бу кэскиллээх хардыы улууспут сайдар кэскилигэр төһүү күүс буолара саарбаҕа суох. IT-киин үлэтин бибилэтиэкэ эйгэтигэр сыһыары тутан эттэххэ, кыраайы үөрэтэр ис хоһоонноох сэдэх кинигэлэр, архыып матырыйаалларын сыыппараҕа киэбигэр көһөрөн (оцифровкалаан), электроннай куоппуйаларын оҥорууттан саҕалыахпыт диэн былааҥҥа баар. Былырыыҥҥыттан бибилэтиэкэбыт саайта оҥоһулла сылдьар. Сибээс тубустаҕына, түргэтээтэҕинэ, үлэ бу көрүҥүн сайыннарыы барыаҕа.
Ыстатыйаны салгыы https://www.sakhaparliament.ru/sa/tysylge/10015-2022-02-20-08-32-12#.YhIJ79a8c8s.whatsapp ааҕыҥ.