Тургутук: Саха тылын төһө билэҕин?

Убаастабыллаах ааҕааччылар! 

10.02.2022

тест.jpg

Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн көрсө саха тылын төһө билэргитин тургутар тиэһи толороргутугар ыҥырабыт.
 
СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин саайтыгар тус кэбиниэккэ киирэн, «Ыйытыыта биэр» («Задать вопрос») диэн өҥөнү туһанан, толору ааккытын кытта хоруйдаргытын ыытаргытын күүтэбит. 

Бастакы сөптөөх хоруйдары ыыппыт кыттааччы кыайыылаах буолар. Бары кыттааччыларга туоһу сурук ыытыллар.

Саха тылын эндэппэккэ билэргит буолуо диэн эрэнэбит! Ситиһиини баҕарабыт!

Тус кэбиниэккэр бу сигэнэн киир: https://nlrs.ru/ 

Суруйтара илик буоллаххына, манна аас: https://e.nlrs.ru/register

           

Бэйэ билиитин тургутан көрүүгэ ыйытыылар

1.  Кэлиҥҥи кэмҥэ саха тылыгар сомоҕо домоҕу дириҥэтэн чинчийбит учуонай аатын суруй (араспаанньата эрэ буолуон сөп). Кини сомоҕо домох тылдьытын оҥорбута.

2.  Систиэмэ (система) диэн нууччаттан киирии тыл дьиҥ сахалыы барыйаанын суруй.

3.  Бу тыллары болҕой: тоҕо-тоҕу, дьөлө-дьөлү, хайа-хайы, оҥо-оҥу. Сөптөөх барыйааннарын талан суруй, тыл ситимигэр киллэрэн, холобурдаан көрдөрүөххүн сөп.

4.  Бу тыллары болҕой уонна  дорҕоон таба суруллубут барыйаанын хоруйгар киллэр: бүгүҥү-бүгүҥҥү, кыһыҥы-кыһыҥҥы, киэһээҥи-киэһээҥҥи, бэҕэһээҥи-бэҕэһээҥҥи.

5.  Бу этиигэ сурук бэлиэтин таба туруор. 

Былыргы дьылларга урукку күннэргэ үөскээн ааспыт өбүгэлэрбит тус-туспа ийэ ууһунан оттоох үрэхтэринэн олохсуйаннар үүтүнэн-кымыһынан утахтарын ханнараннар суон саалынан мохсуо кэбиһэннэр халыҥ харчынан охсунаннар ийэ сирдэрин сүүмэх тураҥнаан сүөгэй сүдүрүүннээн  иэдьэгэй бадарааннаан алааска баппат сылгы сүөһүнү дэри-дэлэгэй иитэн-тэнитэн олорбуттара эбитэ үһү.

6.  Бу ойуулааһын ханнык айымньыга ким мэтириэтэ буоларын быһааран суруй. 

«Салгыннаабыт хара сирэйдээх, дэхси бөдөҥ тиистээх, мичээрдээбит киэҥ харахтаах, дадайбыт киһи...»

7.  Бу кэрчиги болҕой. Олоҥхо аатын уонна ханнык Кэрэ куо ойууламмытын быһаар.

«Хаһыҥҥа хаампатах,

 Хааннааҕы аһаабатах,

 Хаппахчы кэннигэр

 Хаххаланан үөскээбит...»

8. Бу этиилэргэ курсивынан бэлиэтэммит тылларга биирдии синонимныы тылы суруй.

Сарсыарда. Төрөөбүт Сахабыт сирин сарсыардата ураты, чахчыта, кэрэ да буоллаҕа. Үгүс киһи айылҕа араас дьикти көстүүлэриттэн сайаҕас сарсыарданы сөбүлүүрүн ким да утарбат.

9. Бу этиигэ курсивынан бэлиэтэммит тыл ситимин болҕой, суолтатын бэйэҥ тылгынан быһааран суруй. 

Аата-ахсаана суох сүлбэлэр сүүрүгүрэ хамсааннар, айаннарын суолугар аргыстаһан көҥүс буолаллар.

10. «Харах аалыыта» диэн сомоҕо домох өйдөбүлүн быһааран суруй.

 




Рубрики