Подкаст: Таҥха сиэрэ-туома, оонньуулара

Тохсунньу 19 күнүгэр диэри – Таҥха күннэрэ. Кыраайы үөрэтээччи, этнограф, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Үс Хатыҥҥа “Туймаада ыһыаҕа” архитектурнай-этнографическай комплекс дириэктэрэ Вильям Яковлев СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр кэлэн, таҥха сиэрин-туомун, оонньууларын туһунан кэпсээтэ.

14.01.2022
WhatsApp Image 2022-01-14 at 17.00.13.jpeg

Сахаларга Таҥха таҥарата диэн баар. Күн улам уһуур кэмигэр дьон-сэргэ уһуктан, саҥа дьыл кэлбитинэн, билгэлээһин, Таҥха таҥаратыгар үҥүү-сүктүү, сиэри-туому тутуһуу саҕаланар. 

Сиэр-туом сүнньүнэн билгэлээһиҥҥэ туттуллар. Таҥха кэмэ ыһыах курдук элбэх дьонноох буолбат. Дьон кистэлэҥ быһыытынан билгэлэниэн сөп. Хас биирдии түөлбэҕэ билгэһиттэр, тойонньуттар баар буолаллар, кинилэри ыҥыран, сөптөөх сиэри-туому тутуһан таҥхалыыллар.

Таҥха таҥаратын ыҥырарга дьиэ таһын хаарын күрдьэллэр, дьиэ иһин эмиэ сөпкө тэринэллэр. Урукку итэҕэл быһыытынан, уу иччилэрэ тахсан көрөллөр-истэллэр. Кэлин, хрестьянскай итэҕэл кэлбитигэр сахаларга тэҥинэн икки итэҕэл баар буолар. Саха итэҕэлинэн сүллүүкүн курдук уу иччитэ тахсыахтаах диэн өйдөбүл эмиэ уруккуттан баар. Барытын сөп түбэһиннэрэн, булкаас соҕус итэҕэл тахсан кэлбитэ.

Дьиэни-уоту тэрийии

Тохсунньу 14-15 күннэригэр сүллүүкүттэр оҕолоро тахсаллар. Бу бириэмэҕэ дьон дьиэлэрин таһын хомуйаллар, дьиэ хомуйар малларын, таҥастарын-саптарын таһырдьаттан киллэрэллэр. Бу бириэмэҕэ таҥаһы таһырдьа ыйаабаттар, дьиэ сууйар тирээпкэлэрин таһырдьа уурбаттар. 

Дьиэ иһигэр ааҥҥа күөх оту ыһаллар. Аан чанчыгар таһырдьаттан киириигэ сылгы хараҕын хостоон ылан, сиикэйдии ааҥҥа сыһыаран кэбиһэллэр. Ол аата иччини дьөһөгөй көрөр эбит диэн куттанан тэйэн хаалаллар. Түннүктэргэ тымтыктары хоруордан баран кириэстии саайаллар. Хас биирдии тастан киирэр киһиэхэ чоҕу биһэллэр. 

Таҥха оонньуулара

Билгэһит, тойонньут киһи Таҥха таҥаратыгар “кэлэн ыалдьыттаан, инникибитин көрөрбүтүгэр суолу арый” диэн үҥэр-сүктэр. Таҥха оонньуута саҕаланар. Сэргэ төрдүгэр ыраас хаары кутан баран дьиэҕэ киирэллэр. Сарсыарда ыраас хаар үрдүгэр чыычаах, тарбыйах, кулун хаампыт эбэтэр мас кырыытынан анньыллыбыт буолуон сөп. 

Тарбыйах суола баар буоллаҕына – ынах төрүүрүгэр, кулун суола – сылгы элбииригэр, кырыылаах мас  – мантан ким эрэ өлүүһү диэн таайаллар эбит.

Кэбиһиилээх от таһыгар күрүөҕэ биэлээх атыыры хаайаллар. Аттар кэпсэтиилэрин истиэн баҕалаах киһи күрүөҕэ киирэн кэбиһиилээх оту саптан сытынан кэбиһэр. Бу киһи аттар кэпсэтиилэрин истиэхтээх. Тугу истибитин кимиэхэ да кэпсиэ суохтаах, таҥха бүттэҕинэ эрэ кэпсиэн сөп. Ыттар кэпсэтэллэрин эмиэ истиэххэ сөп.

Биир улахан билгэлээһин - былыргы киһи уҥуоҕун үрдүгэр тахсан, айаннаан иһэр курдук туттан олороллор. Көмүллүбүт киһи киниэхэ тугу эмитэ кэпсиэхтээх эбит. Ол дойдуга сытар өбүгэлэрэ хайдах сылдьалларын, тугу гыналларын, ким хаһан барыахтааҕын, төрүөхтээҕин барытын кэпсиир эбит.  

Дьиэ иһинээҕи билгэлээһини салгыы истиҥ: https://music.yandex.ru/album/10520900/track/98993342

https://podcasts.apple.com/ru/podcast/%D1%82%D0%B0%D2%A5%D1%85%D0%B0-%D1%81%D0%B8%D1%8D%D1%80%D1%8D-... 
Теги
Таҥха
Рубрики