Тыл билимин кандидата Георгий Романович Кардашевскай
(1916–1995)
Күндү ааҕааччы!
XX-c үйэ иккис аҥарыгар саха литературата уонна фольклора сайдарыгар биир улахан кылааты киллэрбит учуонайынан буолар литературовед, учуутал, ССРС Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Георгий Романович Кардашевскай.
Национальнай библиотека фондатыгар харалла сытар кини кинигэлэрин, учебниктарын, ыстатыйаларын арыйталаан ааҕан көрдөххө Георгий Романович үлэлээбит үлэтэ, олорбут олоҕо саха уус-уран литературатын историятын сөптөөхтүк сыаналыырга анаммыт эбит. Кини айар, чинчийэр үлэтигэр кимиэхэ да майгынаабат уратылаах саҥа суолу тэлээччи, олохтон кырдьыктааҕы таба көрөн, үөрэтээччи, сырдатааччы уонна ону норуокка тарҕатааччы буолар.
Бастатан туран, саха бастакы классик суруйааччыларын А. Кулаковскай, А.Софронов, Н. Неустроев айымньыларын “буржуазнай националистическай” ис хоһоонноохтор, онон саха литературата Октябрьскай революция эрэ кэнниттэн үөскээбитэ диэн өйдөбүлү ылымматаҕа буолар. Иккиһинэн, маннык сыһыан саха литературатын научнай ырытыытын токурутарын, сыыһа суолунан сайыннарарын чопчу өйдөөн, А. Кулаковскай, А. Софронов, Н. Неустроев литератураҕа миэстэлэрин быһаарыыга биир халбаҥнаабат хайысханы тутуспут.
Ол мөккүөрдээх кэмнэргэ Кардашевскай Анемподист Иванович Софронов (Алампа) олоҕун, айар үлэтин үөрэтэн, аан бастакынан утумнаахтык дьарыктанан, бэрт элбэх утарсыыны көрсүбүтэ. Сыраласпыт үлэтин түмүктээн, 1975 сыллаахха кандидатскай диссертациятын «Досоветская драматургия А.И.Софронова» диэн темаҕа көмүскээбитэ. Ол үлэ 1982 сыллаахха кинигэ буолан ааҕааччы киэн араҥатыгар тарҕаммыта.
1965 сыллаахха Алампа «Талыллыбыт айымньылар» иккис туома оҥоһуллуутугар литературовед Гаврил Ксенофонтович Боескоровы кытта үлэлэспитэ.
Алампа бэчээттэнэ илик сорох хоһооннорун архыыптан булан хомуйан, бэчээккэ таһаарбыта. 1976 сыллаахха Алампа төрөөбүтэ 90 сылыгар кини поэзиятыгар аналлаах туспа кинигэ хомуйан таһаарбыта. Кинигэҕэ «А.И.Софронов поэзиятын туһунан» диэн ыстытыйаны суруйбута. Бу үлэтэ поэт аатын үйэтитиигэ улахан олук буолбута диэн ырытааччылар бэлиэтииллэр.
Г.Р. Кардашевскай саха литературнай кириитикэтэ сайдыытыгар улахан сабыдыаллаах. 1964 сыллаахха саха литературатын төрүттээччи Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй 85 сааһыгар анаммыт хомуурунньукка “О социальных мотивах поэзии А. Е. Кулаковского» диэн улахан ыстатыйатын бэчээттэппитэ.
Маны тэҥэ, саха суруйааччыларын Платон Ойуунускай, Иван Гоголев, Петр Тобуруокап, Сергей Васильев о.д.а айымньыларын ырытан суруйбута.
Эрдэ олохтон туораан, умнууга хаалан эрэр талааннаах суруйааччы Николай Түгүннүүрэп (Андреев) айыньыларын түмэн кинигэлэргэ бэчээттэтэн, аатын үйэтиппитэ. Ол курдук, 1960 уонна 1986 сыллардаахха суруйааччы айымньылара кинигэ буолан тахсыбыттара.
Г.Р. Кардашевскай советскай кэмнэргэ саха норуотун чыпчаал айымньытын олонхону атарахсытар буолбуттарын сыыһанан ааҕара уонна олонхону тилиннэрэргэ элбэх сыратын анаабыта. Бу туһунан бииргэ алтыспыт доҕорунуун И.В. Пуховы кытта санаатын атастаһарын туһунан Е. Егоров “Икки ученай доҕордуу сыһыана» диэн ыстатыыйатыгар ахтыллар (Саха сирэ. –– 2000. –– От ыйын 19 к.).
Үөрэҕэ суох улуу тойуксут, олонхоһут С.А. Зверев-Кыыл Уола “Кулан кугас аттаах Куллустай Бэргэн” олонхотун либреттотын Георгий Романович чочуйан оҥорбутун 1994 с. бэчээккэ таһаарбыттара (Саввинов, З. И. Үйэлээх үгэспит тилиннин. –– Дьокуускай, 1994. –– С. 31–52).
Георгий Кардашевскай тылбаасчыт быһыытынан эмиэ биллэр миэстэни ылар. Холобур, нуучча классига Иван Тургенев айымньыларыттан «Ася» сэһэнин, кэпсээннэрин («Кэпсээннэр») тылбаастаан саха ааҕааччыларыгар бэлэх ууммута.
Георгий Романович 60-с сыллартан саҕалаан Саха государственнай университетыгар үлэлээбитэ. Үөрэппит студеннарын ахтыыларын көрдөххө кини үөрэтэр программатынан эрэ муҥурдаммакка, саха эдэр көлүөнэтигэр төрөөбүт норуотун историятын, фольклорун билэригэр болҕомтотун элбэхтик уурар эбит. Дьокуускай куорат устун экскурсия ыыта сылдьан учууталлара ханнык дьиэҕэ ханнык сыылынайдар, репрессияҕа түбэспит В. В. Никифоров-Күлүмнүүр курдук саха саарыннара олоро, үлэлии сылдьыбыттарын туһунан элбэҕи кэпсиирин студеннара ахталлар.
Манна даҕатан эттэххэ, элбэх саха бастакы интеллигеннарын сырдык ааттарын тилиннэриигэ туруулаһан туран дьарыктаммыт И.С. Клиорина “Василий Никифоров: события, судьбы, воспоминания” (1994) диэн кинигэтигэр Г.Р. Кардашевскайга маннык махтаммыта баар: “с 1965 г., с благодарностью принимая любую помощь от энтузиастов-единомышленников И.Е.Федосеева, Г.Р. Кардашевского, И.Г.Березкина, М.Ф. Слепцова, М.К. Сокольниковой-Санниковой, В. Петрова, Е.Е. Алексеева, я занялась жизнеописанием В.В. Никифорова.” Маннык Г.Р. Кардашевскай курдук дьоннор туруулаһан Күлүмнүүр 1992 с. реабилитацияланан турар.
Г.Р. Кардашевскай идэтинэн өр кэмҥэ үлэлээбит учуутал чаҕылхай суола – саха литературатын учебниктарын, методическай үөрэх пособияларын оҥорууга үлэлэспитэ буолар. РСФСР Үөрэҕин министерствотыгар үлэлии сылдьан, 1972 сыллаахха 9 кылааска саха литературатын бастакы хрестоматиятын, 1975 сыллаахха 8-10 кылаастарга аналлаах саха литературатын учебнигын бэлэмнээн таһаарсыбыта. Маны таһынан, 1975 с. “Саха ырыаларын уонна олонхону оскуолаҕа үөрэтии туһунан” диэн ыстатыыйата тахсыбыта. (Родной и русский языки в якутской школе. –– Якутск, 1975.–– С.47–58).
Г.Р. Кардашевскай хомоҕой тыллаах хоһооннору, айымньылары суруйара да, ону бэчээккэ таһаарбат этэ. Биир дойдулаахтара С.Т. Руфов, С. Е. Дадаскинов, кинини талааннаах суруйааччы быһыытынан сыаналаан, 2001 сыллаахха (төрөөбүтэ 85 сылыгар анаан) айымньыларын хомуйан «Күлүмүрдэс күнүскүбэр» диэн хомуурунньук таһаарбыттара. Манна суруйааччы хоһоонноро, «Суоһалдьыйа Толбонноох» поэмата, ыстатыйалара, кини туһунан ахтыылар киирбиттэрэ.
2012 сыллаахха Георгий Романович төрөөбүтэ 95 сылыгар филологическай наука доктора, профессор Варвара Борисовна Окорокова уонна Ефросинья Георгиевна Кардашевская (кыыһа) «Мин эмиэ тупсаҕай тойукка дууһабын туттарар буолабын» диэн ученай научнай ыстатыйаларын хомуурунньугун хомуйан таһаарбыттара. Оттон 2018 сыллаахха урут бэчээттэммэтэх «Боруҥуйга» сэһэнэ күн сирин көрбүтэ.
Георгий Романович туһунан тугу ааҕыахха сөбүй?
2019 сыллаахха Г.Р. Кардашевскай 100 сылыгар анаан «Тоҥхойоммун уруйдуубун дьоллоох Бүлүү хотуммун!» диэн кинигэ тахсыбыта. Кинигэни хомуйан онорбуттара кыргыттара Ефросинья Георгиевна уонна Галина Георгиевна. Манна Георгий Романович төрөөбүт дойдутун, дьоннорун туһунан ахтыылара, хоһоонноро, научнай ыстатыйалара, кини туһунан аймахтарын, үөлээннээхтэрин ахтыылара киирбиттэрэ.
Ити курдук, биллиилээх литературовед, общественнай деятель Георгий Романович Кардашевскай аата үйэтитиллэн, өссө да салгыы үөрэтиллэ туоруо диэн күүтэбит.
Туһаныллыбыт литература
Г. Р. Кардашевскай үлэлэрэ:
1. О социальных мотивах поэзии А. Е. Кулаковского // Кулаковский : сб. докл. к 85-летию со дня рождения А. Е. Кулаковского. –– Якутск, 1964.–– С.
2. Досоветская драматургия А. И. Софронова : автореф. дис. на соиск. ученой степени канд. филол. наук : (10.01.03) / М-во высш. и спец. сред.образования РСФСР, ЯГУ, М-во просвещения РСФСР, Якут. фил.науч.-исслед. ин-та нац. школ. –– Якутск : [Б. и.], 1975. –– 24 с.
3. Досоветская драматургия А. И. Софронова. –– Якутск : Якут. кн. изд- во, 1982. –– 104 с.
4. Саха ырыаларын уонна олонхону оскуолаҕа үөрэтии туһунан // Родной и русский языки в якутской школе. –– Якутск, 1975.–– С.47–58
5. Күлүмүрдэс күнүскүбэр : (хоһооннор, поэма, ыстатыйалар, ахтыылар. Бэйэтин туһунан атыттар ахтыылара) / ред. С. Руфов ; ред. кол.: С. П. Васильева, С. М. Ильин, С. Т. Руфов [уо.д.а.]. –– Дьокуускай : [и. с.], 2001. –– 262 с. : ил., портр.
6. Саввинов, З. И. Үйэлээх үгэспит тилиннин! / З. И. Саввинов. –– Дьокуускай : Сахаполиграфиздат, 1994. –– 62 с. : ил. Кинигэҕэ С. А. Зверев “Кулун кугас аттаах Куллустай Бэргэн» олонхотунан Г. Р. Кардашевскай үс көстүүлээх олоҥхо либреттоттын оҥорбута бэчээттэммит.
7. Мин эмиэ тупсаҕай тойукка дууһабын туттарар буоларым... / кинигэни бэчээккэ оҥорон, хомуйан бэлэмнээтилэр: Е. Г. Кардашевская, В. Б. Окорокова ; эппиэттэх эрэдээктэр В. Г. Семенова] ; М. К. Аммосов аатынан ХИФУ. –– Дьокуускай : ХИФУ ИД, 2012. –– 221 с., [2] л. ил.
8. Боруҥуйга : урукку олохтон сэһэн / [бэчээккэ бэлэмнээтилэр: Г. Г. Алексеева-Кардашевская, Е. Г. Кардашевская ; киирии тылы суруйда Семен Руфов]. –– Дьокуускай : Алаас, 2019. –– 158, [2] с.
Тоҥхойоммун уруйдуубун Дьоллоох Бүлүү Хотуммун! : [ахтыылар] / хомуйан оҥордулар: Г. Г. Алексеева-Кардашевская, Е. Г. Кардашевская ; эрэдээктэр А. Н. Павлов-Дабыл. –– Дьокуускай : Дани-Алмас, 2019. –– 323 с., [8] л. ил., портр. : ил., портр.
Хомуйан бэчээттэппит кинигэлэрэ:
9. Түгүнүүрэп, Н. Талыллыбыт айымньылар / Н. Түгүнүүрэп ; [хомуйан оҥордо уонна аан тыл авт. Г. Кардашевскай]. –– Дьокуускай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1960. –– 159, [2] с.
10. Софронов, А. И. Талыллыбыт айымньылар : 2 томнаах / А. И.
11. Софронов ; [хомуйан оҥордулар : Г. К. Боескоров, Г. Р. Кардашевскай ; коммент. оҥордо Г. Р. Кардашевскай]. –– Дьокуускай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1964–1965.
Т. 1: Драматическай айымньылар. –– 1964. –– 418, [2] с.
Т. 2: Кэпсээннэр. Очерк. Хоһооннор. Поэмалар. –– 1965. –– 442, [1] с.
12. Софронов, А. И. Хоһооннор, поэмалар / А. И. Софронов ; [сост., коммент. и посл. Г. Р. Кардашевского]. –– Дьокуускай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1976. –– 326 с.
13. Саха литературата : хрестоматия : 8 класс / Г. Р. Кардашевскай. –– Якутскай : Кинигэ изд-вота, 1977. –– 238 с. : ил.
14. Саха литературата : хрестоматия : 9 кылаас / Г. Р. Кардашевскай, И. Н. Рожин оҥордулар. –– Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1977. –– 247] c. : портр.
15. Саха литературата : 8 кылааска үөрэнэр учебник-хрестоматия / Г. Р. Кардашевскай, П. Е. Ефремов, С. И. Горохов. –– Дьокуускай : Кинигэ изд-вота, 1982. –– 247 с.
16. Түгүнүүрэп, Н. Кэпсээннэр, сэһэн, пьеса, хоһооннор / Н. Түгүнүүрэп ; [хомуйан оҥордо уонна аан тыл авт. Г. Р. Кардашевскай]. –– Дьокуускай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1985. –– 149, [2] с.
Тылбаастар:
17. Тургенев, И.С. Ася : сэһэннэр / И. С. Тургенев ; [Кардашевскай Г. Р., Кондаков Н. А. тылб.]. –– Дьокуускай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1970. –– 109, [2] с.
18. Тургенев, И.С. Кэпсээннэр : кэпсээнинэн хоһооннор, сэһэн / И. С. Тургенев ; [Н. А. Кондаков, Г. Р. Кардашевскай тылб.]. –– Дьокуускай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1961. –– 168 с.
Г. Р. Кардашевскай туһунан:
19. Клиорина, И. С. Василий Никифоров : События. Судьбы. Воспоминания / А. Малькова. –– Якутск : Бичик, 1994. –– 269, [3] с.
20. Егоров Е., Икки ученай доҕордоһуу сыһыана // Саха сирэ. –– 2000. –– От ыйын 19 к. –– С. 3.
21. Саввинов, З. И. Үйэлээх үгэспит тилиннин. –– Дьокуускай, 1994. –– С. 31–52.
Р. С. Заровняева, кыраайы үөрэтэр национальнай
кинигэ салаатын библиотекара
Ахсынньы, 2021с.