Норуот ырыаҺыта Екатерина Иванова
(1891-1964)
Күндү ааҕааччы! Бу күннэргэ айылҕаттан айдарыылаах кэрэ-чуор куоластаах аатырбыт норуот ырыаһыта, олоҥхоһута Екатерина Егоровна Иванова 130 сааһын туолар өрөгөйдөөх үбүлүөйүн бэлиэтиибит. Кини талба талаана былыр былыргыттан аатырбыт норуот ырыаһыттара, олонхоһуттара түөлбэлээн олорбут Кыыс Амма кэрэ кырсыгар арыллан, ситэн-хотон, сириэдийэн тахсыбыта. Ол курдук, кылыгырас кылыһахтаах тойуксут Кэтэриинэ кыыс туойарга, олонхолуурга биир дойдулааҕыттан Сыгынык-Иннокентий Яковлевич Говоров диэн олонхоһуттан уһуйуллубута. Маны тэҥэ, Тимофей Васильевич Захаров-Чээбий (1866-1931) сабыдыала баарын кини биир дойдулаахтара бэлиэтииллэр. Оттон аатырбыт тойуксут Ырыа Маппыанныын (Гермогенов Матвей Игнатьевичтыын) элбэхтик алтыспытын, кини ырыатын-тойугун иҥэриммитин туһунан эпосовед Иннокетий Пухов ахтан суруйбута (Традиционное и новое в песнях Екатерины Ивановой. —В кн. : Пухов И.В. От фольклора к литературе. —Якутск: Кн. Изд-во, 1980 —с. 95-121.).
Екатерина Иванова 1939 сыллаахха атырдьах ыйыгар Саха сирин суруйааччыларын маҥнайгы съеһигэр республика аатырбыт ырыаһыттарын, олонхоһуттарын кытта ССРС суруйааччыларын союзтарыгар чилиэнинэн ылыллар. Дьэ мантан ыла кинини кытта фольклористар Георгий Митрофанович Васильев, Иннокентий Васильевич Пухов, журналист Степан Прокопьевич Федотов үлэлэспиттэрэ, айымньыларын түмэн сурукка-бичиккэ түһэттэрбиттэрэ. Ол курдук, «Былыргы ыһыах ункүүтэ», «Чыычаах ырыата», «Ыарҕа ырыата», «Дьыл кэлиитин кэмнэрэ», «Кэҕэ ырыата», «Күөрэгэй ырыата» о.д.а. Сэбиэскэй былаастан тэҥ быраабы туппут тойуксут саха дьахтара баттала суох көҥүл олоҕу уруйдаабыт «Быыбар ырыата», «Осуолаахтар», «Дьахтар күнүгэр» о.д.а ырыаларын-тойуктарын фольклорист Петр Никифорович Попов элбэхтик суруйбута.
Национальнай библиотека фондатыгар Екатерина Иванова бэчээккэ тахсыбыт айымньыта барыта хараллан сытар уонна, саха фольклорун биир кэрэ кэрэһитэ буолан, ааҕааччы киэҥ араҥатын кэрэхсэтэр. Манна бааллар Екатерина Иванова 1937-1938 сыллартан республика хаһыаттарыгар уонна сурунаалларыгар бэчээттэммит биирдиилээн айымньылара, кинигэлэрэ уонна кини айан хаалларбыт нэһилиэстибэтин туһунан араас үлэлэр, ахтыылар.
1945 с. “Үйэҕэ сылдьыбатах үтүө ыалдьыт» диэн Екатерина Иванова эпическай хабааннаах улахан дьүһүйүүтүн (поэматын) ученай Г.М. Васильев сурукка киллэрбитэ. Айымньы историческай суолтата буолар ССРС СНК солбуйааччы бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Михайлович Молотов 1945 с. Сан-Францискоҕа Международнай конференцияга көтөн иһэн Дьокуускайга тохтоон ааспытын саха норуота уруйдаан-айхаллаан көрсүүтэ.
Кыра саха кыраайын
Кылбаарыйар үрдүнэн
Кыырайан тиийэн кэллэ.
Үс үөстээх Өлүөнэ өрүс бастара,
Өркөн өтүүнү сыыйа тарпыт курдук,
Субуллан, сыыйыллан көстүбүттэрин,
Өҥөйөн ааста.
Бу аҕыйах строкаҕа Саха сирин тыйыс кэрэ айылҕатын, киэҥ-нэлэмэн Өлүөнэ өрүһүн норуот маастара хайдах курдук өрө күүрүүлээхтик хоһуйбутун киһи сөҕө ааҕар.
Нуучча биллэр тылбаасчыта Александр Лаврик бу айымньыны улахан эпическай поэма диэн сыаналаан нууччалыы тылбаастаабыта. Айымньы 1947 с. “Норуот ырыаһыттара” диэн Дьокуускайга тахсыбыт хомуурунньукка бэчээттэммитэ.
Маҥнайгы “Дьоллоох олоҕу туойабын” диэн кинигэтэ 1953 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. Манна ырыаһыт Октябрьскай революция кэнниттэн суруйтарбыт ырыалара киирбиттэрэ. Ол курдук: “Кыһыл партизан ырыата”, “Самолетунан кетүү”, “Молуода”, “Якутскай куораппын туойабын” о.д.а ырыалара. “Амма чараҥар” диэн 1964 сыллааха тахсыбыт кинигэтигэр “Ыам ыйын бастакы күнэ”, “Кулун кэлиитэ”, “Аллан-Аллан эбэккэм”, “Өлүөнэҕэ сарсыарда” о.д.а.
Быйыл, Екатерина Иванова үбүлүөйдээх сылыгар филологическай наука доктора, профессор Василий Васильевич Илларионов «Аландаайы-Куландаайы” олонхотун архыыптан булан аан маҥнай бэчээккэ «Алаас» кинигэ кыһатыгар таһаарда. Кинигэҕэ олонхону ырытыы уонна олонхо текста киирэ сылдьар. Бу түгэн аатырбыт норуот ырыаһытын айымньыта сылтан сыл ахсын норуотугар суолтата ордук улаатан, кэҥээн иһэрин туоһулуур.
Национальнай архыып үлэһитэ Петр Иванович Корякин этэринэнЕкатерина Иванова 47 ырыата-тойуга, 2 олонхото «Аландаайы Куландаайы” уонна «Молуо Даадар» суруллан, хараллан сыталлар. Маны таһынан “Үйэҕэ сылдьыбатах үтүө ыалдьыт” диэн поэма нууччалыы тылбааһын толору тексэ эмиэ архивка баар эбит (А 4 форматыгар 11 страницалаах). (Ф.Р-1354. Оп.3. Д.241. Л.1-11.).
Норуот ырыаһытын, талба талааннааҕын Екатерина Иванова айымньылаах үлэтэ итинник өссө да көстө туруо уонна наука хараҕынан анаан- минээн үөрэтиллэр, чинчийиллэр кэмэ кэлэн эрэр диэн күүтэбит.
Р.С. Заровняева, кыраайы уөрэтэр национальнай кинигэ салаатын библиотекара
сэтинньи 2021 г.
Туһаныллыбыт литература:
1. Пухов, И.В Традиционное и новое в песнях Екатерины Ивановой / И. В. Пухов // От фольклора к литературе / И. В. Пухов. – Якутск : Кн. изд-во, 1980 – С. 95-121.
2. Пухов И. В. Исполнение [олонхо] / И. В. Пухов // Сборник материалов по этнографии якутов / АН СССР. Якут. науч.-исслед. база. Ин-т яз., лит. и истории. - Якутск : Якутгосиздат, 1948. – C. 133-164.
3. Иванова, Е. Е. Аландаайы-куландаайы бухатыыр : олонхо / олоҥхоһут Е.Е.Иванова тылыттан А.А.Дэхсилээхэп суруйуута ; бэчээккэ бэлэмнээтилэр, киирии ыстатыйаны суруйдулар, быһаарыыны оҥордулар: В.В.Илларионов, Т.В.Илларионова ; науч. ред. Н.Н.Ефремов ; РФ наукаҕа уонна үрдүк үөрэхтээһиннэ министерствота, РФ хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна культуралрын ин-та. – Дьокуускай : Алаас, 2021. —223 [1] c.