Кылгастык Өндөрүүскэ Саабын туһунан
21.11.2021
Саха биллиилээх фольклориһа, этнограба Андрей Андреевич Саввин төрүт уус Болтоҥо нэһилиэгин киһитэ. Октябрьскай социалистическай революция буолуон быдан инниттэн оччотооҕу ыраахтааҕылаах Россия кэтит киэлитигэр будулуйар политическай-социальнай мөккүөрдэр кытыан кыһалҕатын сүкпүт, политическай сыылкаҕа диэн Саха сиригэр кэлбит нуучча дьонунуун, дойдутугар Чурапчыга билсибит-көрсүбүт, кинилэр ааҕар кинигэлэриттэн тииһиммит киһи этэ диирим бары өттүнэн оруннаах. Афанасий Чочоолоп бэрт сытыы-хотуу, прогрессивнай өйдөөх-санаалаах киһи этэ диэн педагогическай наука доктора Виктор Афанасьев биир биллэр үлэтигэр бэлиэтээн эппитэ баар, ол курдук тыал миэлиҥсэтин оҥоро сатаабыта, күн-дьыл туругун көрдөрөр метеостанцияҕа майгынныыр тэрээһини Чурапчыга олохсуппута, политссыыльнайдары кытары бодоруспута биллэр. Онон Болтоҥо Саввиннара – адьас эрдэ сайдыбыт, прогрессивнай өйгө-санааҕа үөрэммит дьон этилэрэ диэхпин баҕарабын.
Чурапчы улууһун Болтоҥо нэһилиэгиттэн буһан-хатан тахсыахтаах оччотооҕу дьоҥҥо сайдыы, үөрэҕэр кыымын күөдьүппүт киһинэн Иван Трофимович Цыценко этэ. Ол туһунан эмиэ бу Болтоҥо нэһилиэгин киһитэ, кэлин биллиилээх лингвист буолбут Семен Андреевич Новгородов: «В 1903 г. приехал в Чурапчу из Колымского округа отбывший там ссылку Иван Трофимович Цыценко. Не имея средств для возвращения на свою Украину», «Краткое жизнеописание лингвиста-ориенталиста С.А. Новгородова» 1922 сыллаахха тохсунньу 31 күнүгэр суруйбут суругар чуолкайдык ыйбыта. Бу Цыценкоҕа Семен Новгородов аҕата Андрей Александрович Новгородов балаҕанын туран биэрэн, чааһынай оскуоланы аһарыгар, оҕолору үөрэтэригэр кыаҕы биэрбитэ. Кэлин бу киһи Чурапчыга киирэн салгыы чааһынай оскуолатын үлэлэппитэ биллэр. Болтоҥоҕо – Семен, Андрей Новгородовтар, Андрей Саввин, кэлин государственнай-партийнай үлэһит буолбут Николай Субуруускай, ону тэҥэ Тааттаттан кэлэн үөрэммиттэр эбит. Бу Цыценко – оҕолору Дьокуускайдааҕы реальнай оскуолаҕа киирэрдии бэлэмниир эбит.
Мин Андрей Андреевич Саввин туһунан «Краевед-этнограф, фольклорист А.А. Саввин олоҕун кылгас уочарката» диэн кинигэни «Саҥа олох» хаһыат редактора өйөөн таһааран турардаахпыт. Ол кинигэбэр Андрей Саввин олоҕун эрдэтээҥҥи өрүттэрин, Семен Новгородовтыын доҕордоһуутун, кинилиин бииргэ кинигэлэрин соҕурууттан суруттаран ылалларын, хайдах-туох үүнэн-сайдан испитин балайда сиһилии ырытан турардаахпын.
Андрей Саввин кэриэһигэр биир суол махтанардаахпын – ол кини Сэмэн Новгородов балтытыттан Ульяна Федороваттан Болтоҥо Новгородовтарын сорох малларын ылан – Кыраайы үөрэтэр музей фондатыгар харайардыы Амбарнай кинигэтигэр регистрациялаан киллэрбитигэр. Онон биһиги төрүттэрбит маллара-саллара кыра да соҕус буоллар саха норуотун матырыйаальнай историятын кэрэһиттэрэ буола сырыттахтара дии күн бүгүнүгэр диэри. Ону таһынан 1931 сыллаахха С.А. Новгородов Эдуард Карлович Пекарскайга көмөлөһөөччү редакторынан туруоруллан «Саха тылдьыта» диэн сүҥкэн суолталаах үлэтигэр оҥортообут типографскай корректуралара эмиэ бу музейга хараллан сыталлар. Итилэргэ тирэҕирэн «Лингвист Семен Новгородов. Уруу-хаан дьонугар суруктара, кини туһунан ахтыылар» диэн кинигэни 2011 сыллаахха суруйбутум, бу күннэргэ «Лингвист С.А. Новгородов уонна кэм-кэрдии тосхоло» диэн кинигэни суруйан бүтэрдим.
А.А. Саввин туһунан бастакы торумнаах өйдөбүлү биэрбит кинилиин бииргэ улааппыт, нэһилиэгин киһитэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, педагог, кыраайы үөрэтээччи Николай Саввич Соловьев кырдьаҕас буолар. Мин киниэхэ улахан махталлаахпын.
Сэмэн Тумат. 19.11.2021. Дьокуускай.
Попов Семен Андреевич – Сэмэн Тумат, саха норуодунай суруйааччыта, СӨ П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Россия суруйааччыта, Россия Улахан бириэмийэтин лауреата.
А.А. Саввин туһунан кинигэни Электроннай библиотека5а киирэн аа5ыахха сөп. Ссылка://e.nlrs.ru/open/26839
Рубрики