Өбүгэбит суруга-бичигэ
СӨ Национальнай библиотекатын научнай үлэһитэ Ангелина Кузьмина көҕүлээн салайар Саха сиригэр төрүт олохтоох омуктар тылларын, култуураларын сырдатар, үөрэтэр уопсастыбаннай «Өбүгэ ыллыгынан (По тропе предков)» бырайыагынан «Өлүөнэ суруга-бичигэ» диэн биэриитэ таҕыста.
Өлүөнэ эбэ кытылын устун туруук хайаларга суругу-бичиги VIII-X үйэлэргэ суруйбуттара сабаҕаланар. Сорох суруктар өссө эрдэ IV-V үйэлэргэ суруллубут буолуохтарын сөп. К. Доннер, М. Рясянен, Г.В. Ксенофонтов, С.Е. Малов, П.А. Ойуунускай, А.П. Окладников, И.И. Барашков, В.Д.Запорожская, Е.С. Сидоров, Н.К. Антонов, А.И. Гоголев, Г.Г. Левин уонна да атыттар чинчийбиттэрэ.
1951 сыллаахха А.Н. Бернштам суруктары дириҥник үөрэппитэ: давыдовтааҕыны «алхатым» (алҕаатым), куртухайскайдааҕыны «бөкмэдим» (астымматым), суруктаах арыытааҕыны “ада ол арам” (тылбааһа суох), петровскайдааҕыны “аз йинчэ ад эб” (аз чөмчүүгэ, эт-дьиэ), шишкиннээҕини “ач өлүм” (өллүм) диэн аахпыта уонна бу суруктарга былыргы кыргыз, былыргы оҕус, былыргы уйгуур тылларын пуормалара баарын ыйбыта.
Бу биэрииттэн көрөөччү Орто Өлүөнэ сүнньүгэр баар руна уонна рунаҕа майгынныыр суруктар, уруһуйдар тустарынан билиэҕэ.