Олоҥхо ыһыаҕа-2023: Икки сыллаах бэлэмнэнии көдьүүһэ – икки күннээх ыһыах үрдүк таһыма

07.07.2023
cb99ea40-ee9e-44cb-90b1-53164ecaf75f.jpg

Кыһыннары тоҥмот өйүмүлээх, сайыннары ууллубат тарыҥнаах, халлааҥҥа харбаспыт хаардаах хайалардаах, күүгэннэрэ күрүлүүр күрүлгэннээх Өймөкөөн сиригэр от ыйын 1-2 күннэригэр ыһыллыбыт ыһыах түмүктэннэ.

Тэрийэн ыыппыт Томтор бөһүөлэгин, чопчу эттэххэ, II Бороҕон нэһилиэгин баһылыга Алексей Винокуров:

 - Былырыын 2022 с. Үөһээ Бүлүүгэ Өймөкөөн дэлэгээссийэтэ баран,  Олоҥхо ыһыаҕын хайдах тэрийэллэрин анаан көрбүппүт. Туох кистэлэ кэлиэй, үрдүк таһымыттан саллыбыппыт. “Итиччэ баараҕай тутуулары кылгас кэмҥэ хайдах дьэндэтэбит? Маассабай сыаналарга итиччэ үтүмэн киһини хантан булабыт?” диэн мунаахсыйан ылбыппыт.  Кэлэн баран мунньахтыырбытыгар, хайдах эрэ, тэрийэр боппуруостары быһаарар ыарахан соҕус курдук этэ. Ол эрээри, төһө да ыраах, тыйыс айылҕалаах сиргэ олордорбут, ахсааммытынан да аҕыйах, итиэннэ маннык улахан тэрээһиннэри ыытарга уопута суох да  буолларбыт, сүктэриллибит эппиэтинэһи чиэстээхтик толорорго соруммуппут. Икки сылы быһа күүскэ бэлэмнэммиппит. 

Сиһилии Олоҥхо саайтыгар аа5ыҥ.
Рубрики