Олоҥхо ыһыаҕын күннүгэ: Өймөкөөн сирин олоҥхотун туһунан аҕыс кинигэ сүрэхтэннэ
03.07.2023
«Олоҥхо ыһыахтарын кэнниттэн дьон-сэргэ тутан хаалара – ландшафтнай-этнографическай комплекстар уонна кинигэлэр», — диэн бэлиэтээн эттэ Олоҥхо үнүстүүтүн дириэктэрэ Руслан Анисимов Олоҥхо XVI ыһыаҕын көрсө тахсыбыт кинигэлэри сүрэхтиир, дьоҥҥо билиһиннэрэр дьоро киэһэҕэ.
-Олоҥхо үнүстүүтэ аан бастаан 2012 сыллаахха Ньурбаҕа ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар кыттыһан, үс кинигэни бэлэмнээн таһаарбыппыт. Дьэ, ол кэнниттэн сыл аайы күүскэ үлэлээн, билиҥҥитэ олоҥхоҕо уонна фольклорга сыһыаннаах 80-тан тахса кинигэни Олоҥхо ыһыахтарынан оҥорон бэчээттэппит эбиппит. Саамай муҥутаан элбэҕи 2013 сыллаахха Мэҥэ Хаҥаласка буолбут Олоҥхо ыһыаҕар таһаарбыппыт – 24 кинигэни! Оттон бүгүн Томтор сиригэр 8 кинигэни сүрэхтиибит, — диэн презентацияны иилээн-саҕалаан ыыппыт Руслан Николаевич Анисимовбилиһиннэрэн кэпсээтэ уонна салгыы тылы ааптардарга биэрдэ.
Сиһилии: https://olonkho.nlrs.ru/archives/3614
Рубрики