Олоҥхо ыһыаҕын күннүгэ: Афанасий Ноев Олоҥхо ыһыаҕын туһунан тус санаата
Култуура миниистирин маҥнайгы солбуйааччыта Афанасий Ноев Олоҥхо ыһыаҕын туһунан тус санаата:
«Олоҥхо ыһыаҕа диэн икки күннээх көр-нар буолбатах. Сыл устата элбэх үлэ барда. Ол курдук, Томтор тускуллаах туонатыгар бу “Көмүс Күрүө” диэн этнографическай комплекс дьэндэйдэ: ураһалар, Чысхаан дьиэтэ, аҕыйах ахсааннаах норуоттар түһүлгэлэрэ, бабаарына, тырыбына…
Иккиһинэн, тоҕус кинигэ бэчээттэнэн таҕыста: Өймөкөөн олоҥхоһута М.Ф. Аммосов “Дугуйа Бөҕө” олоҥхото, Өймөкөөн фольклорун чинчийэн, сурукка-бичиккэ үйэтиппит Сэһэн Боло хотугу улуустарга сырыытын күннүгэ, олунньуга манна, Томторго, ыытыллыбыт олоҥхо XVI кэмпириэнсийэтин матырыйаалларынан научнай-практическай суолталаах хомуурунньук, Өймөкөөнү кытта ситимнээх, итиэннэ олоҥхо тыыннаах айымньылар, Өймөкөөн номоҕо, олоҥхолоро, эбээннэрин фольклора».
Сиһилии сигэнэн киирэн ааҕыҥ: https://olonkho.nlrs.ru/archives/3575