Тыва национальнай бибилэтиэкэтигэр – «Мэҥэ тойук»
20.04.2023
Тыва Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтэ А.С. Пушкин аатын сүгэр. Бу бибилэтиэкэ пуондата «Мэҥэ тойук» кинигэнэн хаҥаата. «Мэҥэ тойук» диэн кыргыыс, алтаай, баскыыр, тыбаа норуоттарын эпостарын сахалыы тылбааһын хомуурунньуга буолар. Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков түмэн оҥорбута. Кини «Аан дойду норуоттарын эпостара» норуоттар икки ардыларынааҕы ассоциация вице-президенэ уонна Олоҥхо 10 сылын тэрийэр национальнай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ буолан, эпическэй айымньылар нөҥүө норуоттары сомоҕолуур соруктаах үтүмэн үлэни киэҥ далааһыннаахтык ыытар.
Сахалыы тылбаастаммыт эпостар тустарынан уонна олоҥхо онтон да атын сонуннарын анал сайтка билсиҥ, сэргээҥ: https://olonkho.nlrs.ru/archives/category/news.
Рубрики