Афанасий Ноев: Ийэ тылбыт сайдарын туһугар Сахалыы дьыктааҥҥа кыттыаҕыҥ

12.02.2023

WhatsApp Image 2023-02-12 at 22.18.26.jpeg

Олунньу 13 күнэ— сахалартан бастакы тыл үөрэхтээх учуонай, уhулуччулаах сырдатааччы, саха маассабай суругун-бичигин төрүттээччи, сахалыы тылынан бастакы үөрэх кинигэлэрин суруйбут, бэчээттэтэн таһаарбыт Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин маҥнайгы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев Ыйааҕынан бу күн Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ бэлиэтэнэр.  

Дьэ, онон, олунньу 13 күнүттэн саҕалаан Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик дэкээдэтэ киэҥ далааһыннаахтык ааһар, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн хас биирдии нэһилиэнньэлээх пууҥҥа ийэ тылга аналлаах араас тэрээһиннэр ыытыллаллар.

СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ уонна ХИБҮ Норуоттар тылларын уонна култуураларын үөрэтэр үнүстүүт Сахалыы дьыктааны ыыппыттара быйыл номнуо тохсус сыла. Тэрээһини 2014 сылтан ыыталлар, быйыл үбүлүөйдээх онус төгүлэ буолуо этэ эрээри, дьаҥ кэмигэр ыытыллыбакка, биир сылы көтүтэн, быйыл тохсус төгүлэ буолар.

Бу сыллар устата Сахалыы дьыктаан Дьокуускай куорат, бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн дьон сэргэбилин ылла, интэриэһин тарта. Дойду үрдүнэн олус элбэх дьыктаан ыытыллар эбит буоллаҕына, саамай элбэх киһи сахалыы дьыктааны сэргиир диэтэххэ сыыспаппыт буолуо. Оннооҕор өрөспүүбүлүкэбит таһыгар тахсан, Красноярскай, Новосибирскай, Москуба сахалара кытта суруйаллар.

Ноев.jpg

СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирин маҥнайгы солбуйааччыта Афанасий Ноев: 

- Саха Өрөспүүбүлүкэтин үрдүкү салалтата ийэ тыл олохтоохтук сайдарыгар уонна бигэ туруктаах буоларыгар үтүмэннээх үлэни ыытарын бэлиэтиэх тустаахпыт. Ол курдук Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев Ийэ тыл күнүн Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнүгэр анаан-минээн олохтообут буоллаҕына, билигин Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев ийэ тылы оҕолорбут, ыччаппыт билэллэрин туһугар анал судаарыстыбаннай бырагыраамата үлэҕэ киирбитэ. Ол курдук оҕолорбутун уһуйаан саҕаттан оскуоланы хабан туран, төрөөбүт төрүт тылларын үөрэтэллэригэр араас хабааһыннаах тэрээһиннэр ыытыллаллар, үөрэх кинигэлэрэ, литэрэтиирэ бэчээттэнэн тахсар. 

Ону таһынан бу быйыл тохсус төгүлүн СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ уонна Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын үнүстүүтэ Сахалыы дьыктааны тэрийэн ыыталлар. Бу тэрээһин үгэскэ кубулуйда, онон дьоммут-сэргэбит бу дьыктаан ыытылларын эттэринэн-хааннарынан, өйдөрүнэн-санааларынан ылынан, үгүс киһи кыттар буолла. Кэлэр кэскилбит - оҕолорбут, ыччаппыт сахалыы саҥаларын, ийэ тылларын умнубаттарын туһугар ыытыллар. Онон судаарыстыба уонна уопсастыбаннас, норуот түмсэн, ийэ тылбыт туһугар үлэлииллэрэ-хамсыыллара түмүктээх буолуо. Күнтэн күн, сылтан сыл саха тылыгар оҕолорбут сыстан, сахабыт тыла симэлийиэ суоҕа. Онон, күндү дьоммут-сэргэбит, сахабыт дьоно, быйылгы ыытыллар Сахалыы дьыктааҥҥа кыттаргытыгар ыҥырабыт. Сахабыт тыла сүппэтин-симэлийбэтин туһугар хас биирдии Саха сирин олохтооҕо, сахабын дэнэр дьон кыттыаҕыҥ, өйүөҕүҥ.

WhatsApp Image 2023-02-12 at 23.08.38.jpeg

Дьокуускай куорат олохтоохторо, үгэс быһыытынан, Национальнай бибилэтиэкэҕэ кэлэн дьыктааны суруйаллар, урукку сылларга 300-чэкэ киһи кэлэн суруйара. Дьаҥ кэмэ уһуннук туран, аныгы кэм сиэринэн, быыс-хайаҕас булан, онлайн быһыылаахтык эмиэ суруйар буоллулар, онон кыттааччы ахсаана өссө элбээтэ, ханнык баҕар муннуктан олорон суруйар буоллулар. Ол курдук бибилэтиэкэ саайтыгар, ааспыт 2022 сыллаахха «Саха» НКИХ ханаалыгар телемарафон нөҥүө Сахабыт сирин олохтоохторо бары кэриэтэ суруйбуттара.

Быйыл бибилэтиэкэҕэ улахан өрөмүөн ааста, онон бибилэтиэкэ сүрүн дьиэтэ киһи билбэт гына тубуста. Кыттааччылар манна икки сааланан олорон суруйуохтара, дьыктаан бибилэтиэкэ Историческай дьиэтигэр эмиэ икки сааланан ыытыллыаҕа.

Сахалыы дьыктааҥҥа сыл аайы туох эрэ саҥаны, сонуну киллэрэллэр. Ол курдук ааспыт сылларга Сахабыт сирин биллэр-көстөр ыытааччылара Олег Колесов-Талбан, Николь курдук дьон кэлэн, дьыктаан тиэкиһин аахпыттара, ютуб нөҥүө суруйууну киллэрбиттэрэ, олус астык тургутугу оҥорон куйаар ситиминэн тарҕаппыттара. Маныаха тыл үөрэхтээхтэрэ эрэ буолбакка, идэтиттэн, сааһыттан тутулуга суох дьон астына кыттыбыттара.

Дьыктаан көрдөрүүтэ куруук куһаҕана суох буолар, ол эбэтэр бастыҥ, үчүгэй сыанаҕа суруйаллар. Чуолаан сурук бэлиэтигэр сыыһаллар эбит: сирэй саҥаны бэлиэтээһин, кыбытык тылы, этиини араарыы, ханыы тыл суруллуута, этии биир уустаах чилиэннэригэр сурук бэлиэтэ, сиһилии араарыллыытын араастара уо.д.а.

Быйылгы сыл дьыктаана тиэрмиҥҥэ аналлаах буолуоҕа. Онон тиэрмиҥҥэ күүскэ үлэлэспит тыл үөрэхтээҕэ, поэт Г.В. Баишев-Алтан Сарыҥҥа ананыаҕа. Дьыктаан иннинэ хас биирдии саалаҕа учуонай туһунан кэпсиэхтэрэ. Тиэрмиҥҥэ аналлаах сорудахтар баар буолуохтара. Чуолаан нууччалыы тиэрминнэри сахатыппакка, сахалыы тылынан солбуйарга үлэ барарын бэлиэтиэххэ наада.

Бибилэтиэкэҕэ кэлэн суруйбут дьонтон ким хас сыананы ылбытын хаалларбыт нүөмэрдэригэр эрийэн биллэриэхтэрэ, суруйбут дьон туохха сыыспыта ыйыллыаҕа, добун суруктары, бэлэхтэри туттарыахтара.

Кэлэн билиигитин тургутуҥ, төрүт тылгытын өрө тутуҥ, сахалыы таба суруйарга дьулуһуҥ диэн ыҥырабыт. СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин кол-киинигэр 8(4112)455-855 эрийэн дьыктааҥҥа кэлэбит диэн суруттараргыт ирдэнэр.

 

Буолар сирэ: СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин сүрүн уонна Историческай дьиэлэрэ

Буолар күнэ: Олунньу 18 күнэ, 12.00 чаастан.


первые учебники.jpg

первые учебники два.jpg

WhatsApp Image 2023-02-12 at 23.47.29.jpeg

WhatsApp Image 2023-02-12 at 23.48.04.jpeg


XIX үйэ саҥатыттан саҕалаан тахсыбыт үөрэх кинигэлэрэ 


WhatsApp Image 2023-02-12 at 23.12.57.jpeg

WhatsApp Image 2023-02-12 at 23.12.50.jpeg

Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах кинигэ быыстапката






                                                                                                           СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин Медиакиинэ

Рубрики