Олоҥхо ыһыаҕар «Уһун тыыннаах ааҕыыга» 100 киһи кытынна
24.06.2022
Быйылгы Олоҥхо ыһыаҕар Үөһээ Бүлүүтээҕи киин модельнай библиотека «Уһун тыыннаах ааҕыы» диэн тэрээһини өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастакынан тэрийэн ыытта. Ол курдук 18 улуустан 100 киһи кэлэн, икки күн устата Былатыан Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» улуу олоҥхотун тохтобула суох дорҕоонноохтук ааҕан иһитиннэрдилэр.
«Уһун тыыннаах ааҕыыга» Саха сириттэн эрэ буолбакка, Москваттан, Алтайтан, Турцияттан тиийэ кэлэн кытыннылар. Биир ыраахтан кэлбит ыалдьытынан Анкара университетын тыл уонна история географическай факультетын научнай үлэһитэ Умид Шахин буолла.
Олоҥхо ыһыагын тэрээһиннэригэр үксүн биллэр артыыстар, олоҥхоһуттар, тойуксуттар, оһуохайдьыттар, норуот талба талааннаахтара кытталлар, күрэстэһэллэр, оттон бу уһун тыыннаах ааҕыыга боростуой үлэһит дьон, устудьуоннар, араас тэрилтэ салайааччылара, пенсионердар, библиотека, наука үлэһиттэрэ, үрдүк чыыннаах тойоттор, хотуттар олоҥхону дорҕоонноохтук аахтылар. Бу тэрээһиҥҥэ 19 саастарыттан 69-гар диэри 33 эр киһи, 67 дьахтар кытынна.
«Кэлэр ыһыахтарга биир эрэ буолбакка, хас да олоҥхо ааҕыллар кэмнэрэ кэлиэхтэрэ. Итинник буоллаҕына, олоҥхобут тылын-өһүн дьоҥҥо тириэрдиибит күүһүрүө. Оҕолор, ыччаттар, кэлэ-бара сылдьааччылар эмиэ олус сэргээн истиэхтэрэ. Онон бу олус кэскиллээх дьыала», - диэтэ ХИФУ профессора, тыл билимин дуоктара Иван Алексеев-Хомус Уйбаан.
Бу бырайыагы ааспыт сылга Үөһээ Бүлүү киин библиотекатын скверигэр аан бастакытын ыыппыттара, онно улуус тэрилтэлэрин салайааччылара – 36 киһи биир-биир кэлэн Ынта Никиитэ «Көр Буурай» олоҥхотун аахпыттар, тэрээһин үрдүк сэҥээриини ылбытын иһин, быйылгы Олоҥхо ыһыаҕын бырагырааматыгар киллэрэн, былырыын аахпыттартан бастыҥнары талан аҕалбыттар. Бу тэрээһиҥҥэ кыттаары, сорох улуустар бэйэлэрэ эрдэ күрэх ыыппыттар эбит. Марафону эһиил ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар – Өймөкөөн улууһугар туттардылар.
Бу курдук библиотека тэрээһинэ киэҥ далааһыннаахтык ыытыллан, ыһыахха кэлбит дьон бары даҕаны олоҥхону дорҕоонноохтук ааҕыыны көрдүлэр-иһиттилэр, салгыы «Уһун тыыннаах ааҕыы» үгэскэ кубулуйан, Олоҥхо ыһыаҕын ахсын ыытыллара былааннанар.
СӨ национальнай библиотекатын медиакиинэ
Рубрики