Бэйэни бэрэбиэркэлэнэргэ «Сахалыы дьыктаан» тиэкиһэ
Бу сир үрэҕин аатынан Дьэҥкир диэн ааттанар. Ол үрэх уһуга-муҥура биллибэт улуу сис хайаны икки аҥы тоҕо силэйэн, Таастаах диэн өрүскэ түһэр. Үрэх сүнньэ сорох сирдэринэн кэҥээн, быста-быста салҕанар субурҕа сыһыыланар, сороҕор манчаарылаах көлүччэлээх төгүрүк алаастанар, ардыгар, хайалар икки өттүттэн ыга киирэннэр, силбэһэ сыһаннар, туруору таас эркиннэргэ кэтиллэ-кэтиллэ, өрүтэ кыынньар. Төһө да дохсун сүүрүктэннэр, күүстээх күрүлгэннэннэр, бу үрэх уута ырааһынан, ама тэҥнээҕэ баар үһүө. Саамай дириҥэр киирбитиҥ да иһин, түгэҕин таастара субу дьэрэлиһэ сытааччылар. Ол иһин, бука, Дьэҥкир диэн ааттаатахтара. Уутун амтанын туһунан этимэ даҕаны. Киһи истэр иһэ туруох курдук. Искин-үөскүн бүтүннүүтүн сөрүүкэтэ халыйан, эккин-хааҥҥын чэбдигирдэргэ, эрчимирдэргэ дылы. Чааралаах, кыра оҕо сылдьан, сылайдаллар, аччыктааталлар эрэ, хайыр тааска тайанан, үрэхтэригэр умса түһэллэр. Ыймахтаан-ыймахтаан, тиистэрэ кыйдаҕына эрэ, тохтууллара уонна сылайбыттара ааһа охсон, эмиэ сырсан туорахтаспытынан бараллара.
Аллара, үрэх сыһыыларын ото-маһа кылгас сайын оройугар ситэн-силигилээн турдаҕына, ханнык бэйэлээх ырай сиригэр кэллим диэххэ айылаах. Уһун кыһыны чоҥкуйа кырыарбыт айылҕа, сааскы илгэлээх күн уота угуттаатаҕына, өрүһүспүт кэриэтэ, эмискэччи үлүгэр биир күн иһигэр, күөх торҕоҕо суулана түһэр. Туох суоҕай манна: мутукчатын кэрэ сытынан дыргыйар сымнаҕас тиит, кумахтаах үрдүк хордоҕойдорунан кылыйар сырдык субалаах бэс, өһөспүттүү аҥхайдар күлүктэрин былдьаһар өргөстөммүт харыйа, алаастар кытыыларыгар кылбаһыйар наҥнаҕар хатыҥ, иирэлэр, талахтар, эрбэһиннэр, кытыаннар, болбукталар. Манна бэл Саха сирин киин оройуоннарыгар үүммэт тирэхтэр бөлүөхсэллэр. Сыһыыларга, алаастарга сайын саҕаланыыта киһи ааҕан сиппэт дьэрэкээн сибэккитэ өрө үтэн тахсар. Ол дьиримнии оонньуур сибэкки долгунун көрө-көрө, бу буор сир үгүс да этиэхтэн кэрэ өҥү-дьүһүнү үөскэтэр эбит диэн сөҕөҕүн. Манна өссө чыыбаайы диэн кыһыннары хагдарыйбат дьикти күүстээх от баар дииллэр. Кыһыҥҥы бытархан тымныыга ол оту хаар анныттан хаһан аһыыр сылгылар, ырыахтааҕар, хата, уойан дьылы туорууллар үһү.
Софрон Данилов «Барымаҥ даа, кубалар» романыттан