Саха былыргы оонньуулара
СӨ Национальнай библиотекатын научнай үлэһитэ Ангелина Кузьмина көҕүлээн салайар Саха сиригэр төрүт олохтоох омуктар тылларын, култуураларын сырдатар, үөрэтэр уопсастыбаннай «Өбүгэ ыллыгынан» («По тропе предков») бырайыагын биэриитэ таҕыста.
Cаха төрүт оонньуулара өбүгэ мунньубут духуобунай баайын тиэрдэллэр. Дириҥник хасыһан үөрэтэр эбит буоллахха, үгүс оонньуу билигин умнуллубут. Биэрииттэн көрөөччү төрөөбүт норуотун үгэһин туһунан чиҥ билиини ылыаҕа. Былыргы оонньуулары хайдах оонньуур этилэрэй, ханнык оонньуулар баалларай, туох суолталаахтарай? Итини барытын бу биэрииттэн билиэххит. Оонньууларга түҥ былыргы мифологическай өйү-санааны, сиэри-туому, итэҕэли кытта ыкса ситимнээх кистэлэҥнэрин арыйыаххыт. Холобур, «Тойон» диэн оонньуу ыйытыы-хоруй халыыбынан оонньонор, кыыллар бэлиэлэринэн (зоосимволика) булчут уолаттары булка уһуйарга анаан сиэр-туом ыытар оонньуулара буолара сабаҕаланар. Көрүҥ, сэргээҥ, тарҕатыҥ, төрөөбүт тылгытын, үгэскитин үөрэтиҥ!
Биэрии сигэтэ