СӨ Национальнай библиотекатыгар «Сүр күүһэ» диэн ураты кинигэни сүрэхтээтилэр
Бүгүн, олунньу 21 күнүгэр, СӨ Национальнай библиотекатын историческай саалатыгар суруналыыс Людмила Ноговицына «Сүр күүһэ» («Сильные духом») диэн кинигэтин сүрэхтээтилэр. Кинигэҕэ дьылҕа-хаан ыарахан тургутууларын күүстээх санааларынан дьаныардаахтык туораан, киһини сөхтөрөр, кэрэхсэтэр дьон тустарынан кэпсэнэр. Кинигэ нууччалыы-сахалыы - икки тылынан, 200 экземплярынан тахсыбыт, 40 кинигэни балыыһаларынан түҥэппиттэр.
Бүгүҥҥү үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ кинигэ дьоруойдара: Саха сиригэр биллэр уопсастыбанньык, РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Иван Турантаев, Токиоҕа буолан ааспыт Паралимпиада кыттыылааҕа, аан дойду, Европа чөмпүйүөнэ Алена Дмитриева, кэлээскэнэн сырсыыга Арассыыйа чөмпүйэнээтин призера уонна кыайыылааҕа Марат Николаев, XXIII Сурдлимпиада оонньууларын чөмпүйүөнэ Василий Стрекаловскай ыалдьыттаатылар. Ону таһынан Ил Дархан сүбэһитэ Игорь Николаев, «Сахабэчээт» генеральнай дириэктэрэ Ньургуйаана Стручкова, «Забота Арчы» хаһыат сүрүн редактора Василий Мандаров, Ил Түмэн дьиэ кэргэн уонна уонна оҕо аймах дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алена Атласова, СӨ Профсоюзтарын федерациятын бэрэссэдээтэлэ Николай Дегтярев, устудьуон оҕолор уонна да атыттар тыл эттилэр, кинигэ ааптарыгар баҕа санааларын, махталларын тиэртилэр.
Кэлбит дьон эппитинэн, бу маннык кинигэ Саха сиригэр өтөрүнэн тахса илик эбит. Суруналыыс, ааптар Людмила Ноговицына үтүө санаатын, дьону кытта кэпсэтэр, алтыһар, көмөлөһөр, үтүө тылынан куруук күүс-көмө буоларын кэлбит дьон бука бары бэлиэтээтилэр.
«Людмила Дмитриевна - улахан уопуттаах, киэҥ билиилээх, дириҥник ырытан суруйар суруналыыстартан биирдэстэрэ. «Забота Арчы» хаһыакка кэлиэҕиттэн, хаһыат саҥа тыыннанна диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Ааҕааччылар кини суруйарын наһаа сөбүлүүллэр. Кини суруйуута куруук таһыма үрдүк уонна дириҥ ис хоһоонноох буолар. Бу тутан олорор кинигэбит киһи сүдү күүстээҕин, тыйыс айылҕалаах саха дьоно бэйэ-бэйэбитин өйөһүүбүтүн, түмсүүлээхпитин көрдөрөр. Эдэр дьоҥҥо туһаайан этиэхпин баҕарабын: аттыгытыгар баар дьоҥҥутун көрө-истэ сылдьыҥ, эһигиттэн, хас биирдии киһиттэн, олус элбэх тутулуктааҕын өйдөөҥ», - диэтэ «Сахабэчээт» генеральнай дириэктэрэ Ньургуйаана Стручкова.
«Сүр күүһэ» кинигэни меценаттар Семен Иванов, Иван Данилов, Петр Алексеев үбүлээн таһаарбыттар, нууччалыы тылбааһын Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэчээтин уонна култууратын туйгуна Елена Баишева оҥорбут.
Ил Түмэн, «Сахабэчээт» ааттарыттан кинигэ дьоруойдарыгар бэлэх, махтал суруктары туттардылар.
Людмила Ноговоцына кинигэ хайдах тахсыбытын туһунан кэпсээтэ. Ол курдук кини «Олоххо тулуур» диэн балаһаны уруккуттан суруйар эбит, бастакы дьоруойун 2000 сыллаахха биир дойдулааҕын Анатолий Жирков туһунан сырдаппыт.
«Анатолий оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, Бэйдиҥэттэн Бороҕоҥҥо хомсомуол мунньаҕыттан төннөн иһэн, массыына саахалыгар түбэһэр. Онно улаханнык эчэйэр, параличтыыр. Суорҕан-тэллэх киһитэ буолан, 30 киилэҕэ диэри ыран, өлө сыһар. Күүстээхтик эмтэнэн, дьарыктанан, кэлин ыал буолан, Уус Алдаҥҥа тутуу бөҕөтүн туттарбыта. Параличтаан баран 65 сааһыгар тиийбитэ. Аҕа саастаах дьоруойум чугас доҕорум буолбута, ааспыт сылга олохтон туораабыта. Өссө Айсен Иванов туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Кини эксээмэннэрин барытын туйгун сыанаҕа суруйан, интэриниэттэн хасыһан үөрэххэ киирэн, билигин үөрэнэрин таһынан үлэлиир эбит. Бу илиитэ да, атаҕа да хамсаабат, кыайан саҥарбат оҕо. Бары киниттэн холобур ылабыт. Аны Алена Дмитриеваны кытта кэпсэтэрбэр хайаан даҕаны ситиһиилэниэҥ, кытаат диэн эппитим. Онон дьоруойдарым ситиһиилэриттэн олус үөрэбин», - диэн кэпсээтэ.
Суруналыыс Людмила Ноговицына «Сүр күүһэ/Сильные духом» кинигэтэ бу уустук кэмҥэ ордук эдэр дьон, ыччат олоххо, сырдыкка тардыһарыгар көмө, тирэх буолуоҕа. Кинигэ кэлэр кэскили иитэр суолталаах.
СӨ Национальнай библиотекатын Медиакиинэ