«ХХI үйэ 21 эдэр суруйааччыта» саҥа кинигэ сүрэхтэниитэ
СӨ Национальнай библиотекатыгар кулун тутар 29 күнүгэр «ХХI үйэ 21 эдэр суруйааччыта» диэн саҥа кинигэ сүрэхтэниитэ улахан бэлиэ тэрээһин ааста.
Тэрээһини учуутал, эдэр поэт Рустам Каженкин-Арчы Уола иилээн-саҕалаан ыытта. Эдэр суруйааччыларга алгыс тылларын Саха Сирин суруйааччыларын Сойууһун бэрэссэдээтэлэ, Саха Сирин народнай поэта Наталья Ивановна Харлампьева, ону таһынан поэт, суруйааччы, литератураны ырытааччы, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта Семен Андреевич Попов (Тумат), кинигэни түмэн оҥорооччу, Россия суруйааччыларын Сойууһун сэкирэтээрэ, Саха Сирин суруйааччыларын Сойууһун солбуйааччы бэрэссэдээтэлэ, «Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрэ Гаврил Андросов уо. да а. эттилэр.
Наталья Харлампьева: «Литературабыт сайдар саҕахтара ыраастар, дьэҥкэрэн көстөллөр. Ол ордук бу хомуурунньугу сыҥайан аахтахха, хас биирдии ааптар айымньытын ыраҥалаан көрдөххө, ким туохха сананара, тугу ордук өрө тутара олоҕу хайдах ылынара өтө биллэр. Саха литературатын халыҥ тыатын кытыы ыллыгар киирбиккитинэн, айар үлэҕит тахсыылаах буоллун, аҕа табаарыстаргыт уонна ааҕааччыларгыт алгыстарынан ол ыллыккыт тэлгэннин! Литератураҕа сулууспаҕыт саҕаламмытынан!» - диэн, эдэр суруйааччыларга эҕэрдэ тылларын эттэ.
Уус-уран литература хомуурунньугар «XXI үйэ 21 эдэр суруйааччытын айымньыта киирдэ». 21 араас айар суоллаах эдэр дьону - поэттары, прозаиктары, драматурдары, оҕо суруйааччыларын, кириитиктэри «Эдэр суруйааччылар сүбэ мунньахтара» диэн өссө Сэбиэскэй кэмтэн ыла олохтоммут саха литературатын биир бэлиэ тэрээһинэ түмтэ.